Рубрика: Айар кут

20/03/2023 г.

“Лилась его речь, полная своеобразной поэзии,

сверкая лучами неожиданно ярких сравнений и метафор,

унося слушате­лей в далекий заколдованный мир сказок и чудес…

В смелых порывах слышались призывы к чему-то светлому,

бодрому и радостному”

Фиолетов Ю. Под звуки непогоды.

“Якутский край” №16, 30 августа 1907г.

БҮГҮҤҤҮ “ДАЛБАР ХОТУН” СУРУНААЛ ЫАЛ­ДЬЫТА ОЛОҤХОҺУТ, САХА РЕСПУБЛИКАТЫН “ОЛОҤХО ТЕАТРЫН” АРТЫЫСКАТА, САХА КУЛЬТУРАТЫН ТУЙГУНА ВАСИЛИНА БАЛА­НОВА — КЭРЭМЭС ЛЫҤКЫР.

Бэйэтэ олоҥхолуур, оруолларынан кыттар, быһа тардан толорор олоҥхолоро: “Дуо Бухатыыр” М.Ф.Шараборин-Кумаарап, “Кыыс Дэбилийэ бухатыыр” Н.П.Бурнашев, “Оҕо Тулаайах” В.О.Каратаев, “Эрбэхчэй Бэргэн” В.Г.Исаков, “Сылгы уола Дыырай Бу­хатыыр” Тоҥ Суорун, “Кулун Куллустуур” И.Г.Тимофеев-Теплоухов, “Күн Эрили буха­тыыр” Н.И.Степанов-Ноорой, “Дьырыбына Дьырылыатта” П.П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ, “Бэриэт Бэргэн” П.Охлопков-Наара Суох.

Биһиги үлэлиир 303 хоспут аана, Аал Луук мас арылларыныы холкутук эрээри, “маннык буолуохтаах” диэбиттии, итэҕэтиилээхтик арылынна. Онуоха, киһи кутун-сүрүн тутар, эдэрчи, номоҕон саха хотун дьахтара эйэҕэс куолаһынан “дорооболоруҥ!” диэбитинэн намыын-намыыннык наскылдьыйан, миннь­игэс-минньигэстик мичилийэн киирэн кэллэ. Мин кинини: “ханна эрэ көрбүтүм ээ” дии санаатым. Онтон дьэ өйдөөн кэллим: 2011 сыллаахтан НВК “Саха” күөх экраныгар оҕо аймах кутун туппут “Биһикчээн” уонна “Эр­кээйи” диэн биэриилэр тахсыбыттарын. Ону, сааһыгар холооно суох оттомноох, сайаҕаһа туттуутугар-хаптыытыгар, сирэйигэр- хараҕар, саҥатыгар-иҥэтигэр олорсо сыл­дьар, лоп-бааччы кэпсээннээх-ипсээннээх кыыс ыытара. Кини көстөр буолуоҕуттан оҕо биэриилэрэ сэргэхсийбиттэрэ уонна ордук са­хатыйбыттара. Сотору “Биһикчээн” — “Бастыҥ биэрии” буолбут диэн эмиэ истибитим. Бу ситиһии Василина Баланова айар дьоҕуругар тирэнэрэ. Маны таһынан кини: “Ымыычаан”, “Уу-чукучук”, “Күлүмэн” курдук биэриилэргэ редакторынан үлээбит.

Күндү ааҕааччыларбыт, ити курдук, күндү ыалдьыппытын “Биһикчээнинэн” сирэйдээн хараххытыгар көрөн олоруҥ диэн ыҥырабын уонна ыалдьыппыт олоҥхо далааһыннаах ай­аныгар хайдах туруммут кэпсээнин дуоһуйа ааҕыҥ.

— ВАСИЛИНА ВАСИЛЬЕВНА, КИМТЭН КИИННЭЭХХИН, ХАНТАН ХААННААХХЫН?

— Төрөөбүт дойдум, Өлүөхүмэ улууһун саамай кэрэ сирэ — Кыыллаах Арыы. Онно 1980 сыллаахха ыам ыйын 3 күнүгэр күн сирин көрбүтүм. Төрөөбүт араспаанньам Торговкина, билигин кэргэмминэн Балановабын. Аҕам Василий Васильевич механник идэлээх, олорон тур­бат үлэһит киһи. Ийэм Октябрина Семенов­на кыыс араспаанньата Корнилова диэн этэ — учуутал идэлээх. Биһиги толору дьоллоох ньир-бааччы саха ыалабыт. Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт. Мин соҕотох кыыс уонна бастакы оҕо буоламмын аҕам, ийэм, эбэлэр, эһэлэр маа­ныларыгар-далбардарыгар атаахтаан улаап­пытым. Оҕо саас, оскуола Кыыллаах Арыыга ааспыта. Онтон куоракка Культура уонна Искусства колледжыгар киирбитим. Кэлин 2007 сыллаахха Илин Сибиирдээҕи культура уонна искусства государственнай академи­ятын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим. “Драма уонна киинэ артыыһа” идэлээхпин.

Киһи бэйэтин үчүгэйдик иһиллиир буоллаҕына, олох бэйэтэ суол ыйан иһэр буолар эбит. Мин, ол, олох бэйэтэ сирдии­ринэн баран иһэбин. Биһиги аймахха удьу­ор айылҕаттан айдарыылаах дьон элбэх­тэр. Аҕам өттүнэн Торговкиннар устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах дьон. Аҕам бэйэтэ үчүгэйдик ыллыыра. Эһэм Василий Егорович кыралаан остуоруйалыыра. Эбэм Феодо­сия Серафимовна сүрдээх үчүгэй киэҥ-куоҥ куолаһынан ыллыыра, уонна оттон “уот айах” буоллаҕа дии, бэл этиһэригэр уус-уран ты­лынан этиһэрэ. Ийэм өттүнэн эбэм Генаида Дмитриевна кэрэ куоластаах ырыаһыт, ор­дук арылыннаҕына сахалыы ырыа бөҕөтүн ыллыыра. Эһэм Семен Иванович Корнилов аһары оҕомсох этэ. Мин кинилэр сылаас хоон­ньуларын билигин даҕаны ахтабын уонна ара­ас үчүгэйгэ такайбыттарын үйэм тухары умну­ом суоҕа. Ийэм кырабыттан айар дьоҕурбун арыйаары үҥкүүгэ, ырыаҕа сырытыннарара. Сибэкки курдук симиирин сөбүлүүрэ. Ол иһин оскуола, кулууп тэрээһиннэрэ миигинэ суох ааспаттара. Онтон дьиэҕэ туспа тыйаатыр, ай­мах оҕолор муһуннубут даҕаны, дьэ кэнсиэр, испэктээк тоҕо тардыллара. Сценабыт, Гена эбэм сундуугун үрдэ. Убайдарым гитараҕа оонньууллар, ыллыыллар. Мин аҥар кырыы барытын толоробун. Төрөппүттэрбит ытыста­рын тыаһа хабыллан олорор.

