“Хотой” брэнд диэн ааттаах сахалыы таҥаһы тигэр тэрилтэ туһунан истибит, көрбүт буолуохтааххыт. Бу дьоҕус эрээри, дьоһун сыаллаах-соруктаах тэрилтэ  хаһаайыттара эдэр ыал  Ольга уонна Евгений Неустроевтар. Баара-суоҕа үс сыллааҕыта  арыллыбыттар диэтэххэ,  дьон “Хотойдор тикпит таҥастара” диэн тута билэллэр.  Ааттара да этэрин курдук, хотой кыыл кыырай халлааҥҥа супту-сурулаан көтөн тахсарыныы,  хотойдор тэтимнээхтик бэйэлэрин  суолларын-иистэрин булан эрэллэр диэтэхпинэ, бука, алҕаһаабатым буолуо. Бүгүн тэрилтэ хаһаайкатын  Ольганы кытта кэпсэттим.  Кини Нам улууһун Модут нэһилиэгиттэн  төрүттээх, худуоһунньук-дизайнер үөрэхтээх.

Ольга, эйигин  соторутааҕыта  олохтоох ханаалбытыгар «Сэһэн сирэ» (14.01.2022) диэн биэриигэ  көрбүтүм. Онно оҕо сааһын уустук кэмнэрин туһунан аһаҕастык кэпсээбитиҥ. “Кыра сылдьан  үгүс ыарахаттары көрсүбүт оҕолор улаатан баран ордук ситиһиилээх, олоххо тардыһыылаах буолаллар. Ол иһин, нууччалыы эттэххэ, оҕолоргутун наһаа гиперопекалаамаҥ” диэн этээччилэр дии. Ол аата күүстээх санаалаах, хорсун, үлэһит дьон буола улааталларыгар, оҕо эрдэхтэриттэн   тургутууну ааһаллар буоллаҕа дии. Эн онно  сөбүлэһэҕин дуо?

– Биһиги көлүөнэ  Сэбиэскэй Сойуус үрэллибитин кэннэ, дойдубутугар ыһыллыылаах-тоҕуллуулаах, олус дьалхааннаах  90-с сыллар сабардаабыт кэмнэригэр  улааттахпыт дии. Онно холоотоххо  сайдыылаах үйэ  оҕолоро  олох атыттар. Кинилэр биһигиннээҕэр  быдан  ситиһиилээх буолуохтара дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ,  Интэриниэт үйэтигэр  куйаартан ылар  билиилэрэ олус киэҥ. Төлөпүөннэрин арыйдылар да  Аан дойду ханнык баҕар муннугар тиийэр, ааспыт үйэ  олоҕун сэгэтэн көрөр кыахтаахтар.    Билигин бэйэм оҕолорбуттан наһаа сөҕөбүн ээ. Ону-маны ыйыттахпына тута хоруйдуу түһэллэр, билэллэрэ-көрөллөрө элбэх буолар.   Холобур, 14 саастаах улахан кыыһым  “Ютубка” уйулҕаҕа  сыһыаннаах,  олох холобурдарын көрдөрөр тэттик устуулары   көрөрүн сөбүлүүр. Алталаах  уолум  кыыл-сүөл, айылҕа туһунан  документальнай киинэлэри ордорор.  Оттон биһиги саҕана оннук кыах суох этэ буоллаҕа дии. Төһө да ааспытын иһин, ордук  тыа олоҕор  олус  ыарахан кэм этэ. Мин элбэх оҕолоох ыал саамай улаханнара буолабын, бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт. Аҕабыт тырахтарыыс, ийэбит ыанньыксыт этилэр. Оҕо эрдэхпиттэн  күүскэ үлэлээтэхпинэ эрэ тот сылдьабын диэммин толкуйдуур буолбутум. Туох эрэ улахан үлэһит эбэтэр биллиилээх-көстүүлээх  эҥин буоларга дьулуспат этим. Дьон тэҥэ  тот эрэ сылдьыахпын баҕарарым. Кистээбэккэ эттэхпинэ дьонум аһыы утаҕы амсайар этилэр,  ол иһин  дьонтон итэҕэстээх курдук  сананарым. Ол иһин да буолуо,  оҕолорбор тугу баҕаралларын ыла сатыыбын. Уруһуйдуохпутун  баҕарабыт диэтэхтэринэ,  кырааска арааһын ылабын. Оттон миэхэ  баҕарбытым да иһин,  биир  харандаас баҕалаах  этэ.

