Рубрика: Служебная: Слайдер на главной
Сурунаалбыт сирэйин Руслан Анатольевич Кириллин Арассыыйа наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Криолитозона биологическай кыһалҕаларын институтун чинчийээччи-инженера түһэртээбит хаартыскалара киэргэтэллэр.
Руслан Анатольевич хаартыскаларын кини үлэтигэр көрүдүөргэ ыйанан туралларын бэлиэтии көрбүтүм уонна ыксыы сылдьыбыт бэйэм налыйан, уоскуйан хаалбытым. Кып-кырачаан чыычаах талахха олорорун киһи таптыы-таптыы төһө баҕарар көрүөх курдук түһэрбит этэ. Аны салгыҥҥа көтө сылдьар көтөрдөр хайдах курдук көҥүллэрий, үрдүктэрий… Кини хаартыскалара киһини уоскутар уонна туох эрэ үрдүгү ситиһэргэ көҕүлүүр күүстээхтэр диэн итэҕэйдим.
Миигин хаартысканан үлүһүйээччи диэххэ сөп. Бэйэм тугу сөбүлүү көрбүппүн дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөөрү түһэрэбин: билэр дьоммун, интэриэһинэй дьиэни-уоту, пааматынньыктары, айылҕа дьикти көстүүлэрин, кыыллары уонна көтөрдөрү. Олортон анаан-минээн кыылы-сүөлү, көтөрдөрү түһэрэрбин ордоробун. Оҕо эрдэхпиттэн булка сыстыбыт буоламмын хамсыыр харамайдары көрдөөн, кэтээн көрүөхпүн олуһун баҕарарым. Кыылы-сүөлү тыыннаах харамайдары айылҕаҕа көрөр отой атын, быдан интэриэһинэй, долгутуулаах буолар. Бу сылдьан эбиитин хаартыскаҕа түһэрдэхпинэ, табыллыбыт кадр таҕыстаҕына, дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүөм диэн олуһун үөрэбин! Үлэлэрбин дьон сэҥээрэ, астына көрдөҕүнэ дьоллонобун.
Өлөҥ чыычааҕа
Бу хаартыска сөбүлүүр хаартыскаларбыттар биирдэстэрэ. Биирдэ омук сириттэн «бёрдворчердар» (көтөрү кэтээн көрөөччүлэр) кэлбиттэрэ. Кинилэр ханнык чыычаахтары көрүөхтэрин баҕаралларын эрдэттэн суруммут испииһэктээхтэрэ. Биһиги ол көтөрдөрө олохсуйар сирин-уотун көрдөрөн, булан биэрэр соруктаах этибит. Бу дьон Иркутскай уобаластан сылдьар сирдээччилээхтэрэ. Ол киһиэхэ кыракый колуонкалааҕа онно чыычаах саҥатын холбоотоҕуна наадыйар чыычаахтара тиийэн кэлэрэ. Кинилэр сарсыарда күн тахсыыта уонна киэһэ күн киириитэ “көмүс бириэмэҕэ” эрэ сылдьаллара. Биир оннук кэмҥэ кинилэр чырылас диэн чыычаахха аралдьыйа сылдьыбыттара. Мин тэйиччи соҕус, талахха өлөҥ чыычааҕа ыллыы олорорун бэлиэтии көрбүтүм. Кини дулҕа үрдүгэр үүнэн тахсыбыт талахха сылдьара. “Кэнниттэн турдахпына күнүм оруобуна чыычааҕым кэннигэр буолар эбит” дии санаабытым. Төлөппүөммэр чыычаах саҥалара баалларын өйдөөммүн чыычааҕым сылдьар сиригэр сүүрэн тиийбитим уонна кини саҥатын холбообутум. Ону истэн чыычааҕым аттыбыттан олох арахпатаҕа, атаҕым анныгар өр соҕус кэмҥэ ол төлөппүөҥҥэ саҥарар чыычааҕын көрдөөбүтэ. Онтон өй ыламмын тыаспын араарбытым. Ол эрэ кэннэ чыычааҕым талаҕар төттөрү көтөн тахсыбыта. Бу кэмҥэ сэрэниин-сэрэнэн, эрдэ сырдыгын-хараҥатын бэлэмнээбит фотоаппараппынан кыҥаан баран чыычаахпын түһэрбитим итинник тахсыбыта. Бииргэ сылдьыбыт дьонум сөҕүү бөҕөлөр этэ. Хаһан баттаһан түһэрэ оҕустун дэспиттэрэ.
Юлия Пестрякова