Рубрика: Сир уоҕа
М. Н. Андросова — Ионова 1864 сыллаахха төрөөбүтэ. Оччотооҕу саха дьахтарыгар олус сайдыылааҕын сөҕөбүн. Бүгүн, сүбүөкүлэ олордуутугар сүбэлэрин билсиэҕиҥ. Сүбүөкүлэ кирээдэтэ уһуна уон саһаан, кэтитэ икки арсыын, үрдүк буордаах буолар. Сүөһү киитинэн оҥоһуллубут хара буор, көбдөркөй, икки хоруур устата дириҥ хаһыыланар. Сиэмэни түһэрэргэ хаһан «көһүйэ» диэн оҥоһуллар. Икки ардылара алталыы бөрсүөк. Оннук кирээдэҕэ 7-8 солотунньук сиэмэ тиийиэх кэриҥнээх. Көһүйэ аайы 2-3 сиэмэни түһэрэҕин. Сиэмэни ыһыах биир-икки хонук иннинэ инчэҕэй тэрэпиискэ эбэтэр инчэҕэй муох быыһыгар сиигитэр үчүгэй. Сиэмэни көһүйэҕэ түһэрээт, кураанах сылгы киитин бытарытан илии аҥара халыҥ гына буордаан саба тарыйаҕын. Ол кэнниттэн сиидэнэн эбэтэр лиэйкэнэн, миинньигинэн ууну ыһаҕын. Ото тахсыар диэри оҕордүк гынаҕын. 2-3 сүбүөкүлэ араскыта таҕыстаҕына үргээн бэлэмнэммит сиргэ көһөрөҕүн. Олордуох иннинэ синньигэс силиһин төбөтүн сэбирдэҕин үөһээ бысталыыгын. Саас хаһыҥ уурайбытын кэннэ олордуллар.