Ол да буоллар, улааттаххына ким буолуоххун баҕарар этигиний?

– Оскуоланы бүтэрэн баран бастаан  сиэстэрэ оттон быраас  идэтигэр  үөрэниэм дии саныырым. Ол эрэн, испэр артыыс буолуохпун наһаа  баҕарар этим. Төрөппүттэрим арыый кыахтаах, мин баҕабын, санаабын учуоттуур дьон эбиттэрэ  буоллар, баҕар артыыс үөрэҕэр  ыытыахтара эбитэ   дуу. Оччолорго   Намҥа барар  бырайыаспыт   да суоҕа. Ол иһин,  саатар Намнааҕы педучилищаҕа (билигин колледж) туттарсыам дии саныырым. Син бэккэ  уруһуйдуур этим.  Оттон аҕам уруһуйга айылҕаттан талааннаах киһи этэ. Уруучуканан  дьон  бэртириэтин  хаартыска  курдук  түһэрэн ылбыт буолааччы.  Дьиҥэ,  үөрэҕэ суох хара үлэһит  этэ буоллаҕа дии. Бу санаатахха талаана кэйиэлиир, илиитэ кыһыйар эбит. Аны ыраас кумааҕы кэлиэ дуо, хаһыат кытыытыгар Сталин эҥин бэртириэтин туох баар мэтээлигэр тиийэ уруһуйдаабыт буолааччы.   Ону көрөн наһаа сөҕөр этибит. Аҕам талаана миэхэ бэриллибитин  НПУ-га   туттарсан киирэн бараммын  өйдөөбүтүм. Тоҕо диэтэххэ,  араас уруһуй оскуолаларыгар үөрэммит, бэлэмнээх  оҕолору кытта тэҥҥэ туттарсыбытым.   Харандаас уларсан, типография кумааҕытынан   альбом оҥостон онно уруһуйдаан бараммын,  сирэйэ-хараҕа суох илдьэн  көрдөрбүтүм. Билигин санаатахха наһаа күлүүлээх. Ол саҕана үөрэххэ киирэр баҕам баһыйан,  төбөм син  үлэлээтэҕэ  дии.  Дьиҥэ, тастыҥ эдьиийбин кытта мэдэссиинэ үөрэҕэр туттарсар кыахтаах этибит.  Иккиэн оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммиппит. Эдьиийим сиэстэрэ  үөрэҕэр киирбитэ, оттон мин харчым, олорор сирим суох буолан  хаалбытым.  Онтон атын баҕар үрүҥ халааттаах аанньал, быраас буолуом этэ. Ол эрэн, билигин атын идэлээхпиттэн, үлэлээхпиттэн олох кэмсиммэппин. Дьылҕам суола   бу “Хотой”  бренд  тэриллэр быатыгар арыый атыннык салалыннаҕа  буолуо.

Оттон иискэ эйигин ким  сыһыарбытай? Ол туһунани кэпсии түс эрэ.

– Ийэбинэн  эбэм иистэнньэҥ этэ, ордук түүлээҕинэн иистэнэрэ. Сайын аайы биһиэхэ  олорон, дьон  үлэҕинэн ону-маны  тигэрэ. Инньэ гынан, эбэм иистэнэрин  көрөн улааппытым. Ол эрэн, киниэхэ  наһаа чугас буолбатах этим, ордук аҕам ийэтин ордорорум.  Ол иһин да буолуо, улаханнык  сыстыбатаҕым. Көтүрэригэр эҥин ыҥыран ылан  көмөлөһүннэрэрэ.

