Рубрика: Сир уоҕа

01/02/2024 г.

Бэҕэһээ тохсунньу ый тиһэх күнэ. Ол аата, соҕуруу халлаантан Хотой Кыыл көтөн кэлэн, уйатын хаардаатаҕа. Чаҥырҕаан Тымныы оҕуһун чаҕытан аҥар муоһун тоһуттаҕа. Саас чугаһаан оҕуруот олордорго бэлэмнэнэбит. Онуоха, 1925 с-ха сүрүн аспытын хортуоппуйу олордорго бэлэмнэнии туһунан М. Н. Андросова — Ионова суруйбут сүбэлэриттэн билиһиннэриэм.


Сирин бэлэмнээһин. Хортуоппуйу саха сиригэр бэрт өртөн олордоллор. Кумах ардайдаах күн көрөр үрдүк сиригэр ордук үчүгэй амтаннаах, хойуу астаах, буһардахха минэ барымтыа буола үүнэр. Сири Бөтүрүөп иннинэ тиэрэн кэбиһиллэр. Ол кэннэ, күһүн ынах сүөһү киитин ардайа суох халыҥ гына тэлгэтэн баран суханы алта бөрсүөк дириҥник түһэрэн таттараллар. Сорох сир кумаҕа суох кытаанах буолар онно сүөһү ходулун үгүөрүтүк киигэ холбоон тэлгэтэҕин уонна эмиэ таттараҕын. Үчүгэйдик тарыыр сөп. Саас эмиэ таттараҕын. Хортуоппуйу уу тохтуур сиригэр олоппоккун. Кэдэн сир буоллаҕына, уутун хорон түһэрэҕин. Эргэ тиэргэни маҥнайгы сылыгар киинэн уоҕурдубаттар, түөрэн кэбиһэллэр. Саас сир сымнаатаҕына таттаран баран, ириитэ, хаһыҥ түспэт буолтун кэннэ олордор үчүгэй.

Салгыы суруйуом.