Рубрика: Служебная: Слайдер на главной
Сыралытан күн да күн, итии да итии. Бу күн Никита уонна кини кэргэнэ Саргы, куолуларынан, мастарыскыайдарыгар үлэлии сылдьаллар. Түннүгүнэн киирбит күн уотугар мас быыла соруктаахтык тэбис-тэҥҥэ үллэҥниир. Никита үөһэ этээскэ мас устуруустуур, Саргы аллараа аан кырааскалыыр.
“Бу итиигэ хайдах үлэлиигит?” — диэн ыйытыылаах киирдим. Онуоха дьиэлээхтэр: “Үлэтэ суох сатаан сыппаппыт. Мастарыскыайбыт олорор тэлгэһэбитигэр турар буолан бара турабыт”, — дэстилэр. Никита, Саргы Колодезниковтар-Матчитовтар дьиэ кэргэн “Nikason brand” диэн дьоҕус эрээри саха дьонугар биллэр-көстөр маһынан уһанар уонна эргэ миэбэли чөлүгэр түһэрэр мастарыскыайдаахтар.
“Маһынан утумнаахтык 2016 сыллаахтан дьарыктанан саҕалаабытым. Ол иннинэ көмүс оҥоһуктары оҥорор, миэбэл таҥар тэрилтэлэргэ үлэлии сылдьыбытым, — диэн Никита саҕалыыр. — Уһанарбын оҕо эрдэхпиттэн сөбүлүүр эбиппин. Сайын ахсын эбээлээх эһээбэр, ийэм Зинаида Михайловна дойдутугар, Нам Үөдэйигэр барааччыбын. Эһээм ыҥырыыга сылдьар мас ууһа этэ. Эмиэ араас миэбэллэри оҥороро, дьиэлэри тутара. Тэҥҥэ сылдьыһарбын, илии-атах буоларбын өйдүүбүн.
Бэһис-алтыс кылаастарга үөрэнэ сылдьан дьиэбэр үүнээйилэргэ анаан сиэрдийэ күрүө уонна сайыҥҥы күөстэнэр дьиэҕэ аан оҥорбуттаахпын. Оччолорго “Санта Барбара” диэн сериал кэлээччи дии. Саҕаланыытыгар сотору-сотору арка аан элэҥнээн ааһарын өйдүүр буолуохтааххыт, онно ымсыыраммын үөһэнэн уонна аллараанан тус-туспа арыллар арка аан туппутум. Ити кэмтэн дьонум уолбут уус буолууһук дэһэр буолбуттара.”
Тоҕо икки хос араспаанньалаахтарый диир буоллаххытына, Колодезников — Никита араспаанньата. Таатта улууһун Алдан нэһилиэгин Колодезниковтар диэн халыҥ аймахха улааппыта. Матчитов диэн Саргылана аҕатынан араспаанньата. Николай Николаевич Матчитов Мэҥэ-Хаҥаластан төрүттээх Саха сирин спордун историятыгар дьоһун суолу-ииһи хаалларбыт уһун тыыннаах быһый, сүүрүүгэ норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара. Хомойуох иһин, кини билигин биһиги кэккэбитигэр суох. Онон тапталлаах кыргыттара аҕаларын үтүө аатын ааттата тураары харысхал араспаанньа оҥостубуттар. Оттон тэрилтэлэрэ тоҕо “Никасон” диир буоллаххытына удьурҕай баттахтаах, киппэ уолу дьоно Никасон (Суон Никита) диэн таптаан, араҥаччылаан ааттаабыттар.
“Никита Намнааҕы педагогическай колледжы бүтэрбитэ. Идэтинэн труд, черчение уонна уруһуй учуутала. Мин Санкт-Петербургтааҕы экономика иститутугар үөрэммитим. Идэбинэн экономиспын уонна бухгалтербын. Сыыппара эйгэтиттэн айар үлэҕэ кэлбитим. — диэн Саргылаана кэпсиир. — Билигин Никитаҕа көмөлөһөммүн эргэ миэбэли чөлүгэр түһэриинэн дьарыктанабын. Маҥнай олус салларым. Сыыйа, киһи туохха барытыгар үөрэнэр дииллэрэ кырдьык эбит. Бу үлэ уустук эрээри, биһиги сөбүлүүр буоламмыт толлон турбаппыт.