НПУ-га   иис уһуйаана диэн баара  онно   үөрэммитим, ирдииллэрин барытын тигэр этим. Ол саҕана   иистэнньэҥ буолуом диэммин түһээн да баттаппатах буоллаҕым дии. Училищаны   бүтэрэн баран  үрдэтинэн худуоһунньук буолар баҕалааҕым.  Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтугар туттарса сатаабытым да кыайан киирбэтэҕим.

Кэлин дьон “НПУ-ну бүтэрбит киһи  сатаан тигэр инигин” диэн үлэх биэрэр буолбуттара. Ол курдук,  үтүлүктэн саҕалаан оскуола пуормаларын, былаачыйалары тигэр буолбутум.  Тоҕо эрэ маннык таҥастары тигэрбин  сөбүлээбэт этим, билигин даҕаны соччо астыммаппын.  Бу кэмҥэ  үөрэхпин бүтэрэн дойдубар олорбутум. Онно оҕо хамсааһынын тэрийээччинэн, ыччат  лидерынан  үлэлээбитим. Онтон кэргэн тахсан  Намҥа  көһөн  баран,  учуутал үлэтин булбатаҕым. Инньэ гынан,  дьиэ да сууйбутум, асчыттаабытым, атыыһыттаабытым, харабыллаабытым. Хара үлэ диэн араарбакка барытын үлэлээбитим, хаһан да үлэтэ суох сылдьыбатаҕым.  Ол быыһыгар иистэнэрбин тохтоппотоҕум. Онтон кулуупка артыыстар оонньуур таҥастарын бэлэмнээччи (костюмер) миэстэтэ тахсыбытыгар онно киирбитим.  Үлэбин наһаа сөбүлээбтим. Мантан ыла  сахалыы таҥаска сыстан барбытым. Бэйэм ньэмиэт  оҥорон, ону уларытан-тэлэритэн   дьэ таппытым. Сорох иистэнньэҥнэр устан ылаллар эбит.  Мин кимтэн да устубакка,    барытын бэйэм оҥорбутум. Билигин да ол ньэмиэттэрбинэн  тигэ  сылдьабын.  Оннук гынан  сахалыы таҥаска илиим бара турар буолбута. Атын таҥаһы тигии миэхэ улахан дуоһуйууну аҕалбат. Сахалыы эрэ таҥаска анаммыт  курдукпун, ону эрэ тигиэхпин баҕарабын.

Бэйэ дьыалатын арыныы хаһан баҕар  уустуктардаах. Эн туох санааттан көҥүл барарга быһаарыммыккыный?    

– Бастакы кэргэммиттэн арахсан баран куоракка көһөн кэлбитим, иккистээн олохпун оҥостубутум.  Дьиэбэр олорон  дьон үлэҕинэн  иистэнэрим, онон эрэ дьарыктаммытым. Оннук  биэс сыл курдук  ааспыта.  Үчүгэйэ диэн  оҕолорбун бэйэм көрбүтүм.  Улаатар  кэмнэригэр  куруук аттыларыгар   баар этим. Ол кэмҥэ биллэр дизайнердар миэхэ тиктэрэллэр этэ.  Таҥастарын  мадыалын айан, ньэмиэттэрин  оҥорон, матырыйаалын,  өҥүн-дьүһүнүн   барытын талан биэрэрим. Ону кэргэним «наар дьоҥҥо үлэлиигин, бэйэҥ талааҥҥын  туһаммаккын. Кинилэр таҕыстылар ахан дии, оттон эн аатыҥ ааттанна дуо? Бэйэҥ да  өссө үчүгэйдэри айан таһаарыаххын сөп” диирэ. Быраатым эмиэ  “ааккын-суолгун оҥостуоххун  наада” диэн куруук кигэр этэ. Санаан көрбүтүм  төһөлөөх элбэх таҥаһы тикпитим буолуой, ону айбыт таҥара эрэ билэн эрдэҕэ.   Араас кэллэктииптэргэ,   ырыаһыттарга… Мин илиибинэн килэмиэтирэнэн таҥас ааспыта. Ол тухары аатым да ааттаммат, саатар  “Норуот маастара” аатын ылыам дуо?  Оттон атыттар биир-икки таҥаһынан быыстапкалары кэрийэн   биллэллэр ахан.   Тоҕо мин  үлэм  таах хаалыахтааҕый диэммин  кыһыйа санаабытым. Балачча өр ымпыгын-чымпыгын толкуйдаан, ааҕан-суоттаан бараммын,  барыстаах   уонна  бэйэм кэннибиттэн хаалларар үлэлээх буолар эбиппин     диэммин, арынарга быһаарыммытым.

