Рубрика: Ийэ муннуга

19/12/2023 г.

Дьахтар эр киһитээҕэр ордук дьоллоох диэтэхпинэ сөбүлэһиэ этигит дуо? Ол дьол тугунан кээмэйдэнэрий диир буоллаххытына, кэрэ аҥаардар  оҕо төрөтөн аҕа ууһун тэнитэр  аналлаахтар.  Ким эрэ эдэр сааһыгар, сорохтор  орто саастарыгар чугаһаан баран ийэ буолар дьолун  билэллэр. Оттон мин дьоруойдарым дьиэ кэргэннээхтэр, оҕолордоохтор. Түөрт уон саастарын ааһан баран өссө   оҕоломмут   хорсун  санаалаах далбар хотуттар.  Кинилэртэн   тоҕо хойут  оҕолонорго быһаарыммыттарын, туох ыарахаттары көрсүбүттэрин,  бастакы оҕолоругар тэҥнээтэххэ туох уратылааҕын уо.д.а. туһунан туоһуластым. Ону таһынан түөрт уонча сыл акушер-гинекологынан үлэлии   сылдьар бырааһы кытта кэпсэттим. Идэлээх киһи   санаатын, сүбэтин-аматын туһаныаххыт диэммин эрэнэбин.    

 Күн аайы кыраттан үөрэҕин-көтөҕүн

Бастакы дьоруойум 44-гэр үктэммит Ньурба кыыһа Светланна Таайко диэн. Кини кэргэннээх, 11 уонна  3 саастаах кыргыттардаах. Светланна санаатын маннык үллэһиннэ: “Кэргэмминээн “конфетнай-букетнай”  кэммитин быһалыы көтөн  билсибит  ыйбытыгар   хат буолбутум. Ону тиэстэниэм эҥин иннинэ    түһээммин   эрдэ билбитим.  Төрүүр сааһым ааспыта  эҥин диэн саарбаҕалааһын, куттал төрүт  суоҕа.  Өссө биирдэ  ийэ буолар  кутум уһуктан  дуу,  эдэр кыыс курдук таптал уотугар умайан  көтүөхпүн кынатым эрэ  суоҕа.  Кэргэним икки улахан уолаттардаах буолан,  кыыс оҕоҕо наһаа  баҕарар этэ. Ыарахан буолбуппун эппиппэр бастаан итэҕэйбэтэҕэ. Оттон улахан кыыһым  хомойбута. Аҕыһыгар диэри иккиэн эрэ олордохпут дии. Ол иһин, күнүүлээбитэ да буолуо. Билигин оҕолорум олус  иллээхтэр, үчүгэй баҕайытык тапсан оонньууллар, бэйэ-бэйэлэрин   наһаа суохтаһаллар.

Ыарахан сылдьыбыт  кэмим чуолаан бүтэһик ыйдарга сылаалаах этэ. Балыыһаҕа да сыта сылдьыбытым. Ол эрэн  киһи кэмсинэрин курдук буолбатах. Онно  үгүстэрэ  40-тан лаппа тахсыбыт дьахталлар  этэ.  ЭКО  көмөтүнэн ийэ буолаары сылдьар кэрэ аҥаардар эмиэ бааллара.  Тус бэйэм  таҥара биэрдэҕинэ оҕолонуом, суох буоллаҕына  суох диэн санаалааҕым. Бастакы кыыспын 32-бэр төрөөбүтүм. Хата,  ол кэмҥэ  сааһыран баран оҕоломмут курдук санаа баара. Тоҕо диэтэххэ,  дьон бары “хайа, хаһан оҕолоноҕун? Сааһыҥ ыраатта, хойутаары гынныҥ” диэн  ыххай да ыххай   буолаллара. Быраастар  эмиэ  “старородящая” диэн саастаах дьахтарга курдук сыһыаннаһаллара. Инньэ гынан, төрөөн баран  “һуу, хата сааспын баттаһа оҕолоннум” дии санаабытым. Ол кэнниттэн  өссө оҕолонор, кэргэн тахсар   да былааным  суоҕа. Иккис кыыспын эмиэ Мэдэссиинэ киинигэр төрөөбүтүм.  Манна  мин сааспыттан улаханнык иҥнибэтэхтэрэ, миигиннээҕэр саастаах дьахталлар эмиэ бааллара. Учуокка турарбар  “оҕоҕун хааллараҕын дуу, суох дуу?” диэн  уонна   төрөөбүтүм  кэннэ “баайабыт дуо?” диэн  ыйыппыттара.