— ОҔО СААСКАР ОЛОҤХОНУ ИСТЭР ЭТИҤ ДУО?

— Суох. Балачча улаатан баран аҕабын сырса сылдьан, “эн олоҥхону истибитиҥ дуо?” диэн ыйытарым. Онуоха: “Биһиги оҕо эрдэхпитинэ киһи барыта олоҥхоһут кур­дук буолара. От үлэтигэр сырыттахха киэһэ аайы оҕонньор эрэ барыта онолуйа туойара”. “Тыый, аата үчүгэйин” диибин. “Ээ, суох, мин олох биһирээбэппин” диэн кэбиһэрэ.

— ОЧЧОТУГАР ОЛОҤХОҔО ХАЙДАХ КИ­ИРБИККИНИЙ?

— Дьиктитэ баар, мин олоҥхону исти­бэтэх, туойан даҕаны көрбөтөх киһи этим. Биһиги уон сыл Нерюнгри куоракка олор­буппут. 1999 сыллаахха онно “Актер уон­на Кукла театрыгар” артыыс быһыытынан үлэлии барбытым. Сыл буолан баран дьонум миигин ахтан бүтүн дьиэнэн көһөн кэлли­лэр. Дьон сөхпүттэр этэ, “ бачча үчүгэйдик үлэлии-хамсыы олорон хайдах буолан сир уларыттыгыт?” диэн. Онно олорон Сергей Баланов диэн бииргэ үлэлиир артыыс уолбар эргэ тахсыбытым. Икки кыыспыт Нерюнгрига төрөөбүттэрэ, онтон кыра уол манна күн си­рин көрбүтэ. Сүрдээх үчүгэйдик айан-тутан үлэлээбиппит. Режиссербут Петр Скрябин араас оҕоҕо аналлаах куукуланан даҕаны, көннөрү даҕаны испиктээктэри туруорара. Биһиги онно артыыс быһыытынан сиппиппит- хоппуппут.

Оонньообут испиктээктэрэ: Р. Киплинг “Таффи”, М.Супонин “Бука”, Сиэн Өкөр “Той­той Боотур”, “Homo ferus”, И.Грачев “Кле­па, Степа спешат на помощь”, А Милн “Некто в котелке”, И.Уткин “Доктор ска­зочных наук”, А.Волков “Волшебник изум­рудного города”, Р. Акутагава “Муки ада”, П.Ойуунускай”Туналҕаннаах Ньуурдаах Туйаа­рыма Куо”, “Саһыл уонна барсук”.

— Онно аан маҥнай Былатыан Ойууну­скай “Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо” драматическай поэматыгар Аан Алах­чын Хотун оруолун толорбутум. Барыта төһө даҕаны этэҥҥэ буоллар биһиэхэ сахабыт тыла, сахабыт кута-сүрэ тиийбэт этэ. Ол иһин куруук Дьокуускайга курдаттыы таттара сыл­дьарбыт. Саатар, бастакы оҕобутун сахалыы ааттыахпыт диэн, тапталлаах эбэбит Лена өрүс аатын биэрбиппит. “Лена” төһө даҕаны нууччалыы аат курдук иһилиннэр, биһиги сахалар ытык өрүспүт аата буоллаҕа дии уон­на мин эбэ кытылыгар үөскээбитим. Иккис кыыспытын Сайаана диэбиппит. Дьыссаат, оскуола барыта нууччалыы тыллаах, ол иһин оҕолорбут онно таттарыылаах этилэр эрээ­ри, дьиэҕэ олох сахалыы иитэрбит, сахалыы саҥардарбыт.

2010 сыллаахха дьэ ахтылҕаннаах Дь­окуускайбытыгар көһөн кэлбиппит. Мин НКИХ-ҕа үлэлии киирбитим, Сергейи саха театрыгар ылбыттара. Телевиденияҕа Елена Петровна Кэрэмээһэбэ салайыытынан олус үчүгэйдик үлэлээбитим. “Биһикчээн” 2011 сыллаахха тахсыбыта уонна Саҥа Дьылга “бастыҥ биэрии” буолбута. Онно толкуйдуу толкуйдуу араас биэриилэри бэлэмниирбит. Мин буоллаҕына театрга наһаа талаһабын, биир даҕаны субуотаны, өрөбүлү көтүппэккэ испиктээкиллэри көрө театрга ойобун. Оҕолорбун ардыгар бэйэлэрин хаалларабын, ардыгар илдьэ барабын.

Инники театрга үлэлээбит киһи онно тардыһарбын Сергейым билэр, онон биирдэ эттэ: “Олоҥхо театрыгар артыыстары талал­лар, холонон көрбөккүн дуо?” диэн. Кини куруук миигин өйүүр, өйдүүр буолан мин икки кынаттаахпын. Ол сыл тохсунньу ыйыгар, “артыыстары талабыт” диэн биллэрии биэрбиттэр этэ.

“Ээ, Олоҥхо театрыгар дуо?