«Хотой» бренд диэн ааккытыгар ордук эр киһи нэҥирэ баһыйар курдук. Бу ааты хайдах таллыҥ?

Биир киэһэ иистэнэ олорон сылайаммын аралдьыйа таарыйа  сурунаал көрбүтүм.  Онно  көхсүгэр хотойдоох соҥҥо хараҕым хатаммыта. Хата,  бэлэм логотип сылдьар эбит дии санаабытым. Хотой харысхал бэлиэтэ, онон тэрилтэбит маннык ааттаах  буолуохтаах диэммин быһаарбытым. Кэргэммэр кэпсээбиппэр олус  астыммыта.  Бастаан  эр дьоҥҥо  тигэн саҕалыыбыт диэн толкуйдаабыппыт. Тоҕо диэтэххэ, эр дьон  күннээҕигэ, ыһыахха кэтэригэр аналлаах таҥас атыыга   суоҕун кэриэтэ. Хара хомсуолтан ураты киһи  талара  суох курдук.  Ордук халадаай арааһын тигэллэр уонна дьахталлар бэйэлэрэ да тиктэрэллэр.  Ол иһин,  ааппыт  онно барсар  диэммит талбыппыт.

Саха сиригэр  биир бизнеһи тутар кэргэнниилэр  тарбахха баттанар аҕыйахтар диэммин бэлиэтиибин. Сорох эр дьон ойохторо тахсаары гыннаҕына таҥнары тардар, соччо-бачча өйөөбөт түгэннэрэ баар  буолар, ол кистэлэҥ буолбатах. Оттон эйигин төттөрүтүн эрин  тылыгар киллэрэн, итэҕэтэн бэйэ дьыалатын арыннаххыт дии.   Кини туох идэлээх, тугу үлэлиир-хамсыыр киһиний? Билиһиннэр эрэ.  

– Кэргэним Евгений миигин  өйөөбөтөҕө буоллар  олорбутум курдук  олоруом этэ. Кини  орто юрист үөрэхтээх, дьиэ өрөмүөнүнэн  дьарыктанар урбаанньыт. Тэрилтэбит улаатан сүүрэрэ-көтөрө элбээтэ, докумуонун оҥоруута, илдьии-таһыы  барыта кини үрдүнэн.

Бастакы кэргэмминээн олус ыараханнык олорбуппут.  Наһаа да эрэйдэммитим, ытаабытым-соҥообутум. Онно аһыы утах эмиэ буруйдаах этэ. Бэйэм да сыыһалааҕым буолуо. Ол сылдьан  куруук Таҥараттан көрдөһөр этим: “оҕо сааспар сөптөөҕүн эрэйи-муҥу көрбүтүм, баһаалыста миэхэ үчүгэй олоҕу көрдөрүүй…” диэммин. Онтум туолан бэйэ-бэйэбитигэр барсар дьон булсан ыал буоллахпыт дии.  Кэргэмминээн тыл быһаҕаһыттан өйдөһөбүт, олус  тапсабыт.  Түгэнинэн  туһанан доҕорбор  улахан махталбын, тапталбын биллэриэхпин баҕарабын. Кини баар буолан сөбүлүүр дьарыкпынан үлэлии-хамныы сылдьар дьоллоохпун.

Бүтэһик үс сыл иһигэр урбаанньыттар улахан тургутууну аастылар. Биллэн турар, бары буолбатах сорохтор «умайдылар».  Ол  кэми хайдах туораатыгыт?

