Рубрика: Служебная: Слайдер на главной
Төрөөбүт төрүт тылбыт күнүгэр ситимнээн, уу сахалыы саҥарар, суруйар, ааҕар эдэркээн кыргыыс кыыһын Акбермет Эргешованы билиһиннэриэхпин баҕарабын. Кини ийэтин кытта Кыргыстаан курдук сылаас, сымнаҕас килиимэттээх дойдуттан, тыйыс айылҕалаах, уустук усулуобуйалаах Саха сиригэр, буолаары буолан Өймөкөөн улууһугар көһөн кэлэн олохсуйбуттара номнуо уонтан тахса сыл буолбут.
Оччолорго Акбермет тоҕус саастаах иккис кылаас үөрэнээччитэ этэ. Ийэтэ Ирысбу Джакубовна Исакова идэтинэн уопсай быраактыка бырааһа эбит. Үчүгэй нэһилиэгэр маннааҕы доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин ыҥырыытынан кэлбит уонна күн бүгүнүгэр диэри үлэлии-хамныы сылдьар. Кини түөрт уолун атахтарыгар туруортаан баран, 45-гэр күүтүүлээх кыыһын Акберметы оҕоломмут, оччолорго кыра уола 16 саастааҕа. Ирысбу Джакубовна кыыһын сиэппитинэн хаһан да үктэммэтэх, түһээн да көрбөтөх дойдутугар, кыһын ортото баччаларга көһөн кэлбит. Онтон бэттэх күн-дьыл ааһан, Акбербет Үчүгэй орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, билигин ХИФУ-ка ХИНТуоКИ диэн ыччаты кытта үлэни тэрийиигэ сыһыаннаах саҥа арыллыбыт салааҕа үөрэнэн бүтэрээри сылдьар.
Акбермет, аан бастаан Саха сиригэр кэлбит күҥҥүн өйдүүгүн дуо?
– Өйдөөн бөҕө буоллаҕа дии, нууччалыы эттэххэ, “культурный шок” ылбыппыт. Олунньу ыйга кэлбиппит, тыбыс-тымныы, туман да туман этэ. Кэлээри сылдьан халыҥ таҥас бөҕөтүн ылынан ыбылы таҥныбыппыт. Санаабытыгар аһара сылаастык таҥныбыт курдук этибит. Онтубут манна холоотоххо сааскылыы эбит. Инньэ гынан, сөмөлүөттэн түһээт да лоһугураччы тоҥон барбыппыт. Онтон дьэ, саҕынньах атыылаһан кэппиппит, унтуу диэн тугун билбиппит. Аны туманнаах буолан бэйэ-бэйэбитин сүтэрсэн, мунан хаалар этибит. Мин сотору-сотору “Мама ханна бааргыный?” диэн хаһытыырым. Ити курдук, маннык кыһыны бастакытын көрбүт дьон наһаа соһуйбуппут. Бастаан доҕотторбун, убайдарбын ахтан төттөрү барыахпын баҕарар этим. Оттон билигин дойдубар тиийдэхпинэ Сахам сирин наһаа ахтабын. Ийэбин барыахха диэммин ыксат да ыксат буолааччыбын.
Саха тылын төһө кэминэн баһылаабыккыный?
– Анаан-минээн үөрэппэтэҕим эрээри, сыл иһинэн холкутук саҥарар, быһаарсар буолбутум. Үчүгэйгэ бииргэ үөрэммит оҕолорум, тулалыыр дьонум үгүстэрэ сахалар этэ. Инньэ гынан, оҕо-оҕо курдук түргэнник үөрэммитим. Оскуолаҕа саха тылыттан, литэрэтиирэттэн ураты нууччалыы үөрэппиттэрэ. Кылааһым оҕолоро мин кэлэрбэр нууччалыы үчүгэйдик саҥарбат этилэр. Ону ол диэбэккэбит илии-атах көмөтүнэн кэпсэтэн-ипсэтэн олус иллээхтик үөрэммиппит. Инньэ гынан, үһүс кылааска номнуо саҥарар буолбутум, алын кылааһы бүтэрэр бырааһынньыкпытыгар оннооҕор сахалыы ыллаан турабын.
Оттон бэйэҥ төрөөбүт тылгын умнубатаххын дуо?
– Суох, ийэбин кытта сороҕор кыргыыстыы кэпсэтээччибит ээ. Ийэм төрөөбүт тылгын умуннаххына, бэйэҕиттэн туоххун эрэ сүтэриэҥ диирэ. Кырдьык, хас биирдии омук бэйэтин тылын, култууратын билиэхтээх дии саныыбын. Мин олоҕум улахан аҥаарын манна атаардаҕым дии. Ол иһин, кыргыыс тылынааҕар ордук сахалыы үчүгэйдик суруйабын. Ол эрэн, дойдубар тиийдэхпинэ аймахтарбын кытта төрөөбүт тылбынан холкутук кэпсэтэбин. Онно сайын аайы барабыт. Сорох ардыгар сахалыы хоруйдаан күллэрээччибин.
