Рубрика: Ийэ муннуга
Саҥа киһи кэлэр сибикитэ биллэрин кытары, бастакынан, дьиэҕэ баар ыттары таһырдьа үүрэллэр. Уол оҕо төрөөтөҕүнэ — ыты 3 күн устата иһирдьэ киллэрбэттэр. Ыт, уол оҕоҕо «булт-алт бүтүннүү кини илиитигэр киириэҕэ, мин онтон матыам» диэн күнүүлүүр. Ол иһин уол төрөөбүтүн биллэҕинэ, сэмээр, муннунан ааны сэгэтэн оҕону тымнытыан сөп. Кыыс оҕо төрөөтөҕүнэ — ыты бастакы күнүттэн дьиэҕэ киллэрэллэр. Ыт кыыс оҕоҕо үөрэр: «кыптыый анныттан аһыам, тирии кырадаһынын сиэҕим, иһит кэһиэ5э, сууйбут уута миэхэ тиксиэ» диэн. Ол иһин ыт кыыһы тымныппат буола сатыыр, үрэр сири бэйэтин эттигинэн, кутуругунан бүөлүүр.