– Биһиги 2019 сыллаахха арыллыбыппыт уонна кылгас кэм үлэлээн  баран хамсык хаайтарыытыгар   түбэспиппит. Икки сыл Ыһыахпыт буолбатаҕа. Инньэ гынан,   “минустан” кыайан тахсыбакка үлэлии олорбуппут. Кыра да буоллар үлэхтэр  киирэ турбуттара. Онон үлэһиттэрбитигэр хамнастарын хойутаппакка кэмигэр төлөөн испиппит.   Ол иһин, “тыыннаах” хааллыбыт дии саныыбын. Дьоммутун ыһан  кэбиспиппит буоллар, эстибиппит ырааппыт буолуо этэ.

Аныгы үйэ урбаанньыттара ордук  социальнай ситим нөҥүө үлэлииллэр. Биллэр биричиинэнэн саамай тарҕаммыт «Инстаграм» ситимтэн мата сыстыбыт.  Арай, vpn (впн)  диэн сыһыарыы суох буоллун, хайдах үлэлиир  былааннаах этигитий?

– «Инстаграм»  сүтэр  кутталламмытыгар   наһаа санаарҕаабытым. Ол эрэн, “Вконтаке”  да үлэлиэхпит диэн санаалааҕым. Онно да дьон киирэн иһиэхтэрэ  диэммин эрэллээҕим. Билигин кыахпыт биллэ аччаата дии саныыбын. Маннык уустук кэмҥэ бары өттүнэн сайдыы тохтуур. Биһиги кэлэр уонча сылга  атын ырыынакка тахсарбыт ыарахаттардаах буолла.  Оннук   кэмнэр аны хатыламматтара  буоллар.

Төһө элбэх үлэһиттэрдээххитий? Бизнес барыстаах буоларыгар үлэһиттэр улахан оруолу ылаллар. Эһиги кинилэри таһаарыылаах үлэҕэ хайдах   көҕүлүүгүт?

– «Сахабулт» тэрилтэ «Чэпчэки бырамыысаланнас кластера» диэни арыйан наһаа абыраата. Олохтоох оҥорон таһаарар урбаанньыттар «Сахабулт»  ыскылаад-маҕаһыыныгар,   удамыр сыанаҕа  миэстэ  уларсан үлэлиир кыахтанныбыт. Онно  биир иистэнньэҥмит,  хонтуорабыт  уонна дьоҕус маҕаһыыммыт баар. Уопсайа догобуорунан сэттэ үлэһиттээхпит. Биэнсийэлээх уонна  оҕолоругар олорор кэрэ аҥаардары ыла сатыыбыт. Дьиэлэригэр олорон иистэнэллэр, ыйга  40 тыһ солк  үөһэ хамнаһы аахсаллар.  Бэйэм  эмиэ дьиэбэр иистэнэбин.

Сахалыы тыыннаах таҥас-сап, иһит-хомуос арааһа элбээтэ. Ол, биллэн турар,  күрэстэһиини үөскэтэр. Эһиги  ханнык хайысханы тутуһан үлэлиигит уонна уратыгыт туохха сытарый?

– Биһиги тигэр  таҥаспыт туспа “буочардаах”. Дьон “Хотойдар таҥастара” диэн тута  билэр. Ону таһынан,  таҥас састаабыгар, өҥү дьүөрэлээһиҥҥэ, хаачыстыбаҕа улахан  болҕомтону уурабыт. Хас биирдии тигиллибит таҥас хаачыстыбатын барытын бэйэм көрөбүн. Туох эмэ кыра сыыһалаах буолла да уларытабыт.  Оҕолорго уонна эр дьоҥҥо ордук дьиҥнээх (натуральнай), оттон   дьахталларга шифон, шелк курдук матырыйаалларынан  тигэбит. Тус бэйэм ордук   сырдык өҥнөрү сөбүлүүбүн.  Арааһа, оҕо эрдэхпинэ таптал, араас чаҕылхай түгэннэр тиийбэтэхтэр быһыылаах диэммин сабаҕалыыбын.  Айылҕа өҥнөрүн эмиэ сөбүлүүбүн. Матырыйаалбытын атын куораттан  үлэһэбит,   мантан эмиэ ылабыт.

