Олох сырдыгын бэлэхтээбит, удьуор утумун саҕалаабыт, үлэттэн олох дьолун туп­пут, эйэлээх, сырдык эйгэни тэрийэн хаалларбыт ийэ, аҕа, эбээ, эһээ ааспыт олох исто­рията буолан, өйгө-санааҕа иҥэн сылдьал­лар. Ону барытын кумааҕыга тиһэн үүнэр ыччаппар тиэрдэр мин ытык иэһим диэн са­наан туран, ийэм Үлэ Кыһыл Знамя уордьан кавалера, биир дойдулааҕым Семен Нови­ков “Олох кыһата“ арамаанын сүрүн геройа Кэтириис прототипа буолбут эбэҥки дьахта­ра Мотрена Егоровна Солдатова (Карамзи­на) туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.

ИЙЭМ ОҔО СААҺА

Ийэм 1919 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр Хабаровскай кыраай Аян-Майскай оройуо­нугар Ньылхаҥҥа Карамзиннар диэн эбэҥки дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Марфа Карамзина ыалдьар буолан, биэс сааһыгар эдьиийигэр Пелагея Лаврентьевнаҕа иит­тэрэ биэрбит. Ииппит ийэтин кытта сайынын Тотта үрэххэ Малгин диэн өтөхтөрүгэр таба­ларын (100 табалаахтар эбит) кытта сайы­лыыллара. Аҕата Дьөгүөр кыһын бултуур тэ­эбиринин оҥосторо. Кыһынын Ньылхаҥҥа көһөн киирэллэрэ. Аҕата бултуура. Оттон оҕолор ийэлэрин кытта табаларын маныыл­лара, абаҕаларыгар Карамзин Ебодиҥҥа та­баларын хаалларан баран, Аян-Майскайтан Ньылхаҥҥа таһаҕас тиэйсиитигэр эмиэ сыл­дьаллара. Ийэм: “Ардыгар дьиэм таһыгар тииҥниирим эбэтэр сохсо иитэн кырынаа­стыырым”, – диэн оҕо сааһын туһунан кэп­сиир буолара.

“Ийэм булчут, табаһыт, сүрдээх хорсун дьахтар этэ. Көс олохтоох эбэҥкилэр буо­ламмыт, табаларбытын үүрэн сиртэн-сиргэ тохтуур этибит. Сорох сиргэ үүтээннээх бу­оларбыт, сорох сиргэ ураһаҕа олорорбут. Ийэм табанан айаннаан Охотскай муораҕа киирэн, дьоппуоннарга түүлээҕин эргитэн тахсара эбитэ үһү. Ампаарбытыгар куулунан бурдук, саахар, рис, түүгүнэн таҥас куруук баар буолааччы. Билигин санаатахпына, урукку кээмэйинэн лаппа сэниэтик олорбут эбиппит.

1923 сыллаахха Пепеляев генералы илин куотан истэҕинэ ийэм уолаттарын кытта көрсө түспүттэр. Пепеляев уолатта­рын сирдьитинэн көрдөөбүт, онуоха ийэм түөһүн нэлэтэн баран, Пепеляевка ынан тиийбит уонна: “Стреляйте”, — дии-дии уолаттарын биэрбэтин туһунан эппит. “От­чаянная бабушка”, — диэн баран Пепеляев моһуоктаабакка ааспыт. Көр, оннук хорсун эбит ийэм барахсан.

Аны булчут бэрдэ этэ. Тииҥи харахха түһэрэрэ. Түүлээҕи таҥастыырга маастар, иистэнньэҥ бэрдэ. Барытын бэйэтэ тигэн, түүлээҕинэн таҥыннарара. Кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ ураһаҕа уот сырдыгар олордон иистэнэргэ үөрэппитэ. Сыыһа тиктэхпинэ тарбахтарбын быһыта охсор этэ. Онон ыра­астык туттан-хаптан олорон, көнө сииктээх иистэнньэҥ гына такайбыта ”, — диэн ийэм Мотрена Егоровна ийэтин туһунан кэпсии­рэ.