Тылларбыт, арааһа, майгыннаһар буолуохтаахтар дии?
– Оннук, ордук аат тыллар, туохтуурдар майгыннаһаллар. Холобур, ый – ай, сулус – жылдыс, ыт – ит, тохтобул – токто, тур – туруу, кэл – бери кел, Ытык-Күөл – Иссык-Куль (сылаас күөл) суолталара биир курдук. Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпинэ саха уонна кыргыыс тылын тэҥнээн үөрэппитим, онон дойду таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ кыттан миэстэлэспитим.
Сахалар, кыргыыстар, төрөөбүт дойдуҥ уонна улааппыт сириҥ диэххэ, туох эмэ майгыннаһар өрүттээхтэр дуо?
– Бастатан туран, биһигини айылҕаҕа ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыы ситимниир. Кыргыыстар эмиэ айылҕаҕа мээнэ айдаарары, ыһары-тоҕору сөбүлээбэттэр. Ону таһынан, олус ыалдьытымсахпыт. Саха дьоно ыалдьыт кэллэ да тута остуолларын үрдүгэр түһэллэр. Чээйдэтэн баран биирдэ ыыталлар. Биһиэхэ эмиэ оннук. Киһи киирэн кэллэ да бастаан чэйдэрин куталлар, хонноруохтарын да сөп. Уопсайынан, ыалдьыты үчүгэйдик көрсүүгэ улахан болҕомтону уураллар. Барааннарын, сүөһүлэрин да өлөрүөхтэрин сөп. Бу соторутааҕыта научнай салайааччым уонна чугас дьүөгэм буоламмыт дойдубар бара сылдьыбыппыт. Онно бараан өлөрөн шашлык, плов, лагман бөҕөтүн астаан, улахан остуолу тардан көрсүбүттэрэ. Ити курдук, атын омуктары кытта тэҥнээтэххэ маарыннаһарбыт элбэх.
Оттон саха аһыттан тугу ордук сөбүлээтиҥ?
– Эти сиир эрдэхпинэ буотарах миинин, хааны сөбүлүүр ахан этим. Билигин тоҥ балыкпын туохха да биэрбэппин. Ону таһынан, саламааты, күөрчэхтэн оҥоһуллубут тоҥ аһы, кымыһы олус сөбүлүүбүн.
Сахалыы ханнык айымньылары аахпыккыный? Кыргыыс суруйааччылартан кими сүбэлиэҥ этэй?
– “Хара кыталыгы”, “Куоратчыты”, “Мааппаны”, “Төлкө” кылгатыллыбытын уонна “Дьулуруйар Ньуругун Боотур” олоҥхону аахпытым. Оскуолаҕа сылдьан олоҥхону уонна кыргыыс норуотун героическай эпоһын Манаһы тэҥнээн көрбүтүм. Олоҥхо уонна Манас Гиннес рекордугар киирбит ЮНЕСКО шедеврдэрэ буолаллар. Манаска эмиэ Аал-Луук мас курдук үс дойдуну ситимниир Тиит баарын саҥа билбитим. Олоҥхо ордук мифологическай эбит буоллаҕына, Манас дьиҥнээх олоххо буолбут түбэлтэҕэ олоҕурар, историческай диэххэ сөп. Ону таһынан, иккиэннэригэр дьөһөгөй баарын бэлиэтээбитим. Бу үлэлэрим түмүгүнэн, биһиги тылларбыт уруулуу буолалларын өссө төгүл итэҕэйбитим. Оттон кыргыыс суруйааччыларыттан этэр буоллахха, Чингиз Айтматов “Джамиля” диэн айымньытын сүбэлиэм этэ.
Саха тылын инникитин туһунан баар кыһалҕалары ырытыһыыны, кэпсэтиилэри истэ-билэ сылдьар буолуохтааххын. Оттон эһиги диэки ити балаһыанньа хайдаҕый?
– Оннук куттал баар эрээри, кыргыыстар тылларын үчүгэйдик билэллэр. Сорох ыччат арҕааҥы сабыдыалга оҕустаран, нууччатымсыйан “говорить по-кыргызски не модно” дэһэллэр. Ол эрэн, Кыргыстааҥҥа дойду олоҕор көхтөөхтүк кыттар ыччат элбэх. Туох эмэ сыыһа-халты барда да тута миитиҥҥэ тахсаллар. Оннук гынан үгүс кыһалҕалары, ол быыһыгар тыл боппуруоһун эмиэ туруорсаллар. Оттон дэриэбинэлэргэ эҥин ып-ыраастыык саҥарар дьон бааллар. Кинилэр баалларын тухары уонна көхтөөх ыччат туруулаһарга кыахтааҕын тухары, тылбыт сүтэн, симэлийэн хаалыа суоҕа диэммин эрэнэбин. Маны таһынан, кыргыыстыы ырыа бөҕөтө суруллар, араас киинэлэр тахсаллар…
Дьон сахалыы холкутук саҥараргыттан соһуйаллар дуо?