Сахалыы таҥас сайыҥҥы эрэ кэмҥэ уһулуччу суолталаах курдук.  Оччотугар  кыһын устата атыыга  тугу  таһаараҕыт? Ону таһынан, чуолаан эдэр кыргыттар халадаайы  аһара аныгылатан тиктэрэллэрин туох дии саныыгын?

– Төгүрүк сыл үлэлиибит. Кыһыҥҥы кэмҥэ  арыый халыҥ матырыйааллартан  күннээҕигэ кэтиллэр  таҥастары   таһаарабыт. Дьахталларга   былаачыйалары, дьууппалаах уонна үрдүлээх көстүүмнэри, оттон эр дьон ырбаахыны куруук ылаллар. Ол курдук, ааспыт кыһын таһаарбыт кэллиэксийэбит  бүтүннүү атыыга барбыта. Ону таһынан, дьон үлэҕинэн эмиэ тигэбит.   Сорох дьон  “Бохо” истиил  диэн буккуйаллар. Биһиэнэ оннук буолбатах ээ. “Бохо” диэн киэҥ-куоҥ, салыбырастаах-илибирэстээх таҥастары этэллэр.

Оттон халадаайы аныгылатан тигиини утарбаппын.  Былыргы моһуоннаах халадаай  урукку хаартыскалар, түмэллэр  баалларын тухары олох сүтэн, симэлийэн хаалыа  суоҕа. Биһиэхэ  олох былыргылыы быһыылаах хаһыаччыктары, халадаайдары   тиктэрээччилэр. Эдэр кыргыттар  эмиэ хаһан эмэ  кырдьыахтара буоллаҕа дии. Кинилэр даҕаны  уруккулуу  моһуоннаах халадаайга  төннүөхтэрэ дии саныыбын. Миэхэ эбэм хаһыаччыга баар, Ыһыахтарга ону  кэтэбин.

Эн санааҕар сахалыы таҥаһынан Аан дойду подьиумугар тахсар кыахтаахпыт дуо?

– Үчүгэй үбүлээһин олохтоноро буоллар биһиги даҕаны тахсыа этибит дии саныыбын. Саха маастардара аатырбыт модельердартан туох да  итэҕэһэ суохтук айаллар, тигэллэр. Холобур, аатырбыт  «Dolce & Gabbana» бренд модельердара аҥаардас талааннарынан эрэ тахсыбыттара буолуо дии саныыгыт дуо?  Дольче дьоно бу бренд сайдарын туһугар туох баар хамсыыр-хамсаабат баайдарын атыылаан туран харчы укпуттара.  Оттон “Chanel” бренды айбыт Габриель Шанель  баай араҥаччылаах этэ. Кини үбүлээн таҕыстаҕа дии. Онон туох барыта харчыга кэлэн иҥнэ турар.   Биһиги бары  киэн туттар, ытыктыыр, худуоһунньук-модельербыт Августина Филиппова саха дьоно хайдах курдук  талааннааҕын, Аан дойду таһымыгар  тахсар   кыахтааҕын   дакаастаата дии саныыбын. Ким билэр, инникитин баҕар  кыаллыа.

Эһигини уу сахалыы эйгэлээх эдэр ыал диэммин көрөбүн.  Дьиэ кэргэнинэн тутуһар туох эмэ үгэстээххит дуо? Оҕолоргутун сахалыы ааҕарга, төлөпүөн оборчотуттан   харыстыырга  туох үлэни ыытаҕыт?