Чэ, көрүөм, баҕар барыам, баҕар суох” диэн саарбахтаатым. Тоҕо диэтэххэ “драмаҕа” талаһабын уонна оччолорго Олоҥхо театра атаҕар үчүгэйдик тура илигэ, онон ханна ба­арын, тугу гыналларын даҕаны билбэппин. Аны саатар ол кэмҥэ телевиденияҕа Лена Петровна кыһаллан хамнаспын үрдэппиттэрэ, штатка ылбыттара. Санаабыты тута олоххо киллэрэн иһэр үтүөкэннээх кэллэктииппин аһыйарым диэн сүрдээх. Дьэ туран, сар­сыарда тугум даҕаны быһаарыллыбакка үлэбэр барардыы таһырдьа таҕыстым. Онтон атаҕым бэйэтэ театр диэки илдьэ турда. Ки­ирбитим, киһи бөҕө: артыыстар диэн, субул­лар уһун суһуохтаах дьахталлар диэн, кып-кыраһыабай кыргыттар диэн… Мин мунан олордохпуна Илиана Павлова аттыбар оло­рон ыйытта: “Эн тугу бэлэмнэнниҥ?” диэн. Мин: “Суох” диэтим. Кыыһым хараҕа төгүрүйэ түстэ: “эс, хайдах буоллуҥ, за красивые глазки киирээри олороҕун дуо?” диэтэ. Мин дьэ “ба­бат!” дии түстүм. Онно толкуйдаан көрбүтүм, хаһан даҕаны туойбатах, олоҥхо диэни эппэ­тэх киһи эбиппин. Тута мэйиибэр “Дьулусхан­наах дьолуо маҥан халлаан…” эҥин диэн Дьулуруйар Ньургун Боотуру дьүһүннүүр эти­илэр киирэн кэллилэр. Ону ылан блокноппар суруннум. Онтон, оскуолаҕа саха тылын учуу­тала Августина Саввична Корнилова кылыһах таһааттара үөрэтэрэ, сөбүлүүр аҕай этим, ону өйдөөн кэллим. Аны, Нерюнгрига олоҥхо ту­руорбуппутугар кыратык туойан ылбыттаах­пын санаатым уонна “чэ, иннигэр “итини” этэн баран, кэннигэр “маннык” гынар эбиппин” диэн мэйиибэр оҥорон, хорсун баҕайытык олордум. Дьэ саҕаламмат дуо?! Мин үйэлээх сааспар истибэтэх кэрэ дорҕооннорум, кылыһахтарым көтөллөр. Онно аан маҥнай “Уо-аай, кылыһах диэннэ­рэ наһаа даҕаны кэрэ эбит!” диэн сөрү-диэн сөхтүм, бэл, сүрэхпэр ыттардым. Конкурс эрэ, сах эрэ, таттаран, туохпун барытын умнан олордум. Он­тон оройго оҕустарбыттыы: “Саат-суут, мин бу дьон ор­тотугар таҕыстахпына, па­хыый-пахай, кинилэр ылгын чыгыйаларыгар даҕаны тиий­бэт буолсууһукпун” диэн баанньыкалаатым. “Чэ, кэ­бис, төттөрү барыыһыкпын” дии санаатым. Онуоха, ис­пэр Этэрдээҕим: “эн, манна оҕолоргун, үлэҕин быраҕа быраҕа тугу гына кэлэн олороҕун, дугдуруй да оҕус, тахсан айаххын ат!” диэтэ. Аны, тиэтэтэрдии үлэбиттэн эрийдилэр. Валентин Гав­рильевич Исаков, Дмитрий Семенович Иванов, Нико­лай Егорович Баишев курдук олоҥхоһут дьон ортотугар тахсаммын, кырдьах-хордьук “дьэ-буо…” эрэ диэн ыллаабы­та буоллум. Онуоха Степанида Ильинична Борисова: “бэйэ эрэ, бу эн киэһэ аайы күөх экраҥҥа тахсан оҕолору саататар киһи, тоҕо манна кэллиҥ?” диэн ыйытта. Мин, наһаа баҕарарбын кырдьыгынан кэпсээн биэрдим. Онуоха дьонум: “кырдьык баҕалааҕыҥ көстөр, хараҕыҥ умайа сылдьар, онон биһиги эйигин хаһааска (резерваҕа) ылабыт. Биллэриэхпит” диэтилэр. “Ол аата ылбатылар” дии санаан ба­ран, ыксалынан үлэбэр ыстанным. Дьоммор олох кэпсээбэтим, ол туһунан умнан даҕаны кэбистим. Сарсыныгар үлэбэр тиийбиппэр, дьонум: “Василина, бэҕэһээ телевизорга эйи­гин кастиҥҥа көрдүбүт, кып-кыһыл ырбаахы­лаах олорор аҕай этиҥ дии” дии тоһуйдулар. “Тыый, бараары гынныҥ дуо?!” диэн буолла. Мин: “Ээ, син биир ылбаттар” эҥин диэн куо­туннум. Арай биирдэ, үлэлии олордохпуна те­атртан эрийдилэр уонна: “бачча чыыһылаҕа, бачча чааска кэлэҕин, сүбэлэһии (собеседо­вания) буолар” диэтилэр. Эрэлэ суох тиийдим. Онтукайым, олох даҕаны, Олоҥхо Театрыгар киирбит дьон олорор эбиппит. Ол бөлөҕүнэн билиҥҥэ диэри үлэлии сылдьабыт. Саамай уустуга талыы. Лена Петровна мин ааппар туруорсуу да туруорсуу. Хамнас, штат, көҥүл барыта баар. Онтон антах тута сэрэппиттэрэ, “хамнаскыт олох кыра буолар” диэн. Герасим Семенович Васильев: “икки үлэҕэ кыайан сылдьыа суоҕа, биирин таллын” диэн Лена Петровнаҕа эппит этэ. Ыарырҕатыы бөҕө. Арай испэр Этэрдээҕим ыйытар: “Эн икки эр­дээх курдуккун, икки киһини кытары дьолло­ох буолуоҥ дуо?” диэн. Онтон түүлбэр-биппэр эҥин итэҕэйэн уонна театрым тардан Олоҥхо Театрыгар барбытым.

— ТЕЛЕВИДЕНИЯ ДИЭН, ЭЛБЭХ КӨРӨӨЧЧҮ БИЛИНИИТИН ТУТА ИЛИ­ИГЭ УУРАН БИЭРИИ, БЭЛ ОЛ ЭН БИИР СЫЛ ҮЛЭЛЭЭБИККИН БИЛИҤҤЭ ДИЭРИ ӨЙДҮҮБҮТ. ОНТОН ТЕАТРГА ОНУ СЫРАЛАҺАН ЫЛАҔЫН. ИТИ ТАЛЫЫГЫТТАН КЭМСИММ­ЭККИН ДУО?

— Олох кэмсиммэппин. Миэхэ олоҥхо бэйэм кыахпын таба туһанарбар кыах би­эрбитэ. Киһи ис туруктуун уларыйар. Бэл дьиэ кэргэҥҥэ сыаһыаннаһыы, оҕону иитии, олоххо оттомуруу барыта сааһыланар. Урут харахпын симэн баран баран испит буоллах­пына, билигин туох барыта саҥа арыллар, хас мүнүүтэ, чаас бүтүннүү суолталанар. Хас көрсүбүт киһигин кытары алтыһыыттан, кэпсэтииттэн дуоһуйууну, астыныыны, үтүө-сыһыаны ыларга үөрэнним. Олоҥхо сүдү күүһэ оннук салайар эбит.

