Рубрика: Служебная: Слайдер на главной
1990 с. «Эхо недели» алтынньы 27 күнүнээҕи нүөмэригэр Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕар Маша Дьяконова, Лира Игнатьева уонна Аня Мохначевская диэн 13-12 саастаах кыргыттар НЛО көрбүттэрин кэпсээбиттэрэ баар. Маша: «Биһиги сир астыы тахсыбыппыт. Төннөн иһэн Быадан алааска сынньана олорбуппут. Эмискэ бөртөлүөт тыаһаабыта, сыыйа «Дружба» эрбии тыаһыгар кубулуйбута. Алааска күүстээх тыал түспүтэ. Көрбүппүт, төгүрүк кылабачыйа сылдьар туох эрэ элиэтээн кэлэн сиргэ тиийэр тиийбэт салгыҥҥа ыйанан турбута. Сотору тэриэлкэ аана аһыллыбыта, кирилиэс түспүтэ, иһиттэн икки киһи түспүттэрэ. Үрдүк баҕайы буолан ааннарыгар төҥкөйөллер этэ. Таҥастара чэй көмүһүн курдук комбинезон, төбөлөрүгэр антенна уонна лаампа баара. Саннылара кыра мултугур, синньигэс сирэйдээхтэр, илиилэрэ биирэ уһун, биирэ кылгас. Чааскы саҕа төгүрүк харахтаахтар, муннулара суоҕа, айахтаахтар этэ. Устар курдук хааман матасыыкыл хараҕын тэбиэлээн көрбүттэрэ, нүөмэрин устан баран кэтэппиттэрэ. Онтон биһигини көрбүттэрэ. Биһиги куттанан куотан хаалбыппыт».