– Үгэстэр туһунан этэр буоллахха,  оҕолорбут төрөөбүт күннэрин ылабыт. Сайын аайы бары  айылҕаҕа тахсабыт, сөтүөлүүбүт, сынньанабыт.  Оҕолорбор улахан ирдэбилэ суох ийэбин.  Булгуччу  оҥоруохтааххыт  эҥин диэммин ыкпаппын-түүрбэппин. Оннук гынан көҥүллүк иитэ сатыыбын.  Биллэн турар, бастаан бэйэм санаабын этэбин онтон   оҕом баҕатын, кини толкуйун истэбин.  Баҕарабат буоллаҕына күүспүнэн оҥотторо сатаабаппын. Ол иһин, биһигини кытта  холкутук кэпсэтэллэр, «ийэбит, аҕабыт  кыыһырыа»  диэн куттамматтар.  Сөбүлээбэттэрин тута аһаҕастык этэллэр. Оҕо-оҕо курдук сүрэҕэлдьииллэрэ ханна барыай?  Ону “булгуччу иһиккитин  сууйуохтааххыт, дьиэҕитин  хомуйуохтааххыт” диэммин ирдээбэппин, ол аайы кыыһыран испэппин.  Төлөпүөҥҥэ олороллорун эмиэ боппоппун. Син биир хаһан эмэ хал буолуохтара.  Улахан кыыспыт сахалыы саҥарар. Орто  кыыспыт уонна  уолбут   өйдүүллэр. Сахалыы кинигэлэри куруук атыылаһабын онон дьарыктанабыт. Киэһэ утуйаары сытан сахалыы тыллары этэбин, ону нууччалыы тылбаастыыллар. Ити курдук,  кыра –кыралаан үөрэтэбин. Улаатан да баран  төрөөбүт тылларынан холкутук саҥарар буолуохтара дии саныыбын. Орто кыыспытын  нуучча уһуйааныгар биэрэн  сыыстарбыппыт. Онно сылдьан  нууччалыы эрэ саҥарар буолан хаалбыта. Оттон  уолбут кыра эдьиийин кытта  ордук бодоруһар. Инньэ гынан,   кини  эмиэ  “нуучча” буолан  хаалбыта. Өйдөһөр тыллара  ол эрэ буоллаҕа дии. Билигин   сахалыы уһуйааҥҥа сылдьар. Киһибит сахалыы ыллыыр эҥин буолан эрэр.

Хас биирдии киһи бу олоххо туох эрэ соруктаах  кэлэр буоллаҕа дии. Оттон эн соругун туохханый?

– Саамай сүрүн соругум  этэҥҥэ сылдьан оҕолорбун атахтарыгар туруорбут киһи диэн. Онтон тэрилтэбин  сайыннаран, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ  хаалан иһэр улахан ааттаах-суоллаах  бренд оҥоруохпун баҕарабын. Күннээҕигэ кэтиллэр сахалыы моһуоннаах таҥастары хамаҕатык тигэн  тарҕатыам. Кэлин атын  хайысхалары эмиэ тобулан көрүөм. Холобур, сахалыы истииллээх дьиэ малын-салын (декор), мебеллэри,  иһити-хомуоһу о.д.а. атыылыыр  холбоһук маҕаһыыны арыйыахпын баҕарабын.

Аныгы үйэҕэ “мотивация” диэн тылы үгүстүк истэбит. Оттон эйигин туох көҕүлүүрүй?  

– Миигин дьон көҕүлүүр. Холобур, Горнайга баран Августина  Филипповалыын   билсибитим, кэпсэппитим, кини үлэлиир  дьиэтин-уотун, хайдах  уруһуйдуурун көрбүтүм миигин олус  көҕүлүүр. Ону таһынан,  “Чороон XXI үйэ” тэрилтэ хотуна  Софья Попова,  дьону хайдах   түмэн  үлэлэтэрэ  киһини сөхтөрөр.  Уонна Модут курдук кыра дэриэбинэттэн,   борустуой ыалтан  талааннаах да киһи тахсыбыт эбит дэтээри буолуо.

Ситиһии диэн тугуй? Эн  бу күҥҥэ төһө ситиһиилээххиний?

– Дьоҕус ситиһиилээхпин дии сананабын.  Кыайыы-хотуу    өссө да иннибэр турдаҕа дии. Кинигэ да суруйуом, археологическай хаһыыларга булуллубут былыргы таҥастары сөргүтэн тигиэм…  Онон былааным киэҥ.    Бэйэм кэннибиттэн  туох  эрэ үйэлээҕи  хаалларыахпын баҕарабын. Бу эйгэҕэ бэйэм суолбун буллум дии саныыбын.

Ольга, истиҥ кэпсэтииҥ иһин махтанабын.  Үлэҕитигэр-хамнаскытыгар  өрө үүнүүнү баҕарабын.

 

Венера Охлопкова