Хойут оҕолонуу уратыта диэн, дьахтар  доруобуйата наһаа  өр чөлүгэр түһэрэ дии саныыбын. Ол эрэн миэхэ бастакы оҕобор эмиэ оннук этэ.  Куруук сэниэм суох, илиилэрим-атахтарым  утуйа сылдьаллар, сиһим быста сыһар, аны  уойан баран ыран испэтэҕим. Уопсайынан,  киэсэрэбэнэн оҕоломмуттар бытааннык    оннуларын булаллар быһыылаах.  Ол да буоллар,  хойут оҕоломмут дьахтар   өйүнэн-санаатынан бэйэтин саастыылаахтарыттан  эдэр курдук буолар эбит.  Кыра оҕону эккирэтэр төһө да сылаалааҕын  иһин,    күн аайы кыраттан үөрэҕин-көтөҕүн.   Сорох ардыгар  саастыы кыргыттарым төлөпүөннэрин хаһа-хаһа  сыталлара буолуо  диэммин, сылаабыттан ымсыыра санааччым.

Билиҥҥи балысхан үйэҕэ  оҕолорум  эйэлээх, бигэ олоххо олоруохтарын баҕарабын. Таҥара  “бу дьахтар кыахтаах эбит” диэтэҕинэ өссө оҕо биэриэ, суох буоллаҕына суох. Үчүгэй туруктаах дьахталлар  хойут оҕолоноллор дии саныыбын. Өскөтүн эйиэхэ оҕо  үөскээбит буоллаҕына — саарбахтаама. Оттон сатамматаҕына  санаарҕаама, олох оҕонон эрэ муҥурдаммат”.

Сорохтор кыра киһилээхпитин  билэн  соһуйаллар

Иккис дьоруойум Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Антонина Захарова буолар.   Кини  Геокультурнай сайдыы институтун  үлэһитэ: «Кэргэмминээн Прокопий Афанасьевичтыын   ыал буолбуппут быйыл  22-с сыла. Үс кыыс оҕолоохпут: бастакы кыыспыт Күннэй устудьуон, орто кыыс Саина  8-с  кылааска үөрэнэр оттон кырабыт Сардаана үстээх. Икки оҕолонон баран күнүстэри-түүннэри  үлэ үөһүгэр түспүппүт, дьиэ-уот оҥостор аакка сылдьыбыппыт. Биирдэ өйдөммүппүт сааспыт ыраатан эрэр эбит, инньэ гынан, оҕолонорго быһаарыммыппыт. Ол эрэн,  баҕарбыппыт курдук   тута табыллыбатаҕа. Хайыахпытый,  сааһырбыт эбиппит дэспиппит. Ол курдук, үлэбэр умса түһэн  сырыттахпына эмискэ  төбөм, сиһим ыалдьар буолбута. Бүөрүм моһуоктаата быһыылаах диэммин көрдөрүнэ тиийбиппэр, ыарахан буолбуппун эппиттэрэ. Биһиги соһуйуу, үөрүү бөҕөтө буоллубут.  Саас эҥин туһунан  таһыччы умнан кэбистибит, бачча кэлбити оҕолонобут диэн буолла. Күүтүүлээх тоҕус ыйым   бастакы оҕолорбор тэҥнээтэххэ  арыый ыараханнык ааспыта. Үксүн балыыһаҕа көрдөрүнэн тахсыбытым.  Харыстыырбыт бэрт буолан чугас дьоммутуттан ураты кимиэхэ да кэпсээбэтэхпит уонна бэйэм даҕаны кистии соҕус сылдьыбытым. Билиҥҥэ диэри сорохтор кыра киһилээхпитин  билэн  соһуйаллар.

Оҕолорбун үһүөннэрин киэсэрэбэнэн төрөөбүтүм. Онон быраастар кэтэбиллэригэр   сылдьыбытым. Хойут оҕоломмут дьахтар  дууһалыын эдэригэр түһэр дииллэрэ сөп эбит. Холобур, мин  43 саастаахпын диэн олох санаммаппын. Өссө ситиһиилээхтик үлэлиирим-хамсыырым туһугар,  доруобай, чөл туруктаах сылдьыахтаахпын   диэн   сыал-сорук туруорунабын. Оҕом  балтараатыгар номнуо үлэбэр тахсыбытым.

