Рубрика: Айар кут
“Уот уола уонна Хаарчаана” диэн музыкальнай остуоруйа тыйаатыр сыанатыгар саҥа дьылы көрсө туруоруллан, көрөөччү хайҕабылын ылбыта. Мин көрбөккө хаалбыт киһи, хата, киинэтигэр сылдьан улаханнык үөрдүм. Үөрдүм уопсай сайдыы сүүрээниттэн. Остуоруйа Саҥа дьыллааҕы көстүү буолан, баҕар, ис хоһооно биллэр, судургу курдугун иһин, туруоруута, уота-күөһэ, артыыстар талааннара, ырыалар ылбаҕайдара – барыта холбонон, олус диэн бэртээхэй испэктээх буолбут. Киһи сынньанар, күлэр, ардыгар сырдык иэйиигэ куустарар. Маныаха бары сөбүлүүр Эльдар Рязанов саҥа дьыллааҕы “Ирония судьбы или с легким паром” киинэтин өлбөт-сүппэт аналын сүрүн кистэлэҥинэн Б. Ахмадулина, М. Цветаева, Б.Пастернак, Е.Евтушенко хоһоонноругар Микаэл Таривердиев ырыалара туттуллубуттара буоларын курдук, бу остуоруйаҕа оҕо саастан бары таптыыр ырыаларбыт киирбиттэрэ улаханнык байыппыт, ситэрбит-хоторбут. Аны туран остуоруйа көстүүмнэрэ – туспа кэпсээн. Хас биирдии уобараһы ураты кэрэ көстүүмнэр эмиэ арыйаллар. Олус талааннаах модельердар, иистэнньэҥнэр үлэлээбиттэрэ харахха быраҕыллар.
Биир бэйэм Айгылаан үрүҥ суорун сөбүлээтим уонна эстрада артыыһа талаанын киэҥиттэн сөхтүм. Кини уобараһа устуоруйаны олус диэн сэргэхситтэ. Ону кытта удаҕан оруолун толорбут Анастасия Алексеева куолаһын күүһэ, артыыстыыр талаана – барыта ситэри. Ырыаһыттарбыт академическай талааннарыттан сөхпөт да буола сылдьабыт, бу сырыыга эстрада театрын сулустара ыллаан-оонньоон остуоруйаны ураты тыыннаатыылар. Хаарчаана оруолун толорбут тутаах уобараһы идэлээх артыыска буолбакка, блогерга биэрбиттэрэ эмиэ ураты буолла. Паулина Турмель оруолун арыйда диир тоҕоостоох. Оттон Уот уолун оонньообут артыыс талаана олус чаҕылхай. Ааптардарга Любовь Готовцеваҕа, Варя Максимаҕа көрөөччүлэр махтаныахтарын махтаналлар. Дьүөгэлии кыргыттар өссө да саҥа айымньыны, сонун испэктээҕи бэлэхтиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
А.Шадрина.