КУОРАТ САХАТА

Ийэбин уопсай үөрэхтээһин саҕана, сэ­биэттэр модьуйаннар, 17-лээх кыыһы ты­аттан үөрэттэрэ киллэрбиттэр. Ол киирэн ликбезка үөрэнэ сылдьан аҕабар, “куорат сахата” диэн аатынан биллэр Константин Гаврильевич Солдатовка кэргэн тахсар.

Аҕам 1910 сыллаах төрүөх. Төрөөбүт дойдута Амма улууһун Эмис нэһилиэгэ. Ийэтин убайа Дьүлэй Көстөкүүн “үөрэҕэ суох хаалаары гынаҕын дуо” диэн тэрийэн куоракка педучилищеҕа үөрэттэрэ ыыппыт. Ити быһа холоон, 1930-ус сыллаахха. Сал­гыы Ленинград куоракка А.И. Герцен ааты­нан педагогическай институкка үөрэттэрэ ыыппыттар. Хотугу киин куората сииктээх, тыаллаах-куустаах килиимэтин уйбакка ыа­рытыйар буолан, көрдөһөн Хабаровскай куоракка көһөттөрбүт. Үөрэҕин бүтэрэн, Хабаровскай кыраай Аяно-Майскай оройу­он Ньылханыгар ананан учууталлыы барар. Оччолорго Ньылхан Саха сирин састаабы­гар киирэр эбит. Аҕам онно тиийэн эбэҥки оҕолорун ааҕарга, суруйарга үөрэппит. буттар. Бастакы уоллара Ганя алта ыйдааҕар ыалдьан өлбүт. 1939 сыллаахха эдьиийим Даша төрүүр, 1943 сыллаахха убайым Толя. 1945 сыллаахха Гоша төрүүр (алта сааһыгар ыалдьан, аҕабын кытта ыйынан быысаһан өлбүт). 1948 сыллаахха убайым Володя төрүүр, Илин дойдуттан манна көһөн кэ­лэллэригэр кыһыл оҕо эбит. Онтон мин 1950 сыллаахха Эмискэ төрүүбүн. Аҕам кэлин ыарытыйар, онно эбии дойдутугар курдаттыы таттарар буолан, 1948 сыллаахха дойдутугар Амма улууһун Эмиһигэр көһөн кэлбиттэр.

СИР КӨМҮҺЭ

Ньылхан ол саҕана көмүс хостуур бири­искэ, нууччалар кэлэн олохсуйбут сирдэрэ. Ийэм кинилэри кытта алтыһан, нуучча аһын астыырга, нууччалыы саҥарарга үөрэммит. Хата, сахалыы мөлтөхтүк саҥарар эбит. 1948 сыллаахха түөрт оҕолоох дьиэ кэргэн, Эмискэ көһөн кэлэллэригэр бастаан болу­от оҥостон Уус Маайанан наар өрүһүнэн устубуттар. “Хонукпутугар биэрэккэ тохто­он, балаакка туруоран утуйар этибит. Син өр айаннаабыппыт. Саамай кырабыт Болу­одьабыт биэс-алта ыйдаах, “талах уйаҕа” илдьэ сылдьабыт. Дьонум дойдубуттан арахсан барарбар анаан, нэһилиэстибэлээн сир көмүһүн биэрбиттэрэ. Көмүстээх сиртэн көһөн иһэр буоламмыт, сотору-сотору бэ­рэбиэркэлииллэр. Хас бэрэбиэркэ кэллэҕин аайы ол көмүспүтүн араастаан кистиибит. Биирдэ оҕолорум горшогунан саба ууран кэбиспиппин, хата, көрбөтөхтөрө. Инньэ гынан дьонум биэрбит көмүстэрин син бэйэбитин кытта этэҥҥэ аҕалбыппыт. Дой­дутугар кэлэн баран, аҕаҕыт ол көмүһү ку­оракка туттаран “бостон” диэн американ­скай таҥас ылбыта. Ол таҥаһынан бэйэтигэр сөрү-сөп гына көстүүм тигэн биэрбитим. Наһаа сөбүлүүр этэ. Аннараа дойдуга ол көстүүмүн кэтэн бараахтаабыта. Илин дой­дубут көмүһэ барахсан мааны таҥас буолан, аҕаҕытын арыаллаан, бэйэтин кытта оннук сиргэ төттөрү барсыбыта”, — диэн ийэм кэп­сиир буолара.

