Рубрика: Бэлиэ түгэн
Ахсынньы 18 күнүгэр «Саха сирин көмүс ыаллара» диэн кинигэ ахсыс таһаарыытын сүрэхтэниитэ буолан ааста.
Санатар буоллахха, бастакы кинигэ 2008 сыллаахха ЗАГС Саха сиринээ5и салаатын көҕүлээһининэн тахсыбыта. Онтон ыла Бырабыыталыстыба өйөбүлүн ылан номнуо ахсыс кинигэни сүрэхтээтилэр. Саҥа кинигэҕэ үйэ аҥаара бииргэ олорбут, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрбит, оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин атахтарыгар туруорбут 103 ыал киирдэ.
Тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ бас-көс дьоно: ЗАГС Саха сиринээҕи салаатын салайааччы Тамара Кривошапкина, СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Елена Теплякова, Ил Түмэн дьиэ-кэргэҥҥэ уонна оҕо аймах дьыалатыгар олохтоох хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова, Үөрэх уонна наука миниистирин солбуйааччы Иннокентий Афанасьев кыттыыны ыллылар. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов: “Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр «Үлэ сыла» оттон дойдуга «Педагог уонна настаабынньык сыла» түмүктэнэн эрэр. Үүнэр сылы дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Дьиэ кэргэн сылынан» биллэрдэ. Онон бу дьоһун кинигэ 2023 сылы түмүктээн таҕыста диэххэ сөп. Ааһан эрэр сылга үлэни-хамнаһы өрө туппут ыалларга улахан болҕомто ууруллубута”, – диэн бэлиэтээтэ.
Мария Васильева (СИА) хаартыскалара