Саха алыс сүгүрүйэр иччитинэн, үтүөнү эрэ оҥорор, төрүт сир-дойду, ийэ айылҕа иччитэ Аан Алахчын Хотун. Кини киһи аймаҕы, сылгыны-ынаҕы, аар айылҕаны абааһыттан, айылҕа алдьатыытыттан араҥаччылыыр, от-мас, үүнээйи быйаҥын биэрэр аналлаах. Бу, айыыга чугаһаабыт Ийэ иччи — саха төрүт, тапталлаах иччитэ. Кинини үксүн аатын ааттаабакка, “Дой­ду иччитэ”, “Эбэ хотун” диэн ыҥыраллар. Аан Алахчын Хотун тулалыыр айылҕаны, орто дойдуга үүнэри, төрүүрү барытын төрөппүтүн быһыытынан, таптал аата, эпитета олус элбэх: Маҥан Маҥхалыын, Ала Мылхсын, Айыы Ньэлбэрдээн, Ньаадьай Бараан хотун, Намыл Күөгэй, Хотой Нуоҕай, Аан Аалай Хатын о.д.а. Кини аан ийэ дойду алгыстаах айылгытын, араҕас далбарын ай­арга ананан, аан маҥнайгынан Орто туруу дойдуга хотун дьахтар көрүҥнэнэн, айыы­ларынан ыйаахтанан түһэриллибит, Аал Лууп Мас иһигэр олохтоммут. Аан Алахчын хотун биһиги үрдүкү айыыларбыт Адьыҥа Сиэр Хотун уонна Үрүҥ Аар Тойон кыыстара. Эбэ олус сайаҕас, аламаҕай майгылаах, сир дьонун олоҕун бэйэтигэр чугастык ылынан көмө-тирэх буолар.

— ОЛОҤХО ЭЛБЭХ, ЭН ОРДУК ОРДОРОР ОЛОҤХОЛООХХУН ДУО? МИН ЭЙИГИН ХАЙ­ДАХ ЭРЭ ОЛОҤХО ААН АЛАХЧЫН ХОТУНУ­НАН СИРЭЙДЭЭН КӨРДҮМ.

— Олоҥхону барытын таптыыбын. Мин маҥнай олоҥхону кыайан даҕаны аахпат этим. Оҕоҕо ананан кылгатыллыбыт олоҥхолортон саҕалаабытым. Онно даҕаны өйдөөбөт этим. Тыллар миэхэ көннөрү дорҕоон эрэ курдук ааҕыллаллара. Ол иһин иккистээн ааҕабын, онтон үһүстээн, төрдүстээн. Дьэ оччоҕо ки­ирэр. Оннук бэйэбин үөрэппитим. Сайын, театр артыыстарын икки аҥы хайыппыт­тара. Мин Валентин Гаврильевич бөлөҕөр түбэспитим. Кини олоҥхотун “Эрбэхчэй Бэр­гэни” толоруохтаахпыт. Били кастинг кэн­ниттэн кини миэхэ кэлэн эппитэ: “тоойуом, киирбэтэххинэ даҕаны хоргутумаар, хата, миэхэ кэлэн туойарга дьарыктанаар, эн са­халыы баҕайы сөҥ куоластаах эбиккин” ди­эбитэ. Онно олус үөрбүтүм: “маннык үчүгэй кылыһах дорҕооннорун таһаара үөрэниэм” диэн. Дьэ ол “Эрбэхчэй Бэргэҥҥэ” эһэм ми­эхэ, Аан Алахчын Хотун уонна Олоҥхоһут оруолларын толороҕун диэн туттаран кэби­спитэ. Аан Алахчын ырыатын үөрэттим. Хата саҥа квартира ылбыппыт, ону өрөмүөннүү сылдьан чуумпуга, дуорааннаахха тылбын үөрэттим. Букатын 40-ча мүнүүтэлээх. Ити курдук Олоҥхо аанын миэхэ Аан Алахчын Хотун бэйэтинэн арыйбыта. Олоҕум тосту уларыйбыта. Эн бэйэҥ туох дьарыктаах­хын, хайдах быһыылааххын-таһаалааххын даҕаны оҕолоруҥ оруобуна оннук буолал­лар. Оҕолорум миигин үтүктэн олоҥхону үөрэппиттэрэ. Кыра кыыс 4 сааһыгар олоҥхоттон мин тиэкистэрбин ааҕар буолбу­та. Киниттэн эдьиийэ үөрэммитэ.

— ОЛОҤХОНУ ХАННЫК КӨРҮҤҮНЭН ТО­ЛОРОР ОРДУГУЙ?

— Бастаан бары кынаттыы олорон биир олоҥхону оруолларынан салгыы этэн толорорбут. Онно бэйэ-бэйэни истиһэ үөрэммиппит. Онтон сценаҕа олоҥхону испиктээк оҥорон таһаарыы олох атын. Холобур, бэйэҥ үгэс курдук, соҕотох толо­роргор биир чаас, эбэтэр онтон даҕаны элбэх буоллаҕына арылыннар-арыллан иһэҕин, куолаһыҥ чөллөрүйэр. Бэл, билбэтиҥ кытта өйгөр киирэн кэлэр. Төһө баҕарар этиэх кур­дук буолаҕын. Онтон күрэхтэр, куолаан то­лоруу барыта бириэмэлэнэр, 15 мүнүүтэттэн тахсыа суохтааххын, онон киһи кыайан арыл­лыбакка хаалар. Мин билигин олоҥхону соҕотох толорорбун ордоробун. Испиктэ­эккэ ол суох, үксүн оонньуу (действия) хас биирдии оруол эн саҥаҕыттан, ырыаҕыттан-тойуккуттан, хамсаныыгыттан тутулуктанар уонна уһун ааҕыылар, ырыалар бары кылгаан диалокка кубулуйаллар. Үчүгэйэ, билиҥҥи көрөөччүнү олоҥхону истэргэ бэлэмниир, артыыс артыыс быһыытынан сайдарыгар туһалыыр. Онтон күрэхтэр үчүгэйдэрэ, биир идэлээхтэргин кытары билсэҕин, элбэххэ үөрэнэҕин.

Василина Баланова — Кэрэмэс Лыҥкыр 2018 с. “Уруйдан улуу олоҥхобут!” олоҥхону үгэс быһыытынан толоруу XIII республикатааҕы бэстибээлигэр “Олоҥхоҕо саҥа аат” номи­нацияны ылбыт. Бу сылга, “Сүгүрүйэбит, ытыктыыбыт улуу олоҥхобут” олоҥхону толорооччулар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэригэр — “Дорҕоон тойуктаах” диэн аат иҥэриллибит. 2019 с. Хахасияҕа түүр омуктар “Хар-мөрий” күрэхтэригэр “Герои­ческэй эпостары толоруу” номинациятыгар “Кыыс Дэбилийэ” олоҥхону толорон Лауре­ат үрдүк аатын сүкпүт. 2021 с. Өлүөхүмэҕэ “Олоҥхо ыһыаҕар” олоҥхоһуттар күрэхтэригэр III степеннээх Лауреат. 2022 с. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах “Хотун Бүлүү Туонатыгар” — Олоҥхо ыһыаҕар кыттан: “Өрөөбүт уоспун өһүлэн, хоммут уоспун хоҥнорон”, “Кылыгырыы дьи­эрэй кылыһахтаах тойугум” анал ааттары туппут. Маны таһынан, сахалар “Саамай уһун оһуохайга” Гиннесс рекордун олохтуул­ларыгар оһуохай этээччилэр бөлөхтөрүгэр киирбит.