САХА ДЭРИЭБИНЭТИГЭР

Аҕам дойдутугар Эмискэ Күөрүлэҕэ оскуолаҕа учууталлаабыта. Илин дойдуттан кэлбит эбэҥки кыыһа кэргэнин дойдутун көмүс бириискэтин кытта тэҥнээтэххэ, дь­он-сэргэ лаппа дьадаҥытык олороллор диэн бастаан атыҥыраабыт: “Сэрии уоттаах толоо­нугар бастыҥ, чиргил ыччатын сүтэрбит саха дэриэбинэтэ сүрэҕин бааһын өссө да аһарда илик, саҥа оннун була сатаан, өндөйөн эрэр кэмигэр биһиги көһөн кэллэхпит. Аҕаҕыт биирдэ эмэ аймахтарыгар күүлэйдэтэ илтэҕинэ, остуолга аҕыйах устуука лэппиэскэ уонна мөкүчүк тапталлыбыт ынах арыытын уураллара. Атын ас суоҕа. Барарбытыгар ол арыыны кэһии гынан биэрэн ыыталлара. Саха дьоно барахсан олус аһыныгас, кыра да чорбойбуту уос уоска үллэстэр киэҥ санаалааҕын мин онно аан бастаан бэлиэтии көрбүтүм”, — диэн ийэм саха дьонугар наар махтанар, кинилэр үтүөлэрин түгэн көһүннэр эрэ кэпсиир, санатар буолара.

Ураһаҕа тарбаҕын быһа охсо-охсо ийэ­тэ иистэнэргэ үөрэппитэ олоҕун устата туһалаабыта. Ордук саха дэриэбинэтигэр оннун булунарыгар, дьону кытта билсэригэр. Дьахталлар ыһыахха, бырааһынньыктарга ырбаахы, эр дьоннорго көстүүм тиктэрэллэр эбит. “Оскуола учууталларын барыларын көстүүмнээбитим”, – диирэ ийэм.

САХА ЫНАҔА

Аҕам дойдутугар кэлэн үс эрэ сыл буолар. Ийэм биир сыл иһигэр биир ый быысаһан кэргэнин уонна алта саастаах уолун Гоша­тын уҥуох тутар. Онон түөрт оҕотун кытта 32 сааһыгар билбэт-көрбөт дойдутугар чороҥ соҕотох хаалар.

Аҕам аймахтара кэллэхтэрин утаа өлүүлээн биир ынаҕы биэрбиттэр. Ийэм ол ынаҕы сатаан ыабакка, эрэй бөҕөтүн көрбүтүн кэлин көр-күлүү курдук кэпсиир этэ. Аҕам өлбүтүн кэннэ хотоҥҥо тахсан ынаҕын кытта куустуһан олорон ытыыллара үһү. “Ынаҕым миигин кытта тэҥҥэ ытыыр этэ: хараҕын уута быыстала суох сүүрэрэ. Бу түгэн саха ынаҕын кытта өйөһөн-өйдөһөн, бииргэ тутуһан сылдьыбытым төһөлөөх элбэх эр­чими биэрбитин эһиги билбэккит…”, — диир буолара ийэм барахсан.