Оҕобор олорор кэммэр  социальнай ситим  нөҥүө  хойут оҕоломмут кэрэ аҥаардары кытта билсэн  бассаапка бөлөх  арыммыппыт. Бу бөлөхпүн  наһаа сөбүлүүбүн.  Манна араас эйгэҕэ үлэлиир кэрэ аҥаардар  бааллар, холобур,  култуураҕа, бэлиитикэҕэ, суруналыыстыкаҕа, урбаанньыттар, хаһаайкалар. Бары чугастык дьүөгэлэһэн оҕолорбутун кытта бииргэ сынньанабыт, араас  бырааһынньыктары   бэлиэтиибит.

Кэргэмминээн оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн сахалыы  тыыҥҥа,  сиэри-туому,  үгэстэри тутуһарга  үөрэтэбит. Биэс  саастарыттан хомуска оонньуурга уһуйабын, ыһыахтарга бииргэ сылдьабыт, айылҕаҕа куруук  тахсабыт.  Сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар хайаан да дэриэбинэҕэ тахсан  эбээлэригэр,  эһээлэригэр күүс-көмө буолаллар. Саамай сүрүнэ   бэйэ-бэйэбитигэр, төрөппүттэрбитигэр сыһыаммытынан үөрэтэбит. Ону көрөн оҕо  таптыырга, убаастыырга, чугас дьоннорунан  киэн туттарга үөрэнэр дии саныыбын. Кырабытын  аһара атаахтаппат буола сатыыбыт.  Оҕо куһаҕаны-үчүгэйи  билэ улаатыахтаах.  Оҕолорбут  этэҥҥэ  үөрэхтэнэн,  үлэлэнэн  дьоһун ыал ийэлэрэ  буолуохтара  диэммит эрэнэбит. Оҕо диэн дьол буоллаҕа дии, онон куттаммакка, олорор усулуобуйаҕытыттан, доруобуйаҕытыттан көрөн төрөөҥ. Оҕолоргутун иллээх дьиэ-кэргэҥҥэ бэйэҕит  холобургутунан иитиҥ, чөл олохтонуҥ».

Эдэр эрдэхпиттэн  оҕону түһэртэриини  утарабын

Онтон үһүс дьоруойум Уус Алдантан  Марианна Бурцева, 55 саастаах, Суотту орто оскуолатын учуутала: “Биһиги Бурцевтар дьиэ кэргэн түөрт оҕолоохпут.  Улахаттарбыт   үлэһит  дьон, кыыспыт уонна орто уолбут   ыаллар, оҕолордоохтор. Мин эдэр эрдэхпиттэн  оҕону түһэртэриини олох утарабын.  2009 сыллаахха үлэбиттэн биир сыллаах уоппуска ылан баран эһиилигэр ыарахан буолбутум. Оҕо үөскээбитин дьылҕам бэлэҕэ дии саныыбын. Оҕолорбор барыларыгар ыарахан сылдьар кэмим үчүгэйдик ааспыта. Бастакы оҕобор эрэ кыратык  токсикозтаабытым  уонна  кырабар кыыркаҕым кыынньар этэ. Эдэр сылдьан тигинэччи туохха барытыгар сылдьарым. Оннооҕор сир астыырбын  эҥин тохтоппотоҕум.  Оттон кырабар ыарахан   сылдьан күөлгэ сөтүөлүүрбүн наһаа сөбүлүүр этим. Инньэ гынан, атаҕым  улаханнык ыалдьыбатаҕа уонна  куйаас күҥҥэ сөрүүкээн абыранарым. Бороҕоҥҥо икки нэдиэлэ буола-буола ыҥыраллара.  Киһи аара төрүөх айылаах суоллаахпыт, онон  айаннаа да айаннаа буолбутум. Оҕолонорум  саҕана Мэдэссиинэ киинигэр ыыппыттара.   Онно  ыйы быһа куруорт курдук  сыппытым. Хата,  уруһуйдааммын аралдьыйарым. Кэлин наһаа өр сытартан сүрэҕэлдьээн, дьиэбин да ахтан,  аны суол сабыллаары турар кэмэ буолан олох иннэ үрдүгэр олорбутум. Инньэ гынан,  бүтэһик поруомунан дьиэлиир курдук  киэсэрэбэҕэ сөбүлэһэн оҕоломмутум.  Быраастар наһаа үчүгэйдик сыһыаннаспыттара.  Оҕолорум, дьонум-сэргэм  бары  үөрэ көрсүбүттэрэ.

