Рубрика: Бэлиэ түгэн
Күндү киин куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара!
Кулун тутар 1– 25 күннэригэр (субуота, баскыһыанньа күннэриттэн ураты) Комдрагмет дьиэтигэр (2 мэндиэмэн) “ДАЛБАР ХОТУН” сурунаал 30 сыллаах үлэтин кэпсиир быыстапкаҕа ыҥырабыт. Быыстапка үлэлиир кэмигэр сурунаал дьоруойдарын туһалаах сүбэлэрин истиҥ, маастар-кылаастарыгар үөрэниҥ. Киириитэ босхо.
“ОЛОХ ОЙУУТА” быыстапка чэрчитинэн буолар:
– Кулун тутар 4 күнүгэр 16.00 чаастан бөлүһүөгү, үрүҥ ойууну КУЛАН ХААНЫ кытта көрсүһүү.
– Кулун тутар 5 күнүгэр 15.00 чаастан МАРИЯ БОСИКОВА таҥастан брошь оҥорор маастар-кылааһа, МАРИЯ ЗАБОЛОЦКАЯ, таҥаһы быысапканан киэргэтэр маастар-кылааһа.
– Кулун тутар 6 күнүгэр 15.00 чаастан уйулҕаһыт ТАМАРА ЕГОРОВАНЫ кытта истиҥ кэпсэтии.
– Кулун тутар 11 күнүгэр 11.00 чаастан МОНГОЛИЯ КАШЕМИРА. Дефиле.
– Кулун тутар 12 күнүгэр 14.00 чаастан “ВИКТОРИ КЛИНИК” пластическай хирурун, дьахтар бырааһын сүбэлэрэ.
– Кулун тутар 14 күнүгэр 15.00 чаастан МАТВЕЙ ЛЫТКИН скандинавскай хаамыыга маастар-кылааһа.
– Кулун тутар 15 күнүгэр 15.00 чаастан МАРИНА КУЗЬМИНАНЫ кытта бииргэ үҥкүүлүөх.
Бырагыраамаҕа уларыйыылар баар буолуохтарын сөп. 8-924-176-66-45 эрийэн билсиҥ.