ДЬУЛУУР, ТУЛУУР

Эмис дьоно-сэргэтэ огдообо дьахтары аһынан Күөрүлэҕэ интэринээккэ пуобарынан үлэҕэ ылбыттар. Кэлин пиэрмэҕэ үлэлээбитэ. Бастаан ыанньыксыттаабыта, кэлин наар ньирэй көрбүтэ. Инньэ гынан наар пиэрмэ­лэри, сайылыктары кэрийэн олорбуппут. Кыһын Саппыйаҕа (саха норуодунай поэта В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап төрөөбүт алааһа), Үҥкүргэ кыстыырбыт, сайын Кутуйаҕа, Атамааҥҥа сайылыырбыт.

Аҕабыт дойдутугар Эмискэ олохпу­тун булан, ийэбитин кытта сайылыгынан, кыстык сирдэринэн сылдьан, борбуйбу­тун көтөхпүппүт. Ийэм, эбэҥки дьахтара, сүөһү иитиитигэр өр сылларга эҥкилэ суох үлэлээн Үлэ Кыһыл Знамя уордьанынан наҕараадаламмыта. Москубаҕа 1968 сылла­ахха ВДНХ-ҕа бара сылдьыбыта. Оройуон дь­окутаата, баартыйа чилиэнэ, уобаластааҕы бартыыйа кэмпириэнсийэтигэр хас да төгүллээх делегата этэ. Ынах-сүөһүнү харах­таан көрбөтөх эбэҥки дьахтарыгар, билигин санаатахха, улахан ситиһии. Онно сүрэх, дьу­луур, тулуур наада.

ҮЛЭТТЭН КИҺИ ДЬОЛЛОНОР, ҮЛЭТТЭН ОЛОХ ОРГУЙАР

Мотрена Егоровна Солдатова ыччатыгар анаабыт кэс тыла

Мин 62 сааспар үктэммит, олох аһыытын-ньулуутун билбит киһибин. Аап­пын ааттатар ыччаттаахпын. Илин дой­дуттан төрүттээх эбэҥкибин. Бүгүҥҥү олорор олохпор тугу эмэ ситиспит эбит бу­оллаххпына, ол барыта кэргэним Көстөкүүн үтүөтэ. Кини миигин тыаттан тыаҕа та­баларын манаан сылдьыбыт көс олохтоох эбэҥки кыыһын элбэххэ үөрэппитэ. Төһө да биһиги Көстөкүүннүүн 15 эрэ сыл бииргэ олор­дорбут кини миэхэ бу олоххо истиҥ, ыраас, дьиҥнээх, үйэлээх таптал диэн баарын бил­лэрбитэ.

Кэргэним дойдутугар кэлэн үс эрэ сыл буолаахтаабыта. Кэргэммин, оҕобун биир сыл иһигэр биирдии ыйынан быысаһан уҥуох туппутум.

Эмис дьоно түөрт оҕотун кытта чороҥ соҕотох туран хаалбыт огдообо дьахта­ры интэринээккэ пуобарынан түөрт сыл үлэлэппиттэрэ. Бу кинилэр өттүлэриттэн тугунан да кэмнэммэт өйөбүл, көмө этэ. Оҕолорум Алтанынан, Амманан интэринэ­эккэ олорон үөрэммиттэрэ. Ол эмиэхэ улахан көмө этэ. Мин онно бүтэһиктээх быһаарыныы ылыммытым, итиччэлээх миигин өйүүр государствоҕа үчүгэй үлэнэн боруостуохтаахпын диэн. Ол иһин ынаҕы кыайан ыабат да эрээри, колхуоска ыанньык­сытынан киирбитим. Кэлин 15 сыл ньирэй көрүүтүгэр үлэлээбитим. 1964 с. партияҕа киирбитим.

