Рубрика: Бэлиэ түгэн

18/12/2023 г.

Ааспыт нэдиэлэҕэ “Үөһээ Бүлүү” хаһыат тэриллибитэ 80 сыллаах үбүлүөйэ буолан ааста. Биллэрин курдук, улуустар хаһыаттара “Саха бэчээт” тэрилтэҕэ киирэн, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, кумааҕынан тахсар хаһыаты сэргэ куйаар ситиминэн хото тахсаллар. Бар дьоммут өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүн сонунун “Улуус медиаттан” сомсон ыла олороро баар суол. Аныгы олох тэтиминэн дьон хаһыаты суруттарыыта ханна да буоларын курдук мөлтөх. Ол гынан баран, ханна үлэ барар сиригэр көстүү оннук хобдох буолбатах. Холобурга эттэххэ, “Үөһээ Бүлүү” хаһыат күн бүгүн дьонугар-сэргэтигэр чугас.


Хаһыат аныгы туругун, сайдар саҕахтарын туһунан төгүрүк остуол тула олорон ирэ-хоро кэпсэттибит. Үбүлүөй чэрчитинэн ыытыллыбыт тэрээһин улуус киин бибилэтиэкэтигэр буолла. Манна хаһыат бэриниилээх ааҕааччылара кэлэн санаа атастастылар. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр учуонай, историк, уопсастыбанньык Никита Деевич Архипов бэчээт эйгэтин тарбахха баттанар абыраллаах ааптара хаһыат хайа да кэмҥэ суолтата улаханын бэлиэтээн туран, дотация наадатын ыйда. Кини этиитин мустубут дьон бары өйөөтүлэр. Никита Деевич улуус хаһыата ис хоһооно баай, киһи болҕомтотун тардар, олох бары эйгэтин хабан сырдата олорор диир. Ийэ тылы хараанныырга күүскэ үлэлиирин тоһоҕолоон бэлиэтиир.


“Хаан-уруу хаһыатым” диэн киһи эрэ сүрэҕин ортотунан киирэрдии эппит уопсастыбаннай корреспондент, Мэйик олохтооҕо Владимир Федоров нэһилиэктэригэр биэс-алта эрэ ыал хаһыакка суруттарар диир. Дьон суруппат буолуутун төрүөтүнэн почта мөлтөх үлэтин ыйар. “Хаһыат мунньуллан баран биирдэ кэлэр, онон дьон суруттарбат буолла. Ол гынан баран, ботуруйуоттуу санааттан даҕаны улуус олохтоохторо хаһыакка суруттарыахтарын сөп этэ. Былыр үөрэҕэ суох дьон хаһыаты суруттарара дии. Дьиҥэр, хаһыаты аахтахха, киһи элбэҕи билэр, куйаар ситимигэр суох манна баар. Ону сатаан дьоҥҥо тиэрдиэххэ баара”, — диир хаһыат “Коммунизм сардаҥата” диэн ааттааҕыттан быһа суруттаран ааҕар, 43 сылы мэлдьи хаһыатын “подшивкалыыр” киһи.


Эдэр поэт Харыйалаах уола аҕата хаһыаты ытыктыырга, ааҕарга үөрэппитин бэлиэтиир. Үөрэҕэ суох тырахтарыыс киһи хаһыаты сыа-сым курдук тутан, мунньан иһэр этэ диэн ахтар. “Биһиги, оҕолор, хаһыаты хайытарбыт, марайдыырбыт көҥүллэммэт этэ. Аҕабыт дьиэ эркинигэр тигэн баран ыйаан турара. Оннук ытыктабыллаах сыһыаннаах этэ. Мин билигин хаһыаппар сурутабын, эмиэ аҕам курдук мунньан уурунан иһэбин. Хаһыат тыла – кырдьыктаах. Оскуола оҕолорун юнкор оҥостон, сыһыарыахха наада. Ааҕар көлүөнэни бэйэбит иитиэхтээхпит”, — диир эдэр суруйааччы, Дүллүкү кулуубун методиһа.
Мирнэй куоракка олохсуйан олорор Любовь Платонова үбүлүөй тэрээһинигэр анаан кэлбит. Кини үөрэммит “восьмилеткатын” учууталларын туһунан хаһыакка тиһигин быспакка суруйбута хайҕаллаах суол.


Төгүрүк остуолга мустубут дьон хаһыат сүтэр-симэлийэр анала суоҕун бэлиэтииллэр. Ол эрээри, былаас өттүттэн улуустар хаһыаттарыгар күттүөннээх өйөбүл наадатын ыйдылар.
Бу курдук кэскиллээх кэпсэтии буолан ааста Үөһээ Бүлүү хаһыат үбүлүөйүн чэрчитинэн. Билигин үлэлээн суһумнана сылдьар айар кэлэктиип үбүлүөйдэрин бэрт сэргэхтик, сонуннук, уратытык тэрийдэ. Бас эрэдээктэр Кристина Семенованы уонна бары суруналыыстары, тэхиниичэскэй үлэһиттэри өрөгөйдөөх үбүлүөйгүтүнэн өссө төгүл эҕэрдэлиибин! Хаһыат баар буолуо олох баарын тухары!

Айталина НИКИФОРОВА-ШАДРИНА, “Далбар Хотун” бас эрэдээктэрэ.