Рубрика: Бэлиэ түгэн
Муус устар 25 күнүттэн киэҥ экраҥҥа «Кыталыктаах кырдалым» («Там, где танцуют стерхи») киинэ тахсыаҕа.
Кырачаан Ванюша саҥа хааман тоотоҥнуу сылдьан омуһахха түһэн, улаханнык эчэйэн, хаампат буолар. Өр сылларга Дьокуускайга куоракка интэринээккэ сытан эмтэнэн баран, дойдутугар төрөппүттэригэр, убайдарыгар төннөр. Дьэ, бу күнтэн саҕаланаллар, кини олоҕор түһүүлээх-тахсыылаах күннэр: ийэ тапталын, алаһа дьиэ сылааһын, ону кытта биир түгэҥҥэ саамай чугас киһитин сүтэрии аһыытын билии. Төһө да доҕотторун кытта тэҥҥэ сырсыһан оонньооботор, кини үчүгэйгэ эрэлин сүтэрбэт. Ыра буолбут баҕа санаатыгар кини сымыһаҕын быһа ытыран баран, тулуурдаахтык тиийэрин биһиги киинэҕэ көрөбүт.
Киинэ Иван Дьячковскай – Кыталык Уйбаан “Кустугу ситтэрбиэн” диэн бэйэтин олоҕун туһунан кинигэҕэ олоҕуран уһуллубут.
«Кыталыктаах кырдалым» киэҥ экраҥҥа тахсыан иининэ, хайы сах, улахан бириискэ тигистэ. «Золотой ворон» норуоттар икки ардыларынааҕы Арктическай VII киинэ бэстибээлин гран-при аатын ылла. Оттон сүрүн оруолу толорбут Амма улууһун Чакыр сэлиэнньэтин үөрэнээччтэ Миша Слепцов «За выдающуюся актерскую игру и вдохновляющую историю» диэн бэстибээл бирииһин ылбыт.