Рубрика: Служебная: Слайдер на главной
Ол номоҕо маннык: Былыр Улуу Кудаҥса диэн саха саарына олорбут. Дьон-сэргэ кинини өлүүттэн-сүтүүттэн быыһаабытын иһин таҥара оҥостубуттар. Киһилэрэ олус сананан соҕуруу халлаан Улуу тойонун бииһин кытта кыыстаах уолун эр, ойох биэрэн уруурҕаһар санааламмыт. Суорумньулата ойуунун ыыппыт. Анараалар киһи бардамын сөхтөллөр да, бэйэтин билинэн ынырдаҕа , таптыыр ыйбыт тохсунньу тохсус эргэтигэр киириэхпит диэбиттэр. Ый туолан күһүлгэннээх түүн үүммүт. Сарсыныгар ый өлөөрү кытара кыыһан тахсыбыт, ыыс-бытаан хараҥаҕа туман түспүт, силлиэ — холорук ытыллыбыт. Эмискэ кый-хай буолбутугар көрбүттэрэ, хара тыа маһын саҕа чуоҕур аттаах, хаардаах харыйа саҕа абааһылар күлүктэрэ барыһан кэлэн тураллар эбит. Кинилэр харахтарын уотуттан дьон өлөн сууллан түспүттэр. Онуоха ойуун тойонугар: «сии-аһыы киирбиттэр аһаатахтара дии» диэбит. Ол иһин, тохсунньуга үөһээҥҥилэр дьон кутун сии киирэллэр диэн өйдөбүл үөскээбит. Бу ыйга уруу буолбат, кэргэн кэпсэппэттэр. Оҕолор түүн таһырдьа быкпаттар.