Ньирэйгэ үлэлээбитим тухары наар бастыҥ көрдөрүүнү ситиһэрим. 1968 с. Москваҕа ВДНХ-га барар путевканан наҕараадаламмытым, дойду столицатын көрөр үрдүк чиэскэ тиксибитим.

1961-71 сс. судаарыстыбаҕа 550 ньи­рэйи тыыннаахтыы туттарбытым иһин, 1971 с. Үлэ Кыһыл Знамята уодьанынан наҕараадаламмытым. 1975 с. биэнсийэҕэ тахсан, кыыһым Шура үрдүк үөрэҕи бүтэрэн Таатта Чөркөөҕөр үлэҕэ анаммытыгар кыы­спын кытта барсыбытым. Чурапчыга 1978 с. көһөн кэлбиппит.

Кэргэним Константин Гаврильевич Сол­датов сырдык кэриэһин толорон, оҕолорбун улаатыннардым, үөрэхтээтим. Улахан кыыһым Даша Омскайдааҕы ветеринарнай институкка ветеринар идэтигэр үөрэнэ сылдьан, абааһы ыарыыта буулаан, билигин бэйэм аттыбар сылдьар. Анатолий Конс­тантинович дойдутугар Эмискэ «Победа» сопхуос биир бастыҥ тырахтарыыһа, дьиэ- уот, оҕо-уруу баар. Инникитин өссө да элбэҕи айыах-тутуох уолум Володя 18 сааһыгар оһолго түбэһэн, олохтон туораабыта. Олус үчүгэйдик уруһуйдуур талааннаах оҕом этэ. Аҕата өлөрүгэр биир саастаах хаалбыт кыыһым Шурам аҕатын туйаҕын хатаран, учуутал идэтин баһылаабыта миигин ордук үөрдэр. Билигин Чурапчытааҕы интэринээт- оскуолатыгар үлэлиир.

Кэргэним аймаҕын Байбал Солдатов уо­лун Коляны кыра эрдэҕиттэн ииппитим. Бы­лырыын, 1980 с. Чурапчытааҕы спортивнай оскуоланы бүтэрэн, Калининград куоракка армияҕа сулууспалыы сылдьар. Бэйэбэр сы­стан, оҕолорбун, сиэннэрбин кытта убай, быраат истиҥ сыһыаннаах олох устун тэҥҥэ баран иһэриттэн үөрэбин.

Мин билигин саамай улахан баҕам — төрөөбүт дойдубар Ньылхаммар тиийэ сыл­дьыахпын уонна төрөөбүт эбэҥким тыынна­ах тылын истиэхпин баҕарабын.

Онтон оҕолорбор, ыччаппар этэр тылым биир — үлэттэн киһи дьоллонор, үлэттэн олох оргуйар. Үлэни өрө тутуҥ, үлэһит, үлэлээх буолуҥ!

Ахсынньы, 1981 сыл. Чурапчы

Александра БАРАШКОВА,

Эмис аҕыс кылаастаах оскуолатын 1966 с. выпускнига,

Россия үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учу­уталлара, “

Чурапчы улууһун үөрэхтээһинин сайдыытын иһин” бэлиэ хаһаайката,

Чурапчы улууһун Бахсы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, педагогическай үлэ бэтэрээнэ.