Аныгы үйэҕэ оҕону иитии   уустуктардаах буолла диэн этиэхпин баҕарабын. Оҕо  ийэтин-аҕатын,   дьиэлээхтэрин кытта төрөөбүт тылынан кэпсэтэн улаатыахтаах  дии саныыбын. Хомойуох иһин, ол оннугар тэлэбиисэргэ, төлөпүөҥҥэ соҥнонуу элбээтэ. Онтон сылтаан оҕо нууччалыы тылланара баар суол. Саатар  биирдэригэр  диэри сахалыы араадьыйаны  эҥин  холбоон, саха тылын иһитиннэрэ сылдьыахха баар этэ.   Кыратыттан нууччалыы мультиктары, ютубу көрбүт  оҕо мэйиитигэр сахалыы саҥа   иҥэн  испэтэ чуолкай.  Оннооҕор   үһүгэр диэри сахалыы тылламмыт оҕо    оскуолаҕа киирэригэр «һ» «ҕ» дорҕооннору  кыайан саҥарбат  буолар эбит. Манна ыал аҕата улахан оруоллаах дии саныыбын. Кини ирдэбилинэн  дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт тыл олохсуйуохтаах уонна сахалыы ырыа-тойук баарын тухары тылбыт симэлийбэт ини диэммин эрэнэбин. Биһиги кыра уолбут  нууччалыы саҥаран  истэҕинэ «туох диэтиҥ?» диэн   тылбаастатан  сахалыы саҥарар оҥорбуппут.

Ону таһынан,  күнү быһа төлөпүөҥҥэ, көмпүүтэргэ   олорон,   хамсаабат буолан уойаллар, былчыҥнарын сайдыыта, сымса буолуулара мөлтүүр эбит. Инньэ гынан, кырабынаан сыл аайы айылҕаҕа тахсабыт, байдаарканан устабыт, сүүрэбит-көтөбүт, дуоһуйа кэпсэтэбит. Хойут оҕоломмут дьахтар   эдэригэр түһэрэ кырдьык.  Оҕоҥ улаатыар диэри иитии, аһатыы, таҥыннарыы эппиэтинэһэ сүктэриллэр буоллаҕа дии. Онно мэйииҥ үлэлииригэр, хамсанаргар  тиийэҕин, эдэримсийэҕин. Түгэнинэн туһанан быраастарбар Туйаара Романовнаҕа, Екатерина Павловнаҕа уонна Мичил Николаевичка улахан махталбын тиэрдэбин.

Оҕону күн сирин көрдөрүү   хайа баҕар сааска улахан эппиэтинэстээх 

Салҕыы 39-с сылын акушер-гинекологынан үлэлиир үрдүк категориялаах  бырааһы,  «Туймаада клиник» ХЭТ сэбиэдиссэйин Ульяна Романовна  Новгородованы кытта кэпсэттим.

– Орто саастарыгар чугаһаан эрэр  кэрэ аҥаардар оҕолонорго быһаарыммыт буоллахтарына,  бастаан туохтан саҕалаан бэлэмнэнэллэрий?
Мин кыргыттары  саастарынан араарбаппын.   Ыал буолбут дьон   хайаан да  иккиэн бэрэбиэркэлэниэхтээхтэр. Ол курдук, терапевт, гинеколог, уролог быраастарга сылдьан сүбэ-ама ылыахтаахтар. Хат сылдьар кыргыттар Доруобуйа министиэристибэтин  1130 №-дээх бирикээһин  чэрчитинэн бары   биир бэрэбиэркэни ааһаллар. Удьуордуур ыарыыларга анаалыстары туттараллар, оттон 35-тэн үөһэ саастаахтар  эбии генетическэй сүбэ-ама    ылаллар.  Оҕону күн сирин көрдөрүү   хайа баҕар сааска улахан эппиэтинэстээх.  Оҕо биир бырааптаах, кини доруобай төрүөхтээх. Ону ийэлээх-аҕата ситиһиэхтээхтэр.

