Рубрика: Айар кут

15/03/2023 г.

Сардаана Алексеева-Заболоцкая: «Саһарҕа» 2006 с. Гран-при хаһаайката, “Амазонкалар” коллекция; 2012 с. ыытыллыбыт Муода нэдиэлэтин “Лучший из лучших” наҕараада кыайыылааҕа, “Саламандра” коллекция; 2015 с. 11-с төгүлүн ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы «Русский силуэт” эдэр дизайнердар күрэстэрин Гран-при хаһаайката, “Нити времени” коллекция; 2015 с. Санкт-Петербург куоракка ыытыллыбыт «ЭтноМода IBEFF” күрэскэ “Этнические мотивы в современном костюме” номинация, “Нити времени” коллекция; 2021 с. ыытыллыбыт “Саха АРТ подиум «Августина» күрэс Гран-при хаһаайката.

Тоҕо хара Хаарчаана? Оптуобуска хайдах таҥныа суохтааххыный? Бу ыйытыылары сэҥээрбит буоллаххына дизайнер-модельер Сардаана Алексееваны кытта сэргэх кэпсэтиини ааҕаргар ыҥырабын.

Мин Сардааналыын кэпсэтээри дьиэтигэр тиийбитим. Кини кыра кыыһын кытта иккиэйэҕин олороллоро. Кырачаан киһи утуйа сытара, Сардаана «Саха НКИК» нөҥүө ыытыллар “Arctic Fashion Show-2021” муода көрдөрүүтүгэр кыттаары бэлэмнэнэн иистэнэ олороро. Кини остуолугар араас элбэх иистэнэр тээбирин уонна муус-маҥан бүтүннүү оҕуруонан киэргэтиллибит төбөҕө кэтиллэр киэргэл сытара. Мин хараҕым тута ол кэрэ оҥоһукка хатаммыта.

— Мин билигин дьыл түөрт кэмэ диэн коллекциябын бэлэмнии сылдьабын. Холобур, бу уобарас кыһыны көрдөрөр — үйэлэргэ ирбэт тоҥ саарыстыбатын араҥаччылыыр кыыс таҥаһа  буолар. Бу уобараска эрдэ бэйэм уруубар оҥостон кэппит соммун киллэрдим. Ол сонум эмиэ остуоруйалаах.

Ити 2015 сыллаахха этэ. Мин сэтинньи ыйга Санкт-Петербурга быыстапкаҕа кыттар буолбутум. Бу тэрээһиҥҥэ бараары тэринэ сырыттахпына, оччолорго билсэр уолум, билигин кэргэним Сулустаан эһиил үрдүк сыл буолар диэн, ыал буолар туһунан соһуччу этии киллэрбитэ. Онон олус түргэнник ылсаммыт ахсынньы 18 күнүгэр уруу малааһынын тэрийэр буолбуппут.

Мин ыксаан ууга-уокка түстүм, ол эрээри, хайаатар да, эргэ барар таҥаспын бэйэм тиктэбин диэн эрдэттэн ыра оҥостубут санаабын олоххо киллэрэргэ быһаарыммытым. Соммун кылгас кэм иһигэр, уруубут буолар сарсыардатыгар диэри тигэн бүтэрбитим. Маҥан өҥнөөх кырса түүтүтэн хаймыылаах, тулата  оҕуруонан киэргэтиллибит кылгас сон буолбута. Өссө бу сон иннинэ устудьуоннуур сылларбар хара өҥнөөх бүтүннүү оҕуруо сонноох этим.

Хата ол сон туһунан кэпсээ эрэ.

– Мин араастаан таҥнарбын сөбүлүүбүн. Маҕаһыынтан ылбыт ханнык баҕарар таҥаспын хайаатар да уларытан-тэлэритэн бэйэбэр табыгастаах гына оҥостооччубун.

Билигин оҕуруо киэргэллээх сон элбэх, оччолорго, мин тиктэрим саҕана, суоҕун кэриэтэ этэ. Бастаан утаа, туох да киэргэлэ суох хара сон тиктэр былааннааҕым. Онтон быһан-отон, тигэн барбыппар араас бөх-сыыс сыстыбыта көстө сылдьарын отой сөбүлээбэтэҕим. Ол иһин иннин-кэннин быыһа-арыта суох гына бүүс-бүтүннүү оҕуруонан киэргэппитим. Дьон хараҕар тута быраҕыллар, сиэдэрэй сон буола түспүтэ. Кылабачыйыы да кылабачыйыы. Бу сону кэтиэхпиттэн бииргэ үөрэнэр кыргыттарым, дьүөгэлэрим миигин Хара Хаарчаана диэн ааттаабыттара.