Үлэлиэхпититтэн эргэ мал-сал иччилээҕэр итэҕэйдибит. Хас биирдии миэбэл тус-туспа майгылаах уонна дьиктилээх буолар. Сорох эргэ оҥоһук мастарыскыайга турдаҕына киһи иэнэ кэдэҥнээн кэлээччи. Ким эрэ көрөн турар дии санааҥҥын кэннигин хайыстахха туох да суох буолааччы. Тыас-уус да иһиллээччи. Арай, аһаҕас эттээхпит эбитэ буоллар тугу эрэ көрүө эбиппит буолуо. Хата, оннук суох.
Биирдэ бастакы буфеппытын үрэйэн саҕалаабыппытын кэннэ түүл көрбүтүм: түүлбэр ыскаабым утары туран эрэ кэпсэтэбин. Кини миэхэ этэр “миигин оҥорума, тыытыма диир”, онуоха мин “үйэҕин уһатыам, көҥүллээ” диибин. Сөбүлэҥин ыламмын уһуктан кэлбитим. Долгуйаммын ойон тураат алаадьылаан сырылаппытым. Ити кэннэ хас биирдии малы оҥоруохпут иннинэ тылбытынан-өспүтүнэн көрдөһөбүт, көҥүлүн ылабыт, алаадьылыыбыт. Биһиги кинилэргэ иккис тыын, өссө биэс уонча сыл туһалыы, хараҕы үөрдэ туралларыгар олох бэлэхтиибит”.
“Дьон өбүгэлэрин малын оҥотторо өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан аҕалаллар. Биирдэ икки миэтэрэттэн ордук үрдүктээх, икки сыл устата оҥоһуллубут 120 саастаах буфеты Ньурбаттан аҕалан турардаахтар. Бу сүдү ыскаабы нуучча аҕабыыттара оҥотторбут буолуохтарын сөп диэн сабаҕалыыбыт. Саха киһитигэр сөбө суох улахан кээмэйдээҕэ. Ону ааһан кистэлэҥ ааннардааҕа. Саха мындырын оччотооҕу үлэлэри көрөн сөҕөбүн. Уһанарга анаан ханна даҕаны үөрэммэтэҕим, араас уустар үлэлэрин көрөн, толкуйдаан, былыргылыы технологияны, албастары туһанан уһанабын. — Никита. ”
“Биирдэ Дьокуускайга “Кантри Стейк” рестораҥҥа “Гарри Поттер” диэн оҕолорго аналлаах хоско киирэ сылдьан хас биирдии муннугар хаартыскаҕа түһэн, астынан тахсыбыппытын өйдүүбүн. Бу хоһу кини оҥорбутун истэн сөхтүм уонна киэн тутта санаатым, саха сиригэр уһулуччу дьоҕурдаах уустар баалларыттан. Дьоҕур туһунан Никита бэйэтин санаатын бу кэпсэтэрбитигэр эмиэ этэн турар: “Уһанары киһи барыта сатыыр кыахтаах. Үөрэниэн уонна ол дьоҕурун арыйыан наада. Мин Намнааҕы пед. училищеҕа үөрэнэр кэммэр сөҕөн турардаахпын: сатаан уруһуйдаабат оҕолор үөрэхтэрин бүтэрэллэригэр кимнээҕэр үчүгэйдик уруһуйдуур, ураты буочардаах худуоһунньук буолан тахсалларын. Ити кыһаллыы уонна күүстээх баҕа санаа түмүгэ”. Никита бу этиитигэр өссө биири эбиэм этэ — оҥорор дьыалаҕа таптал баар буолуохтаах. Бастакыбын көрүстүм: “Олус үчүгэй, өрөбүл күн диэн суох. Мин үлэм — мин сынньалаҥым”, — диир киһини — кинини. Киһи эрэ барыта сынньанарын астынар диэн өйдөбүллээх эбиппин. Бу толкуйум кинилиин көрсүһүүм кэннэ үрэлиннэ.
““Nikason brand” өссө да кэҥээн, улаатан иһэригэр итэҕэйэбин. Бу саҕалааһын эрэ дии санаатым. Сайдар аартыккыт арыллан, дьоҕургут улаатан, үтүө дьыалаҕыт тупсан иһэригэр.