Эдэр сааска уонна хойут оҕолонуу, ыарахан сылдьыы  уратылааҕа буолуо дии?
–  Ийэ буолуу  сааһыттан тутулуга суох  долгутуулаах дии саныыбын. Үөһэ этиллибит бирикээс чэрчитинэн, хас биирдии ыарахан  дьахтарга былаан 12, 19-21, 30 нэдиэлэтигэр  оҥоһуллар. Хаһан,  хайа  стационарга киирэрэ кытта быһаарыллар. Доруобуйаларыгар орто уонна үрдүк кутталлаах кэрэ аҥаардарга   акушер-гинеколог быраастар  эбии былаан оҥороллор. Туспа гыраапыгынан   кэккэ боппуруостары  эрдэттэн   быһаараллар. Ол  түмүгүнэн элбэх ийэ, оҕо тустаах көмөнү ыла тураллар. Сүҥкэн үлэни  акушер-гинекологтар оҥороллор.  Тус бэйэм кэллиэгэлэрбэр улахан махталбын тиэрдэбин.

40 сааһын  ааспыт дьахтар    бастакытын оҕолонор түгэнигэр тугу этиэҥ этэй?

–– 40 саас диэн моһол буолбатах.  Маннык түгэҥҥэ туох эрэ   куһаҕаны күүтэр эбэтэр аһара долгуйар наадата суох. Хайа да кэмҥэ   дьон  хаһан, хас   оҕолонорун   бэйэтэ быһаарара, билигин да оннук. Ол эрэн,  кэлин  хойутаан төрөөһүн элбээтэ. Бу биир өттүнэн  сөп курдук. Дьон бэйэтин кыаҕын, усулуобуйатын учуоттанар.  Ол эрэн, доруобуйа өттүнэн мэһэй баар буоллаҕына, туох да иһин  төрүү сатыыр уустуктардаах буолуон сөп. Бу түгэҥҥэ үгүс  консилиумнар, быраастар хамыыһыйалара тэриллэр. Онно дьахтар   хайаан да төрүүбүн диир буоллаҕына, сөптөөх быһаарыныыны ылынарыгар чугас дьоно    көмөлөһөрө тоҕоостоох. Сорох  ыарахан түгэҥҥэ,  ыарыыларга, ханнык да  мэдэссиинэ тэрилтэтэ, быраастар кыайан көмө оҥорбот балаһыанньалара  баар буолуон сөп.  Манна  икки өттүттэн өйдөһүү ирдэнэр. Доруобай кыргыттар быраас сүбэтин толоро сырыттахтарына, бу кэми этэҥҥэ  ааһаллар. Ыарахан  буолуу ыарыы буолбатах, бу дьахтар саамай  дьоллоох  кэмэ диэтэхпинэ, бука, алҕаһаабатым буолуо.  Оттон   саҥа ийэ буолаары сылдьар  кыргыттары,  төрүүр  наһаа ынырык диэн куттуур эбэтэр аһара бүөбэйдиир   соччото суох.  Кинилэргэ сөптөөх  сыһыан,  күүс-көмө, сүбэ-ама  буолар ордук.

Оттон айылҕа сокуонунан  табыллыбат буоллаҕына, ЭКО туһалыа дуо?

– ЭКО көмөтүнэн элбэх  дьиэ кэргэн оҕолонор  дьолун биллилэр. Айылҕа сокуонунан  табыллыбат буоллаҕына, ЭКО көмөтүнэн туһанар тоҕо сатаммат буолуоҕай? Маннык  технология сайдан төрүүр саас лаппа улаатта диэххэ сөп.

Сорох дьахталлар оҕолонуохтарын баҕараллар эрээри, ыарыһах оҕону төрөтүөхпүт диэн куттанар буолуохтаахтар. Манна тугу этиэҥ этэй?
Хомойуох иһин, доруобуйаларыгар дьиэктээх оҕолор төрүүллэрэ баар суол.  Кэргэнниилэр оҕо үөскүөн үс ый инниттэн, профилактикаланар сыалтан фолиевай кислотаны (400  мкг)   иһиэхтээхтэр. Ону таһынан,  хаан туттаран  фолиевай кислота, ферритин, Д битэмиин, кальций, магний төһөтүн билэр, ууһуур уорган ыарыытыгар  бэрэбиэркэни барар тоҕоостоох. Хааҥҥа тимир аҕыйах буоллаҕына,  оҕоҕо кислород тиийбэккэ утуйар   эбэтэр оҕо ыйааһынын ылбат, эрдэ итэҕэс төрүүр о.д.а. Ол араас  ыарыылар, дьиэктэр  үөскүүллэригэр  дьайыан сөп.  Саастаах дьонтон даун ыарыылаах оҕолор төрүүллэрэ эмиэ баар суол. Онон эрдэттэн көрдөрүнүҥ, бэрэбиэркэлэниҥ.