Арай биирдэ оптуобуска киирбиппэр биир саастаах соҕус саха дьахтара: «Оптуобуска маннык таҥастаах сылдьыбаттар, тоҕо эн маннык таҥна сылдьаҕын?» — диэн соһуппута. Испэр хайдах эрэ кыбыста санаабытым. Бу сон элбэх киһи болҕомтотун тарпыта. Эмиэ оптуобуска, онно-манна уочаракка турдахпына хайаатар да тыытан көрөллөрө. Дьахталлар кэннибэр: «Оҕуруо эбит», — диэн сипсиһэллэрин өйдүүбүн. Тыыннаах экспонат курдук сананарым. Бу соммун кэлин Москваҕа олорор балтыбар бэлэхтээбитим. Онно-манна мааныга кэтээччи. Билигин даҕаны олус сэҥээрэллэр үһү.

Тугу ордук сөбүлээн иистэнэҕин?

– Тугу барытын иистэнэбин. Киэргэллэри, хаппадары оҥорорбун ордоробун. Ханнык эрэ кэмҥэ түүлээх соҥҥо тиийэ тигэ сылдьыбыттаах[1]пын. Биир баҕа санаам — ураты этэрбэс айыахпын баҕарабын.

Хаһааҥҥыттан иистэнэр буолбуккунуй?

– Оҕо эрдэхпиттэн уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн уонна пластилинынан дьиэ ис бараанын оҥорор эбиппин. Холобур, балыыһа оҥорор буоллахпына туох баар миэбэлин систиэмэ туруупкатыгар тиийэ, эбэтэр хотон иһин ыллахха, куурусса сымыытын кытары — барытын кып-кыра гына оҥорорум үһү. Күнү супту да олоруохпун сөп этэ дииллэр төрөппүттэрим.

Онтон ийэбин үтүктэн сыыйа иистэнэр буолбутум. Сыахайдарга эҥин таҥаһы тигэрим. Кыра эрдэхпиттэн уруһуйга дьоҕурдааҕым, онон тохсус кылааһынан художественнай училищеҕа киирэммин Августина Филипповаҕа үөрэммитим. Кини миигин оҕуруонан иискэ уһуйбута.

Үөрэхпин бүтэрээт билигин А.Л. Штиглиц аатын сүгэр Санкт-Петербургтааҕы государственнай Художественнай-промышленнай академияҕа киирбитим.

Бу үөрэх кэмиттэн биир түгэни ахтыахпын баҕарабын: дьүөгэбин кытта бастакы паараҕа, эрдэ этиллибитин курдук икки гуашь, палитра уонна ватман кумааҕы илдьэ тиийдибит. Малбытын хостоон уруһуйдаары бэлэм турдахпытына преподаватель кэлэн: “Что вы тут детский сад развели, уберите”, — диэн хаһыытаан бытарытта. Биһиги соһуйан эрэ хааллыбыт, тулабытын көрүммүппүт — оҕолор бары биһиэннэринээҕэр икки төгүл улахан бааҥкаларга кутуллубут гуаштаахтара, уп-улахан палитралаахтара уонна икки ватман холбоммут холусталаахтара. Оннук үрдүк ирдэбиллээхтэр этэ. Билигин уруһуйдуурбун олус ахтар буоллум. Дьиэбэр анаан хартыына уруһуйдуохпун баҕарабын.

Арай иис буолбатаҕа буоллар, тугунан дьарыктаныаҥ этэй?

– Мин биир кэмҥэ интерьер дизайнерынан үлэлээбитим. Ону таһынан ювелир идэтин эмиэ сэҥээрэ сылдьыбытым. Ол эрээри, ииһим миэхэ син-биир эргиллэн кэлэ турар. Билигин оҕолорум кыра буоланнар дьиэбэр иистэнэбин. Кэлин мастарыскыай арыныахпын баҕарабын.

Төрүттэргэр иистэнэр дьон бааллар дуо?