— БАСТАКЫ СОҔОТОХ ТОЛОРБУТ ОЛОҤХОҤ ХАННЫК ЭТЭЙ?

— Ол эмиэ остуоруйалаах. Бастаан театр­га киирэн баран кылыһах хантан кэлэрин би­лээри эһэлэрбин: Дмитрий Семеновиһы, Ва­лентин Гаврильевыһы, Герасим Семеновыһы батыһа сылдьан айахтарын эрэ атытан көрбөт этим. Ыйыттахпына, “оттон бэйэҥ кылыһахтыыгын дии, оннук курдук тахсар…” дииллэрэ. Николай Гаврильевичтан олоҥхону хайдах толорору токкоолоһон тахсарым. Ге­расим Семеновичтыын олоҥхо ис номоҕун, философиятын ырытыһарбыт. Уопсайынан кырдьаҕастары кытары алтыһарбын оҕо эр­дэхпиттэн сөбүлүүбүн, ол иһин кинилэри “эһэлэрим” диэн ааттыыбын.

2017 сыллаахха Сунтаар улууһугар гастро­лга барбыппыт. Онно Кутана олоҥхоһута Ни­кандр Прокопьевич Тимофеев баарын, кини дьону үөрэтэрин истэрим. Мин буоллаҕына, дьиҥнээх олоҥхоһукка үөрэммит киһи диэн баҕара сылдьарым. Хиджа диэн ырыаһыт эһэтигэр, Бүлүү Чинэкэтигэр олорор Иванов­ка үөрэнэ барыахпын эҥин саныырым. Ол табыллыбатаҕа. Дьэ, Сунтаарга тиийдибит. Арай биир күн “Никандр Прокопьевич кэлэр үһү” диэн буолла. Мин, таҥараҕа тиксиэхтээх киһи курдук үөрдүм, долгуйдум. Кэллэ уонна олоҥхо туһунан, хайдах толорорун туһунан, эҥин кэпсээтэ. Мин илии тутуһан кыратык эрэ кэпсэтэн хааллым. Үөрүү да үөрүү. Сотору Кутанаҕа тиийдибит. Никандр Прокопьевыһы кытары көрсө балаҕаҥҥа бардыбыт. Киир­биппит киһибит үчүгэй баҕайытык дуобат оонньуу олорор эбит. Кэпсэттибит. Сотору испиктээк буолуохтаах, онон дьонум бары баран хааллылар. Мин хаалан кырдьаҕаһы кытары дьэ дуоһуйа өр сэлэстим. Доҕотторум эрийэн, “Василина, кэлэ оҕус, испиктээк саҕаланаары гынна, звонок буолла!” ди­эхтэригэр диэри олордум. Онно Никандр Прокопьевич эппитэ: “эн наһаа баҕалаах эбиккин, мин аны саас эйигин үөрэтэ куо­ракка тиийиэм” диэн. Муус устарга кэлбитэ. Маҥнай кылыһахтары үөрэппиппит. Мин буоллаҕына тойуктарга киирэ охсоору ык­саа да ыксаа. “Ыксаама” диир. Билигин мин бэйэм үөрэнээччилэрбин эмиэ учууталым курдук бытааннык үөрэтэрбин сөбүлүүбүн. Онно “Оҕо Тулаайах” олоҥхону үөрэттибит уонна аны сайын “Олоҥхо ыһыаҕар” толо­руохпут диэн сүбэлэстибит. Ол эрээри ба­раары сырыттахпына: “Василий Каратаев “Оҕо Тулаайаҕын” толорума, дойдулаах дьон сөбүлүөхтэрэ суоҕа” эҥин диир дьон баар буоллулар. Инньэ гынан аны “Кыыс Дэби­лийэни” олоҥхолуурга оҥоһуннум. Дьэ тиий­дибит. Испиктээк, ыһыах аһыллыытын эҥин быыһыгар ойон тиийэ тиийэ олоҥхоһуттары истэбин, астыныы, ымсыырыы бөҕө. Арай, били, икки хас билэр олоҥхолорбун бэйэбэр ааҕан көрөбүн даҕаны, “Оҕо Тулаайахпар” эрэ балачча бэлэмнээх курдукпун. Ол иһин тиийэн сайаапка биэрэн кэбистим. Күрэх хайы сах бүтэн, түмүк таһаара сылдьаллар. Мин, иһиттинэр эрэ диэммин күрэҕи таһынан “Оҕо Тулаайахпын” толордум. Аан бастаан олоҥхоһут быһыытынан толоруум ол этэ. Онно телевиденнийэлэр бааллара. Биир оператор кэннибэр олорон устубут этэ уонна эттэ: “Олох эр киһи курдук толорор эбиккин, тугун барыта дырылаан олорор, ырбаахыҥ кытта салыбырыыр…” диэн. Ол миэхэ улахан хайҕал курдук иһиллибитэ.

 

— ЭН УЧУУТАЛЫҤ НИКАНДР ПРОКОПЬ­ЕВИЧ ТИМОФЕЕВ КУРДУК БИЛИГИН ДЬОНУ ОЛОҤХОҔО ҮӨРЭТЭР ЭБИККИН ДИИ?

— Дьиҥэр кыра оҕолору, ордук уолатта­ры үөрэтиэхпин баҕарабын. Оҕо түргэнник ылынар. Былырыыҥҥыттан улахаттарга “Күн сандаар” диэн бөлөхтөөхпүн, бу “Олоҥхо де­кадатын” күннэригэр олоҥхобутун толоруох­пут диэн былаанныыбыт.

— УУС-УРАН ЛИТЕРАТУРАҔА СЫҺЫАНЫҤ ХАЙДАҔЫЙ?

— Кыра эрдэхпиттэн саха литературатын олус сөбүлүүбүн. Онно уһуйбут дьоннорум эһэлээх эбэм. Кинилэр ааҕалларын биһириир дьон, онон саха классик суруйааччыларын кинигэлэрэ элбэх, долбуурга кэчигирээн аҕай турар буолаллара, онтон уларсан ааҕабын. Ол тылым сайдарыгар көмөлөспүтэ. Оҕоҕо төрөппүт эргимтэтэ күүскэ дьайар, кинилэр хайдах үөрэтэллэр даҕаны, онон барар. Уус-уран литература араас суруйааччылара бары тус-туспа кэрэ тыллаахтар. Ол иһин оҕо уус-уран тылынан суруллубут айымньыны чуга­стык ылынар. Холобур, мин сахалыы бастакы аахпыт сэһэним Далан “Дьикти сааһа” онтон Николай Якутскай “Төлкө” романа. Сөбүлүүр уонна тылбын чочуйбут Василий Яковлев — Далан диэххэ сөп, кини “Тулаайах оҕо”, “Ты­гын Дархан” романнарын таптаан ааҕарым. Ааҕыы киһи билиитин, интеллегин хаҥатар, онон хайаан даҕаны ирдэнэр.