Хойут оҕоломмут дьахтар эдэригэр түһэр дииллэрэ кырдьык дуо?
 Хас биирдии  дьахтарга   оҕо күүтэр кэмигэр  доруобуйатыгар  сүрдээх элбэх уларыйыы буолар. Тупсаллар бөҕө буоллаҕа дии. Ол  аҥардас төрөөһүнтэн эрэ буолбатах. Дьахтары дьиэ кэргэнин, чугас дьонун өйөбүлэ,  көмөтө  эмиэ  кынаттыыр. Күнү быһа оҕотун кытта  олорор, дьиэ-уот бүппэт түбүгэ   кини үрдүнэн буоллаҕына, аанньа аһаабакка, сынньаммакка  сылдьар ийэ хантан тупсуой? Декреккэ олоруу  диэн   оҕону ийэ үүтүнэн аһатыы, үһүгэр диэри көрөр-истэр  саамай эппиэтинэстээх кэм. Онон эр дьон, улахан оҕолор   дьиэттэн куотан хаалбакка, ийэлэрин  сынньатыахтарын, күүс-көмө буолуохтарын  наада. Бэйэм  түөрт  оҕолоох буоламмын бэркэ билэбин.

 

Эн санааҕар оҕону хаһыгар диэри эмтэрэр ордугуй?
Оҕоҕо ийэтин  үүтэ   саамай туһалаах  ас буоларын бары билэбит.  Онон  оҕо иккитигэр  диэри  ийэтин эмэрэ ордук. Дьахтар төрөөт да  оҕотун кыраапыга суох төһө көрдүүрүнэн эмтэрэн иһиэхтээх.  Ону таһынан, үс ыйыгар диэри түүн эмтэрэр туһалааҕа дакаастанан турар. Алта ыйыгар ийэтин эмэр оҕоҕо уу иһэрдиллибэт. Тоҕо диэтэххэ, ийэ үүтэ 82-90 %  уу.   Ийэ кэмигэр аһыыра, утуйара, сынньанара  ирдэнэр. Күнү быһа атаҕар, үлэ үөһүгэр  сылдьар буоллаҕына,    үүтэ аччыыр бөҕө буоллаҕа дии. Ол оҕо доруобуйатыгар охсуулаах буолар. Оҕо алта  ыйыгар диэри ийэтин эрэ үүтүнэн аһыырын ситиһиэхтээхпит. Оччоҕо улааттаҕына  куртах, үөс, ноор, оһоҕос  ыарыыларынан  эрэйдэниэ  суоҕа. Онон кытаатан  ону тутуһа  сатааҥ.

Түмүккэ  оҕолонуохтарын баҕарар ыалга, кэрэ аҥаардарга тугу сүбэлиэҥ этэй?

Эрдэттэн былааннанан, быраас бэрэбиэркэтин ааһан,  этэҥҥэ  280 хонук ыарахан сылдьан  доруобай оҕону төрөтүҥ, тэнийиҥ диэн баҕа санаабын этэбин.  Кэрэ аҥаардар күүтүүлээх тоҕус ыйгытын   эппиэтинэстээхтик илдьэ сылдьыҥ, оҕоҕут сүрэххит анныгар баар эрдэҕиттэн таптааҥ, 4-5 ыйгытыттан саҕалаан  кэпсэтиҥ, ыллааҥ, кинигэтэ  ааҕыҥ.  Оҕо барытын  истэ сылдьарын өйдөөҥ. Оттон эр дьоҥҥо  этиэм этэ, кэрэ аҥаардаргытын   харыстааҥ, дурда-хахха, эрэллээх доҕор буолуҥ. Оҕону түһэртэриигэ тиийбэт инниттэн  харыстаныҥ,  төрүөхтээх оҕолоргут уйаларын  алдьаттарымаҥ. Кыра  киһи этэҥҥэ  улаатарын, сайдарын  көрөртөн ордук дьол  суоҕа буолуо.

Ульяна Романовна, кэпсээниҥ иһин махтанабын.

 

Венера Охлопкова