ЫРААСТЫК, ҮРДҮКТҮК

Ийэм 70 сааһын ааһан ба­ран, 90-ус сылларга, ыһыллыы- тоҕуллуу саамай уустук кэм­нэригэр, улахан сиэнинээн Володялыын дойдутугар Ньылхаҥҥа бара сылдьыбыта. “Аннараа дойдуга билигин дьэ туох да ыар санаата суох хол­кутук айанныахпын сөп. Бу кэм устата сүгэ сылдьыбыт ыар сүгэһэрбин түһэрдим — дой­дубун көрдүм, Ньылханым бу­орун уктан аҕаллым. Дьоллоох да эмээхсин эбиппин”, — диэн сирэйдиин-харахтыын сыр­даан кэлбитэ. Арай дойдута наһаа мөлтөөбүтүттэн, дьон- сэргэ дьадаҥытык олороллоруттан, арыгы уйата буолбутуттан, табалара эстибититтэн хараастыбыт этэ. “Аҕаҕыт өйдөөх киһи буо­лан дойдутун булларбыт эбит. Антах хаал­быппыт буоллар, хайдах дьылҕаланыахпыт биллибэт. Аҕабыт үөс сири булларан киһи- хара буоллахпыт. Ханна да тиийдэргит Саха сиригэр кэлбит дьоллоох дьоммут диэн аҕаҕыт дойдутун Эмиһи күндүтүк, ыраастык, үрдүктүк тутар буолаарыҥ”, — диэн эппитэ.

Ийэм барахсан түөрт оҕотун атахпытыгар туруоран, олоххо оннубутун булларбыт тугу­нан да кэмнэммэт үтүөлээх. Аҕабын кэриэ­стээн ийэм кэргэн тахсыбатаҕа. Мин аҕа ди­эни билбэккэ улааппыт киһи “аҕалаах киһи” диэн хаһан да ымсыырбат этим. Мин аҕам, хаартыскаҕа да буоллар, аттыбар куруук ба­ара… Онно эбии ийэбит аҕабытын суохтап­пат гына ииппитэ, аҕабыт аттыбытыгар баар туспа ураты эйгэтин тэрийбитэ.

 

ТИҺЭХ СУОЛ

Ийэм 2002 сыллахха сэтинньи 8 күнүгэр 83 сааһыгар иккис дойдута буолбут мах­талаах Эмиһин сиригэр, соҕотох тапталын Көстөкүүнүн дойдутугар оҕолорун, сиэннэ­рин сылаас сыһыаннарыгар бүөбэйдэнэн, Эмиһин дьоно тутан биэрбит сылаас дьиэти­гэр олорон, олохтон туораабыта.

Тиһэх суолугар атаарар күммүтүгэр бу олох иинигэр түһэрээри турдахпытына, арай аттыгар турар маска уп-улахан толбоннуран көстөр түүлээх, суорга майгынныыр көтөр кэлэн олордо уонна үстэ “даах, даах, даах” диэн саҥа таһаарда. Баар дьон бары соһуйан көрө түстүбүт. Утаакы буолбата, иинин эр­гийэ көтөн бара турбута… Ону кырдьаҕастар: “Бу дойду көтөрүттэн чыҥха атын. Тумсун таһынан кырыатын көрдөххө, өр айаннаан кэлбит быһыыта. Арааһа, илин дойдутуттан кэлэн бырастыылаһан бардылар”, – диэбит­тэрэ.

ЭБЭМ ДОЙДУТУГАР НЬЫЛХАҤҤА

Биһиги эбэбит Мотрена Егоровна Сол­датова (Карамзина) төрөөбүт Ньылханын туһунан сирэйдиин-харахтыын сырдаан олорон кэпсиирэ. Ол аайы биһиги, сиэннэрэ оҕолор, ханна эрэ ыраах да ыраах Мая өрүс кытылыгар хайа тэллэҕэр Ньылхан диэн аат­таах олус кэрэ дойдуну харахпытыгар ара­астаан ойуулаан көрөрбүт. Уонна ол кэрэ дойдуга хаһан эрэ тиийиэхтээхпит дии са­ныырбыт. Ол “хаһан эрэ” диир кэммит бый­ыл дьэ буолбута.