— БИЛИҤҤИ КӨРӨӨЧЧҮ ТУҺУНАН КЭП­СЭТИЭХ.

— Гастроллартан саҕалыах. Дьэ биһиги олоҥхо көрдөрөөрү улуус нэһилиэктэригэр тиийэн баран, маҕаһыыҥҥа киирэн: “Биһиги наһаа үчүгэй олоҥхо көрдөрө кэллибит, киэһэ кэлэн көрөөрүҥ” диэн дьону ыҥырабыт. Ону­оха дьоммут, үксүн: “Ээ, суох, суох, ол эһиги онолуйаргытын истэ тиийииһикпит дии, айыкка!” дииллэр. “Биһиэнэ онолуйуу эрэ бу­олбатах, биһиги хамсана-хамсана киһи бары­та өйдүүр гына толоробут” диибит. Дьиҥэр, биһиги театрбыт билиҥҥи, “хараҕынан көрөн” (визуально) ылынар көрөөччүгэ анаан испиктээк туруорар. Ол көрөөччүнү олоҥхо эйгэтигэр иитии, бэлэмнээһин, истэргэ үөрэтии көрүҥэ. Былыр борук-сорукка киһи олоҥхону тылынан истэн хараҕар ойуулаан көрөр. Ол иһин ити дьоҕура олус сайдыы­лаах эбит буоллаҕына, билигин онто сүтэн хаалбыт. Холобур экраҥҥа: хопто көтөр, маҕан дьүһүннээх, күөх ууга түһэр, кынаты­нан сапсынар, балык тутар… Бүтүннүү саҥата суох иннигэр ойуулаан бэриллэр. Ол иһин көрөөччү хайы сах ойууламмыт бэлэми көрө үөрэнэн хаалбыт, бэйэтэ өйүнэн оҥорбот, атын киһи фантазиятыгар сөбүлэһэр. Ити бэйэ эппиэтинэһин атын киһиэхэ туттарыы. Ол иһин, ылбычча киһи, тылынан эрэ кэп­сэнэр олоҥхону ылына охсор кыаҕа суох. Оч­чотугар, бастаан оҕо испиктээктэрин көрдөрө үөрэтиэххэ сөп. Биһиги театрбытыгар кууку­ланан эҥин оҕо испиктээгэ элбэх. Ити кэн­ниттэн ааҕыыга киирэн, салгыы олоҥхону испиктээк оҥорон сэҥээрдэн баран, дьэ ула­хан олоҥхоҕо киллэриэххэ сөп. Кэрдииһинэн баран истэххэ, үйэлэргэ олохсуйбут үөрүйэх син-биир уһуктуо этэ. Аны тута ылынар дьон эмиэ бааллар, бэл омуктар сэҥээрэн истэл­лэр. Олоҥхо бэйэтин уонна театр күүстэрин холбоон, көрөөччүбүтүн үөрэтэн таһаарыах тустаахпыт. Ол иһин, бу, аныгы Олоҥхо Теа­трыгар испиктээктэр тураллара олус суолта­лаах, наадалаах. Биһиги театрбыт соруга (мис­сията) итиннэ сытар. Иккиһинэн — “Олоҥхо ыһыахтара”. Сорохтор утарааччылар. Ол гынан баран бу ыһыахтар төһөлөөх сиэри-туому, умнул­лубут ааттары сүргүппүттэрэ буолуой? Төһөлөөх элбэх олоҥхо хат тиллибитэ буолуой? Аҥардас мин улууспар былы­рыын “Олоҥхо ыһыаҕынан” ситимнээн үс олоҥхо бэчээт­тэнэн тахсыбыта. Бу аҕыйах сыл иһигэр итинник сыыйа-ба­айа үөрэтэн, биһиги бэйэбит балачча көрөөччүлэннибит. Бастаан олох аҕыйах этилэр, онтон билигин, бэл, олоҥхону толору истэр дьон баар бу­оллулар. Үнүр Нам улууһугар тахсан киирбитим, онно ыра­ах нэһилиэктэртэн “анаан минээн эйигин көрө-истэ кэл­либит” диэн тиийэ кэлэн, са­нааларын этэн, миигин наһаа үөрдүбүттэрэ. Олоҥхо ыраа­стыыр, арыйар күүһүн өйдүүр чараас куттаах дьон эмиэ баар буоллулар уонна элбии турдал­лар, биһиги норуоппут олоҕо тирэхтээх, туруктаах буолуо этэ.

— ОЛОҤХОНУ, ТЕАТРА СУОХ КИҺИ ХАННА БАҔАРАР ОЛОРО ТҮСТЭ ДАҔАНЫ ИСТИ­ЭН СӨП ДУО?

— Билигин суох. Олоҥхону, төрүт үгэстэри сүрүннүүр киин син-биир ирдэнэр. Ону сүрүннүүр биһиги театрбыт бу­олуох тустаах. Кини барытын түмэр. Биһиэхэ олоҥхоһуттар, артыыстар, сиэр-туом үгэс толорооччулар, онтон даҕаны атыттар ба­аллар. Фольклор көрүҥнэрин толоруу ман­тан тарҕанар. Бу Итэҕэл Дьиэтэ буолбатах. Итэҕэл Дьиэтэ —биһиги айылҕабыт бэйэтэ. “Олоҥхо театра” олоххо баар уталыйбат түгэннэри (актуальнай тема) таарыйар, бүгүн күннээх кыһалҕаны олоҥхо нөҥүө тиэрдэр. Бу олус табыгастаах ньыма. Олоҥхо баайа бэрт буолан искусства бары көрүҥнэригэр сөп түбэһэр. Аныгы технологияҕа олус үчүгэйдик эппиэттиир. Дьэ ити мультиктар, уот-күөс, тыас-уус, сценография, араас уларыйар хартыыналар бу барыта олоҥхо билиҥҥитэ, кэнэҕэскитэ буолар. Онтон үгэс буолбут олоҥхону толорооччулар хайаан даҕаны баар буолуохтаахтар, ону тута сыл­дьар, умуннарбат дьон син-биир баарбыт. Олоҥхо бааматынньык эрэ буолара табыл­лыбат, саха дьонун үйэлээх үрдүк искусства­та үгэһин ыһыктыбакка иһиллиэх тустаах.

— ЭН, РЕЖИССЕР ТУРУОРБУТ ОБРАҺЫГАР БЭЙЭҤ ТУГУ ЭМЭ ЭБЭН БИЭРЭҔИН ДУУ, ЭБЭТЭР ТУРУОРУЛЛУБУТУНАН БАРАРГЫН ОРДОРОҔУН ДУУ?

