Бу  сылга хаппыыстаны ханнык күннэргэ тууһубут? Хаппыыстаны туһуурга табыгастаах күннэр бааллар. Бу ыйыллыбыт чыыһылаларга тууһаатахха хаппыыста табыллар уонна минньигэс буолар дииллэр. Үгүс хаһаайка халлаан тымныйбытын кэннэ тууһуурун ордорор. Онон ханнык күннэргэ тууһаатахха ордук табыллыан сөбүн көрүөххэ.

Балаҕан ыйа: 7, 8, 9, 10, 12, 13, 16, 18, 19, 20, 21, 22, 23, 24, 25;

Алтынньы: 7, 9, 10, 18, 20, 22, 24;

Сэтинньи: 5, 6, 12, 13, 15, 16, 18, 19, 20, 23;

Ахсынньы: 7, 8, 9, 10, 11, 12, 16, 18, 20, 22, 23.

Тууһаммыт хаппыыста киһи доруобуйатыгар олус туһалаах. Иммунитеты бөҕөргөтөр, ис-үөс үлэтин тупсарар, куһаҕан клеткалары утары охсуһар. Саамай сүрүн уратыта – С битэмиининэн баай. Кини састаабыгар калий, кальций, магний, натрий, фосфор, железо, марганец, медь, селен, сера, фтор, цинк, йод бааллар. 100 г хаппыыстаҕа баара-суоҕа 25 ккал калорийдаах. Онон быһыыларын-таһааларын тупсарыан баҕалаахтарга олус үчүгэй ас буолар.