Рубрика: Сир уоҕа
Ахтылҕаннаах сааспыт кэллэ. Сотору ньургуһун быкпытынан барыаҕа. Ньургуһун — сурукка киирбитинэн «прострел желтеющий» диэн. Ыам ыйыттан бэс ыйын саҥатыгар диэри ситэр. Ордук эмтээҕэ — саҥа быкпыт түүлээх төбөтө. Сибэккилиир кэмигэр уга, силиһэ, сэдэхтик эминньэҕэ туттуллаллар. Ньургуһун күүстээх дьааттаах. Ол иһин хомуйарга сэрэх ирдэнэр: мааска, ачыкы, эрэһиинэ бэрчээккэ кэтиллэр. Ордук аллергиялаах дьон сэрэниҥ! Саҥа хомуллубут ньургуһуну сиир, турбут уутун иһэр табыллыбат. Оһоҕоско, куртахха, бүөргэ, быарга омсолоох содуллаах, куһаҕаҥҥа кытта тиэрдиэн сөп. Сэрэхтээхтик тутуннахха күүстээх эмп буолар. Ириҥэлээх бааһы, быччыҥ, уҥуох, сүһүөх ыарыыларын аҕыныахтыыллар. Уутун ыган тирии ыарыыларыгар туһаналлар. Саба ууран хоннорумаҥ. Ньургуһун көөнньөрбөтүн таммаҕынан ууга суурайан олохсуйбут сөтөл, сэллик, аҕылас (астма), корь, коклюш, дьахтар ыарыыларын эмтииргэ иһэллэр. Бэл, искэн ыарыытын намыратарга туһаналлар. Сахалар, баралыыһы, ыарыылаах ыт ытырбытын кытта ньургуһунунан эмтииллэрэ.