Рубрика: Служебная: Слайдер на главной
Дьахтар симэҕэ саха итэҕэлин, духуобунай култууратын кытары сибээстээх. Сиппит-хоппут симэх элбэх элээмэттэн (детали) турар. Түҥ былыр саха уустара үрүҥ алтантан (медь), кыһыл алтантан (красная медь, бронза) таптайан оҥороллоро. Сыыйа үрүҥ көмүһү уһааран кутан оҥорор буолбуттар. Дэҥҥэ кыһыл көмүстэн куталлара. Дьэ, бу симэхпит туох-туох элээмэлэртэн турар эбитий? Туоһахта — дьабака бэргэһэ дьобдьууругар тигиллэр төгүрүк эбэтэр дэлбиһэх быһыылаах хаптаҕай оҥоһук. Туоһахтаҕа айыы аймаҕыттан айдарыы бэлиэтэ, биис ууһун ытык харысхал оһуордара, ийэ кыыл дьаралыга, үрдүк халлаан аҕа таҥаратын кытары ситим ала бэлиэлэрэ тураллар. Туоһахта бастакы анала — куйах. «Кыргыс үйэтин» кэмигэр тимир туоһахтаны кураах бэргэһэ сүүһүгэр, оройугар, кэтэҕэр хараҕалаан сытыы оноҕостон көмүскэнэллэрэ. Оннук кэтэҕэр куйах туоһахталаах XVIII үйэ бастакы аҥарынааҕы бэргэһэни Э. Крубези арх. экспедицията Чурапчы улууһун Сэргэлээх алааһыгар хараллыбыт былыргы киһи уҥуоҕуттан булбут. Салгыы тахсыаҕа.
Саха дьахтарын симэҕэ — кыыс ситэн эргэ тахсар, ийэ буолар, биис ууһун тэнитэр кыахтаммытын бэлиэтэ. Иккиһинэн, ийэ кыыһыгар эбэтэр кийиитигэр хаалларар баайа-дуола, нэһилиэстибэтэ. Үсүһүнэн, төрдө-ууһа, удьуордарыттан тиксибит ытык бэлиэлэрэ. Төрдүһүнэн, бэйэтин уонна ыччатын харыстыыр ымыыта. Сахалар бэйэлэрин «күн улууһун, айыы аймаҕын» дьонобут дэнэллэрэ. Үрүҥ көмүс симэхтэр киһини айыылары кытары ситимниир аналлаахтар. Дьахтар симэҕэ үс, түөрт хаттыгастаах:
1. Үрүҥ айыы бэлиэтэ дьабака бэргэһэҕэ тигиллэр эбэтэр бастыҥа сирэйигэр олорор туоһахта. Ол эбэтэр, бас «салгын кут» уйата.
2. Илин кэбиһэр иитэ — ый ымыы «айдарыы». Бу соҕуруу халлаан айыытын Улуутуйар Улуу тойон көмүскэлэ.
3. Илин кэбиһэр ортотугар, түөскэ «күн» олорор. Бу «ийэ кут» уйата дэнэр.
4. Курданар кур тыла киирэр «ийэтэ» киини бүөлүү сытар. Бу «буор кут» харысхала. Киһи төрүүр-ууһуур аллараа өттүн көмүскүүр аналлаа.