— Чэ, уопсай көстүүнү, холобур синхрон­най грим, костюм, сюжет кэһиллибэт. Онтон оруолгун сэргэхситэр кыра кистэлэҥнэри син биир киллэрэҕин. Сүнньүнэн ис-туругу көрдөрөр мимика, куолас кыаҕын арыйар туойуу кырааскатын уларытыы, артыыс бэйэ­тин имиджин чопчулуур уратыта буолаллар. Мин испиктээк хайысхатын кэспэт курдук тугу эрэ киллэрэн биэрэрбин эмиэ астынабын.

— ЭҺИГИ ЭЛБЭХТЭ ТАС ДОЙДУЛАРГА, РОССИЯ ЭБЭ ХОТУН УСТУН ГАСТРОЛЛУУГУТ. ОРДУК ХАННЫК ОМУК СИРИГЭР ЭҺИГИ ТЕ­АТРГЫТ СИТИҺИИЛЭММИТЭЙ?

— Биһиги театрбытын ханна баҕарар сэҥээрэллэр. Мин сылдьыспыт га­стролларбар, ордук Кытайга, Грецияҕа ситиһиилэммиппит. Пекиҥҥэ — Андрей Саввич Борисов туруоруутугар “Илэ туолбут иччилээх түүл” (“Пионовая беседка”) диэн кытай омук шедеврын көрдөрбүппүтүн, кы­тайдар наһаа соһуйбуттара, сөбүлээбиттэрэ, хайҕаабыттара. Онно хардаран, манна кэ­лэн биһиги шедеврбытыттан Былатыан Ойуунукай олоҥхо-пьесатын “Туйаарыма Куону” көрдөрбүттэрэ дии. Грецияҕа эмиэ Былатыан Ойуунускай “Улуу Кудаҥсатын” Андрей Саввич туруоран илдьибитэ. Бастаан амфитеатрга саха тылынан оонньообуппут. Оо, онно гректэр алыс даҕаны сөхпүттэрэ, олох “биһиги номохторбут курдук дии, тыла кытта өйдөнөр” диэн, бэйэлэрин киэнин курдук ылыммыттара. Онтон дьиэ иһигэр көрдөрбүппүт, дьон астыныы да астыныы. Саха фольклоругар омуктар туохтарын эрэ та­арыттараллар, ордук тойукка. Ардыгар ытаан киирэн бараллар. Амфитеатрга дорҕоон алыс даҕаны үчүгэйдик көтөр эбит диэн, биһиги бары сөхпүппүт.

Уһуллубут киинэлэрэ: 2010с. “Күлүмэн” —кылгас кээмэйдээх оҕо киинэтэ, 2016с. “Ыал­лыылар” Сахафильм хампаанньа, 2017с. “Аас­пыт ааспат амтана” НВК Саха.

— ТЕАТР, КИИНЭ, ТЕЛЕВИДЕНИЕ, ДЬИЭ ҮЛЭЛЭРИТТЭН ОРДОН ӨССӨ ТУГУНАН ҮЛҮҺҮЙЭҔИН?

— Үлүһүйэрим диэн хара баһаам. Барыты­гар баҕарабын, иис-күүс, баайыы. Былырыын оҕобор олорон “Дорҕоон” курсун ыыппы­тым, “звуковая терапия” диэн киһи бэйэтин дорҕооннорунан сайыннарарын үөрэппитим. Тойук дорҕоонун холбоон киһи ис туругун, доруобуйатын тупсарыныан сөп эбит диэн дьарык толкуйдаабытым. Түөрт түһүмэх ту­хары ийэлэр, эбэлэр биһирээн сылдьыбыт­тара. Тэһэ кэйдэрбиппин тута оҥорорбун сөбүлүүбүн. Сарсыарда алта чааска туран “бэйэни саҥа күҥҥэ бэлэмнээһин” диэн, тыы­ныы, йога хамсаныыларын, медитация, ре­лаксация ыытабын. Киһи ас курдук туох санаа­ны иһигэр киллэрэр даҕаны, онон салайтаран барар. Үчүгэйи киллэрдэххинэ үчүгэйинэн дьайар, куһаҕаны ыйыһыннаххына куһаҕанынан тахсар. Ол иһин куруук үчүгэйи эрэ таһаарар курдук үчүгэйи саныахтаахпыт. Аны фитнес инструкторга үөрэнэ сылдьабын. Билигин аһылык дьайыытын баран бүттүбүт. Бэйэм меню оҥорон кыргыттарбар ыытабын ону астанан аһыахтарын сөп.

— СЕРГЕЙ БАЛАНОВ САХА ТЕАТРЫН БИИР БИЛЛЭР АРТЫЫҺА, КИНИ ДЬИЭ КЭРГЭ­НИГЭР ХАЙДАХ СЫҺЫАННААҔЫН БИЛИЭН БАҔАЛААХ ЭЛБЭХ БУОЛУО?

— Биһиги бачча тухары эйэ дэмнээхтик, сахалыы бэйэ бэйэбитин өйөһөн иллээх кэр­гэнинэн олорон кэлбиппитигэр, мин кэргэм­мэр махтанабын. Сергей эмиэ театр, искус­ство киһитэ буолан, биһиэхэ алыс сымнаҕас, аламаҕай, бары саҕалааһыннарбытын өйүүр үтүөкэннээх аҕа. Сынньаныахпы­тын баҕардыбыт даҕаны айылҕаҕа тахса­быт. Ардыгар сынньалаҥмытыгар солбуһа сылдьан доргуччу бэйэ бэйэбитигэр ки­нигэ ааҕарбытын сөбүлүүбүт. Сергей олус хаһаайыстыбаннай киһи, аспытын-үөлбүтүн, туттар сээкэйбитин барытын бэйэтэ булан- талан аҕалар. Мин үлэбиттэн, оҕолорбуттан ордон онно баспын сынньыбаппын, ас сыана­тын даҕаны билбэппин. Сергейым оҕолорун наһаа үчүгэйдик биэбэйдиириттэн астына­бын. Бэйэтэ дьыссаакка, оскуолаҕа, араас кыһалҕаларыгар таһар. Кыргыттарын атаах­татар аҕай. Ардыгар онон туһанабыт, холо­бур, маннык суруйаллар: “күндү аҕам, мин бүгүн пицца сиэхпин наһаа баҕардым. Эн ону атыылаһыаҥ диэн эрэнэбин” диэн. Ону, “иччэ үчүгэйдик көрдөспүт киһиэхэ хайдах акка­астыамый” дии-дии хайаан даҕаны булан аҕалбыт буолар. Сүрдээх тупсаҕай көрүүлээх. Онно-манна барда даҕаны барыбытыгар таҥас кэһиилээх кэлэр. Төһө эмит “бэйэҕэр ылынаар” диэн этэн ыыппыппыт үрдүнэн син-биир биһиэхэ аҕалбыт буолар. Уонна олох оруобуна сөп түбэһэр, сөбүлэтэр тугу эрэ булбут буолар. Биһиэхэ дьахтар аймахха ол наһаа күндү буоллаҕа дии. Илиитигэр алыс дьоҕурдаах, сатаабатаҕа диэн суох. Биһиги, бэл кини имитэн-хомутан массаастыырын ту­охха даҕаны биэрбэппит.