Ньылхан Хабаровскай кыраай уһук хоту сытар Аян-Майскай оройуонугар киирэр, 800-чэкэ киһи олохсуйан олорор бөһүөлэгэ. Эһэбит Константин Гаврилович Солдатов (аҕабыт Анатолий Константинович Солдатов аҕата) 30-с сыллардаахха Ньылхаҥҥа учу­уталынан ананан барбыта. “Куорат сахата” диэн аатынан биллибит учуутал Аян-Май­скай оройуонун биэс оскуолатыгар – Аимҥа, Немуйга, Тоттоҕо, Джигдаҕа, Ньылхаҥҥа учууталынан, алын кылаас оскуолаларын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Бэйэтин кы­лгас олоҕун 17 сылын бу хотугу кыраай үөрэхтээһинин сайдыытыгар анаабыта. Эбэбитин эбэҥки кыыһын кытта олоҕун хол­боон, оҕо-уруу төрөтөн удьуор хаанын ууһаппыта. 1948 сыллаахха түөрт оҕотун, кэргэнин илдьэ Ньылхантан дойдутугар Амма Эмиһигэр көһөн кэлбитэ. Дойдутугар кэлэн үс эрэ сыл буолан баран, ыарахан ыа­рыыттан төлөрүйбэккэ, олохтон туораабыта. Эбэбит биэс оҕотун кытта саха дэриэбинэти­гэр соҕотох олорон хаалбыта. Кини биһиэхэ, бэйэтин олоҕун холобуругар сыһыары тутан, норуоттар икки ардыларыгар баар доҕордуу, истиҥ сыһыан тугунан да сыаналаммат күндү баай, тирэх буоларын туһунан дириҥ санаа­ны иҥэрбитэ. “Олоҕум ыарахан күннэригэр саха дьонун сүрэҕин сылааһын билбитим”, — диэн иккис дойдута буолбут Эмиһин дьо­нугар-сэргэтигэр куруук махтанар этэ. Оттон эһэбит Көстөкүүн бэйэтин кылгас олоҕор эр киһи сирдээҕи олоҕун дьолун билбитигэр эбэҥки норуотугар эрэллээх, хорсун-хооду­от эбэҥки кыыһын бэлэхтээбитигэр дириҥ махталлааҕа.

83 сааһыгар диэри олорбут эбэбит Мотрена Егоровна олоҕор биир улахан ыра санаалааҕа — дойдутун Ньылханын көрүөн, дьонун-сэргэтин көрсүөн, төрөөбүт эбэҥкитин тыыннаах тылын истиэн баҕарара. Ол ыра санаатын 74 сааһыгар толорбута. 1993 сыллаахха 45 сыл буолан баран, улахан сиэнин Владимир Анатольевич Солдатовы кытта дойдутугар Ньылхаҥҥа тиийэ сыл­дьыбыта. Сирэйдиин-харахтыын сырдаан, эрчимирэн кэлбитин өйдүүбүт. “Дьэ уонна туох да санаата-оноото суох аннараа дойдуга аттаныахпын сөп. Эбэҥким тылын, көр, умну­батах эбиппин ээ”, — диэн эппитин өйдөөн хаалбыппыт. Кыра мөһөөччүккэ дойдутун буорун уктан аҕалбыт этэ. Дойдутун буорун кэмиттэн кэмигэр ылан сыттыыр, эҕэрийэр уонна онтон улаханнык дуоһуйар этэ. Эбэбит олоҕун холобуругар биһиги, сиэн оҕолор, туох да такайыыта, анал үөрэтиитэ суох, киһиэхэ төрөөбүт дойдута, ийэ тыла диэн хайдах курдук дириҥ суолталааҕын билбип­пит.

