Рубрика: Служебная: Слайдер на главной
Сахалар былыр-былыргыттан өрүстэр, күөллэр турдулар эрэ муус ылар үгэстээхтэр. Билигин даҕаны тыа ыала муус ылан булууска харайа сылдьан төгүрүк сыл устата иһэллэр. Оттон куорат таас дьиэлэрин олохтоохторо ууну оннук ылан иһэр ньымабытын олох умнан кэбистибит.
Ийэ сирбит киһи этин-сиинин курдук 70,8 %-на ууттан турар. Ууга тыынар тыыннаах үөскүүр. Уу барытын суурайар, киһи тиийбэт сирдэригэр тиийэр, ыраастыыр кыахтаах. Ол көмөтүнэн араас биохимическэй дьайыылар бараллар. Маны ааһан уу биир ураты күүһэ — тулалыыр эйгэни барытын үтүгүннэрэн ылар.
Дьоппуон учуонайа, эмчит Масару Эмото уу кристалларын хаартыскаҕа түһэрэн, уу үтүгүннэрэн ылар уратылааҕын дакаастаабыта. Бу үлэтигэр ууга араас үтүө, мөкү тыллары, муусуканы, тыаһы-ууһу иһитиннэрэн баран, -20 кыраадыска диэри тоҥорон, кристалларын микроскоп нөҥүө хаартыскаҕа түһэрэн көрбүт. Араас омук махтанар тылын-өһүн, кылаассыка муусуканы, айылҕа тыаһын-ууһун “истибит” уу гексаграммалара олус кэрэ буолбуттар. Оттон ыарахан муусука, быдьар, соруйар тыллар, аһы сылытар тэрил (микроволновка), тэлэбиисэр, төлөпүөн дьайыыта ууну үөдэн-таһаан оҥорор эбиттэр. Бу туһунан сиһилии кэлэр сылга «Далбар хотун» сурунаал 1 нүөмэригэр тахсыаҕа.