Рубрика: Сир уоҕа
Хортуоппуйу көрүүгэ-истиигэ М. Н. Андросова — Ионова сүбэлэрэ. Хортуоппуйу олордон баран өр кураан буоллаҕына, иккилии хортуоппуй икки ардынан улахан мас тоһоҕонон сири дьөлүтэ анньан, ол тоһоҕо оннугар уу кутаҕын. От, бурдук үүнэр сайыныгар хортуоппуйга уу букатын наадата суох. Хортуоппуй ото үс-түөрт илии буоларын кытта, табыйарынан сирин үчүгэйдик табыйан, үүнэн эрэр оту, эрбэһини ыраастыахтааххын. От, эрбэһин оҕуруот аһыгар наадалаах сир сиигин быйаҥын супту оборон ылар. Табыйдахха сирэ эмиэ көбдөрүйэр, сахсайар. Дьэ ити кэнниттэн биирдэ, хортуоппуй ото арсыын аҥарыгар тиийэн эрдэҕинэ көмөллөр. Отун алдьаппакка, биирдии тутуу хаалларан кэтит, үрдүк, томтоҕор гына көмүллэр. Оттон отун үчүгэйдик арыйыта тардаҕын. Оччоҕо тыал, салгын, ардах уута хортуоппуй силиһигэр тиийэ киирэн, элбэх, бөдөҥ аһы биэрэр.