– Ыраата барбакка эттэххэ, ийэм Капиталина Михайловна Алексеева иистэнэр. Кини барытыгар олус көхтөөх киһи. Сахалыы остуол оонньууларын сайыннаарыыга күүскэ үлэлэһэр, элбэх киһи кинини билэрэ буолуо. Билигин  талаҕынан чарт иһиттэри, сылгы сиэлиттэн дэйбиирдэри оҥортуур. Биһиги кинилиин олус майгыннаһабыт. Онно-манна тиийдэх — питинэ туох эрэ сытарын бэлиэтии көрөн тугу эрэ айа охсобут.

Мин бэһис кылааска үөрэнэр сылбар дьонум Бүлүү улууһун Илбэҥэ нэһилиэгиттэн Дьокуускайга көһөн кэлбиттэрэ. Ол кэмтэн куоракка олоробун. Ханна да соҕуруу, атын дойдуга барар санаам суох. Дойдубун олус таптыыбын уонна ийэлээх аҕабар мэлдьи махтанабын. Барытыгар күүс-көмө буолар, арчылыыр-араҥаччылыыр дьонум кинилэр, ону таһынан кэргэним, аймахтарым, чугас доҕотторум куруутун өйөбүл буолаллар. Киһи төрөөбүт төрүт сирэ-уота, дьоно-сэргэтэ күүс-уох биэрэр диэҥҥэ итэҕэйэбин.

Бу бүтүннүү оҕуруо таҥаһы-сабы хайдах тулуйан-тэһийэн олорон оҥороҕун?

– Иистэнэр кэммэр мин төттөрүтүн уоскуйабын уонна сынньанабын. Музыка да, телевизор да холбообоппун. Уу-чуумпуга иистэнэбин. Саҕалаабыт үлэм түмүгүн көрө охсоору түүннэри-күнүстэри төһө баҕарар олоруохпун сөп, аһыырбын-утуйарбын умнабын.

Биирдэ соҕуруу эдэр модельер — дар күрэстэригэр кыттыбытым. Онно күрэхтэһии түмүктэммитин кэннэ дьүүллүүр хамыыһыйа чилиэнэ миэхэ ыйытыы биэрдэ: “Сколько у тебя рабов?” Мин соһуйан хааллым. Барытын бэйэм тиктим диэн хайдах баарынан эттим. Киһим туох да иһин итэҕэйбэтэҕэ. Оннук син биир итэҕэйбэккэ хаалбыта.

Күрэстэргэ, көрдөрүүлэргэ бараргар хайдах тэринэҕин?

– Бэйэҥ моделларгын илдьэ сылдьаҕын дуо? Оннук эбитэ буоллар олус үчүгэй буолуо этэ. Ити мин баҕа санаам. Бэйэм кыргыт — тарбын илдьэ баран, санаабытым курдук баттахтарын, сирэйдэрин оҥотторуом этэ. Дьыалатыгар оннук буолбатах. Кыр — гыттар араас модельердар таҥастарын кэтэ-кэтэ киирэн уларыттан иһэллэр. Мин таҥастарбын кэтэрдэрбэр элбэх бириэмэ ирдэнэр. Быата-туһаҕа, кура, бэргэһэтэ… Ону кэтэннэр түргэнник уһула охсуохта — ахтар, ол иһин наар ыксал буолан хаалар. Модель кыргыттар куруутун махтанал — лар, астыналлар, хаһан да маннык кэрэ уобараһы кэтэ иликпит диэччилэр эмиэ ба — аллар. Итинник биһирииллэрэ хас биирдии айар-тутар киһиэхэ олус күндүтүк иһиллэр. Инникитин өссө араас тэрээһиннэргэ кытты — ахпын баҕарабын. Ол туһугар күүстээх үлэ, үп-харчы ирдэнэр. Син биир баҕа санаала — рым туолуохтара диэн бүк эрэнэбин. Сыанаҕа тахсар биллэр-көстөр дьоммут тупсаҕай көстүүлээх мааны таҥастарыгар Сардаана тикпит үгүс үлэлэрэ бааллар. Өссө элбэх үлэтин социальнай ситимҥэ  @sardana_aleseeva_ диэн аатынан булан  көрүөххүтүн сөп.

 

Юлия ПЕСТРЯКОВА