Рубрика: Служебная: Слайдер на главной
Бу 1891 сылаахха түспүт дьон таҥастарыгар, күннэтэ кэтиллэр, судургу, чомпой бэргэһэ бииһин көрөҕүт. Маннык бэргэһэ араас тирииттэн тигиллэрэ. Иһэ түүлээх буолар. Арыый мааны чомпой — кэтэх өттө саһыл тыһа, иннигэр саһыл уорҕата, киис кырымахтаах тириитэ кылдьыылаах буолар. Иһигэр тииҥ, куобах, торбос намчы түүтүн туталлар. Маны таһынан, үрдүк оройдоох чомпо бэргэһэ баар. Чомпо — тугут, таба тириититтэн, түнэттэн, түүнэн истэнэн тигиллэр. Кулуук бэргэһэ диэн сукуна истээх, кулгаахтаах, буобураттан тигиллэр бэргэһэни ааттыыллар. Былыр бэккэ ытыктанар киһи дьабака бэргэһэни эмиэ кэтэрэ, ордук алгысчыт. Маны таһынан, дьорбуоҥка диэн төгүрүк, оройо саһыл тыһа, кылдьыыта саһыл, киис уорҕаларыттан тигиллэр алтаайдар, хахаастар, тувиннар бэргэһэлэригэр майгынныыр бэргэһэ баар. Сайын эр дьон ньарбаанкы диэн куондардаах, чомпой бэргэһэҕэ майгынныыр бириһиэн, холуста бэргэһэ кэтэллэрэ. Сыыйа сэлээппэ, курааска киирбит.