– Дьүһүммүнэн саха дии саныыллар. Онтон ааппын истэн баран “ийэҥ дуу, аҕаҥ дуу саха дуо?” диэн ыйытааччылар. Саха дьонун майгыта, иитиитэ миэхэ ордук чугас курдук. Сахалары кытта холкубун, бэйэм дьоммун кытта сылдьар курдукпун. Кыргыыстар сылаас дойдуга олорор буоланнар куруук үөрэ-көтө сылдьаллар, аһаҕастар, итэҕэйимтиэлэр. Онон уратылар дии саныыбын. Оттон сахалар нуучча омугун кытта өр бииргэ олорбут буоланнар, тоҥуй, симик соҕустар, тута арыллыбаттар. Бу чааһыгар ордук саха курдукпун диэхпин сөп. Кыргыыс кыргыттара миэхэ холоотоххо олох атыттар. Күлэн-үөрэн, кэпсэтэн-ипсэтэн иһэллэр, оттон мин оннук буолбатахпын, тута арылла охсубаппын. Бастаан үчүгэйдик билсиэхпин, бу киһиэхэ итэҕэйиэхпин наада.
Саха уолугар кэргэн тахсыаҥ этэ дуо?
– Таптал туһунан бакаа санаабаппын, ыал буоларга ыксаабаппын. Дьылҕам кэмигэр сөптөөх уолу кытта көрсүһүннэриэ дии саныыбын. Ислам итэҕэлинэн ыллахха, кыыс атын омук уолугар кэргэн тахсыа суохтаах. Ыал буола илик кыыс эрдэ хоонньоһуо суохтаах. Тус бэйэм ону тутуһабын. Оттон ийэм уонна убайдарым, нууччалыы эттэххэ, аһара консервативнай иитиилээх буолбатахтар, аныгылыы көрүүлээхтэр. Ол иһин, ханнык да омук буоллун, таптыыр эрэ киһигэр тахсыахтааххын дииллэр. Холобур, биир убайым кэргэнэ омугунан нуучча, кийиитим кыргыыстыы биһигиннээҕэр үчүгэйдик саҥарар.
Үөрэххин бүтэрэн баран салгыы туох былааннааххын?
– МГУ-га магистратураҕа киириэхпин наһаа баҕарабын. Ийэм даҕаны үлэлээн бүтэрим буолуо диир. Сааһа да ыраатта, сынньанар кэмэ кэллэ. Билигин Үчүгэйгэ соҕотох олорор, үлэтигэр соҕотох быраас, сиэстэрэтэ эҥин суох, санитаркалаах эрэ. Инньэ гынан, кыһыннары-сайыннары, түүннэри-күнүстэри дьон ыҥырыытыгар бэйэтэ сылдьар. Сорох ардыгар долгуйаммын сүрэҕим ыалдьар. Онон мин үөрэхпин бүтэрдэхпинэ баҕар көһүөхпүт диэммит былаанныыбыт. Ийэм аттыгар сылдьарым ордук буолуо этэ.
Ирысбу Джакубовна чугастыы Дьокуускайга көһөн кэлиэн баҕарбат дуо?
– Үчүгэйин наһаа сөбүлүүр ээ. Онно бэйэ дьоно, бэйэтэ-бэйэтигэр хотун. Манна кэллэҕинэ даҕаны ноҕорууската өссө элбэх буолуо дии. Кэлиитэ-барыыта… Анараатах дьиэтиттэн таҕыста да биир-икки хардыынан үлэтигэр тиийэр. Соҕотох олороруттан эрэ санаарҕыыбын.
Инники олоххун Саха сирин кытта ситимниигин дуу?
– Дьиҥэр, манна хаалыахпын баҕарабын ээ. Тоҕо эрэ кыра эрдэхпиттэн оннук диэммин көрөбүн. Олохсуйбат да буоллахпына туох эрэ туһалааҕы оҥорон хаалларыахтаахпын дии саныыбын. Мээнэҕэ манна кэлбэтэх буолуохтаахпын. Максим Кирович Аммосов Кыргыстааҥҥа тиийэн үлэлээн-хамсаан, кыргыыс омугун туһугар элбэҕи турууласпыта дии. Мин эмиэ баҕар кини курдук кыргыыс омук аатыттан Саха сиригэр туох эрэ суолу-ииһи хааллараары кэлбитим буолуо. Ол иһин, үйэлээҕи оҥорон хаалларыахпын баҕарабын. Кыргыстаан саамай итии Ош диэн куоратыгар (күлүккэ +40 кыраадыс итии буолар) төрөөн баран, саамай тымныы кыһыннааҕынан биллибит Өймөкөөҥҥө кэлбитим, дьылҕам ураты оҥоһуута дии саныыбын. Оннооҕор Ош уонна Өймөкөөнүм хайалара майгыннаһаллар.
Акбермет, эдэр киһиэхэ дьоһун сыаллаах-соруктаах эбиккин. Үөрэххэр, инники үлэҕэр-хамнаскар өрө үүнүүнү, үрдүк чыпчааллары, дьиэ кэргэҥҥэр этэҥҥэ буолууну баҕарабын.
Кэпсэттэ Венера Охлопкова