— САҤА ДЬЫЛ ҮҮНЭН ЭРЭР, ЭЙИЭХЭ САҤА ДЬЫЛ ТУГУ САНАТАРЫЙ?

— Саҥа Дьыл сип-сибиэһэй харыйа сыты­нан дыргыйар. Оҕо эрдэхпититтэн дьиэбити­гэр даҕаны оскуолаҕа даҕаны хайаан даҕаны харыйа туруорабыт. Сыллата ийэбинээн бадаарак мөһөөччүгүн ойуулаан тигэрби­тин күндүтүк саныыбын. Аҕабынаан хайаан даҕаны маскараат оҥороллоро. Биирдэ бы­рааппар “робот” маскараатын оҥордубут. Хортуонунан бүтүннүү бүрүйэн баран чэй көмүһүнэн килэччи сыбаан кэбиспиппит, кы­лабачыйан бэрдэ сүр. Онтон пюрэ хаппаҕынан харах, мурун оҥордубут, тура сылдьар ан­теннатын боробулуоханан үүйдүбүт. Миэхэ эмиэ хортуонунан, чэй көмүһүнэн корона оҥороллор этэ, тоҕо диэтэххэ үксүн Хаарча­ана буоларым. Биирдэ аҕам боробулуоханы үүйэн намчы баҕайы хаардары оҥорбута, ону ийэм сип-синньигэс мөһүүрэлэринэн хас токурун-макырын ааҕа хайаҕаһа суох гына сыһыарбыта. Ол наһаа да үчүгэй этэ…

Оттон кэргэмминээн Саҥа Дьылга эр­дэттэн бэлэмнэнэбит. Бэлэх угар этэр­бэстэри эҥин сыллата саҥаттан саҥаны куул таҥаһынан бэйэм тигэн бэлэмниибин. Харый­аны аҕабыт булар уонна 20 чыыһыла эҥэр ту­оруорар. Биһиги, кини үлэтиттэн кэлэн хаһан туруорарын тулуурдаахтык кэтэһэбит. Кинитэ суох туруо суохтаах. Барыта бүппүтүн кэннэ бииргэ симиибит. Түмүгэр, үгэс курдук анал ааттардаах саарыктарбытын илиибитигэр ту­тан туран баҕа санаабытын санаан баран, ыйа­ан кэбиһэбит. Биһиэхэ Саҥа Дьыл саамай тап­таллаах бырааһынньыкпыт. 12 чааска манна баар чугас дьон ийэбит тула мустабыт. Утуй­бут киһини хайаан даҕаны уһугуннарабыт уонна үөрэ-көтө эҕэрдэлэһэн, бэлэхтэрби­тин туттарсан көрсөбүт. Сыл аайы атын-атын ыалга көһө сылдьан ылар үгэстээхпит. Онтон тохсунньу маҥнайгы күнэ биһиги дьиэҕэ Си­бэтиэй күн, ньиргиччи аһыы-аһыы сынньа­набыт, сытабыт, киинэ эҥин көрөбүт. Биһиги уопсайынан алыс тэтимнээх олохтоох буо­ламмыт дьиэҕэ наһаа тардыһабыт, сүрдээх “домашняй” дьоммут. Дьиэбитин ыбылы хомунан, ис киирбэх, тупсаҕай гына оҥорон баран, ас астана-астана ньир-бааччы олорор­бутун ордоробут. Ардыгар мырааҥҥа тахсан куораты үөһэттэн көрөрбүтүн, симэммит харыйалары кэрийэн оҕолуу үөрэрбитин- көтөрбүтүн сөбүлүүбүт.

Манан туһанан миигин өйүүр, өйдүүр доҕотторбор, ытыктыыр киһибэр Никандр Прокопьевичка, эһэлэрбэр, төрөппүттэрбэр, чуолаан таптыыр кэргэммэр Сергейгэ уонна даҕаны атыттарга мин олохпор төһүү буол­буккутугар барҕа махталбын тиэрдэбин!

Сахам дьонун кэлэн иһэр Саҥа Дьы­лынан эҕэрдэлээн туран, бары үтүөнү эрэ баҕарабын! Олох ыарахан даҕаны буоллаҕына күн син-биир кэлиэхтээҕэр эр­эллээх буолуоҕуҥ! Айылҕа, киһи өйө наһаа улааппытыттан эрэйдэнэр, ол иһин алыс өйбүтүнэн олорору сымнатан, бэйэбит ис турукпут иминэн олорорго талаһыаҕыҥ, оччоҕо барыта орун оннугар буолуоҕа. Киһи бэйэтин истэ үөрэниэхтээх. Тохтуу түһэн уо­скуйан иһиллэниҥ, үрүҥү, сырдыгы көрүҥ, уйулҕаҕытын уоскутуҥ, үөрүүнү оҥостуҥ. Би­ирдэ кэлбит олоххо алыс санньыйа сылдьар наһаа курус дии. Ыарахан ханнык баҕарар үйэҕэ баара, онно баттаппакка үөрэ-көтө, баарынан дьоллоно сылдыаҕыҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин! Саҥа Дьылынан — Саҥа Дьолунан!

— ВАСИЛИНА ВАСИЛЬЕВНА, БИҺИЭХЭ КЭЛЭН ЫАЛДЬЫТТААБЫККАР БАРҔА МАХ­ТАЛ! САҤА 2023 СЫЛ, ЭН ОЛОХХОР, АЙАР ҮЛЭҔЭР, ДЬИЭ КЭРГЭҤҤЭР СЫРДЫК-СЫЛА­АС КҮННЭЭХ КҮННЭРИ ЭРЭ ТОСХОЙДУН. КЫ­ТААТ, ЫЛБЫТ ТЭТИМҤИН ЫҺЫКТЫБАККА ҮРДҮКТЭН-ҮРДҮККЭ КӨТӨН-ДАЙАН ИС! ЧАХЧЫ, УЛУУ ОЛОҤХОТО СУОХ САХА КУТА СУОХ БУОЛАР. ОНУ ИЛДЬЭ СЫЛДЬАР МАА­НЫ КИҺИБИТ ОҺУОРДААХ ОЛОҔУҤ ОСТУО­РУЙАТА ОЛОҤХО КУРДУК УҺУН, ДЬОЛЛООХ БУОЛЛУН!

Елена Слепцова — Куорсуннаах