Аны 30-ча сыл буолан баран эбэбит дой­дутугар Ньылхаҥҥа быйыл биһиги, сиэннэрэ уонна төрөппүт кыыһа, Чурапчы олохтооҕо, педагогическай үлэ ветерана Александра Константиновна Барашкова тиийэ сырыт­тыбыт. Бу кэмҥэ диэри суругунан эрэ билсэ олорбут хаан-уруу аймахтарбытын кытта ум­нуллубат күннэри атаардыбыт. Төһөнөн хоту түһэн иһэҕин да, соччонон дьон өйө-санаата ыраас, кэрэҕэ-сырдыкка тардыһыыта күүстээх буолара манна эмиэ көстөр. Ти­эргэннэрин иһэ толору сибэкки, оҕуруот арааһа, дьэдьэнтэн саҕалаан бөрө отугар тиийэ. Таас хайа эҥиэтигэр олохсуйан оло­рор буоланнар, наар өрө дабайан тахсаҕын. Ол аайы Ньылхан айылҕатын киэҥник хабан көрөҕүн.

Олохтоохтор сүрүн дьарыктара — булт, балык. “Таба иитиитэ, урукку кэмҥэ хо­лоотоххо, мөлтөх эрээри, төрүт дьарык быһыытынан илдьэ сылдьабыт” дииллэр. Аҕыйах да буоллар, сүөһүнү тутан олорор ыал эмиэ баар.

Эбэҥки тылын, төрүт култууратын, өбүгэ аһын-үөлүн, оһуорун-мандарын омук быһыытынан иҥэринэн илдьэ сылдьаллар. Сүрүн кэпсэтэр тыллара нууччалыы эрээри, эбэҥки тылын күннээҕи олохторугар холку­тук тутталлар, кэпсэтэллэр, олус минньигэ­стик саҥараллар.

Дьиэлэрин, социальнай эбийиэктэрин ба­рытын маһынан оттоллор. Таас чох, гаас диэн манна суох. “Биһиги үйэбитигэр гаас ситимэ тардыллыа диэн улаханнык итэҕэйбэппит” дииллэр олохтоохтор. Оттук мастарын туспа сарайдаан, хаартан, силбиктэн хахха­лаан хааччыналлар эбит. Райпо маҕаһыына сэбиэскэй кэмтэн туох да атына суох ньир­гиччи үлэлии турар. Ону кытта чааһынай маҕаһыыннар эмиэ бааллар. Оройуон кии­ниттэн Аянтан Охотскай муора пордуттан ха­аччыллан олороллор. Маҕаһыын аайы киһи наадыйар табаара барыта баар, сыаната да сөбүгэр.

Ньылхаҥҥа баар краеведческай музей сыаннаһа олус улахан. Аян-Майскай сирин- уотун, историятын, этнографиятын туһунан кэпсиир матырыйааллары барытын өр сыл устата бу музей сыралаһан муспут, түмпүт. Манна биир бастакынан “тайҕа историятын үрүҥ бээтинэлэрин” туһунан кэпсиир маты­рыйааллар көрдөрүүгэ тураллар. Саҥа бы­лаас олохтонуутун мөккүөрүгэр тыыннарын толук уурбуттарга аналлаах паамытынньык, мэҥэ таастар, кинилэр ааттарынан уулусса­лар бааллар.

Ньылхаҥҥа Хабаровскай кыраай үрдүнэн мастан тутуллубут собус-соҕотох таҥара дьиэтэ баар. Бу 1915 сыллааҕы тутуу. Ту­гун да уларыппакка туран, 1991 сыллаахха саҥардан, тупсаран биэрбиттэр. “Таҥара дь­иэтэ биир сомоҕо санаанан бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн олоруубутун түмэр” диэн олохтоох­тор бэлиэтииллэр.

Ньылхаҥҥа айаммыт биир умнуллубат түгэнинэн оскуола үөрэнээччилэрин кытта көрсүһүүбүт буолла. Эһэбит Константин Гав­рилович Солдатов аатын үйэтитэр сыаллаах кыыһа Александра Константиновна Бараш­кова алын кылаас бастыҥ выпускниктарыгар Павел Пановка уонна Кон Артемҥа аҕатын аатынан бириэмийэлэри туттарда. “Биһиги хотугу Ньылхаммытыттан силистэммит дьиэ кэргэн үтүө өйдөбүлүттэн бары да олус дол­гуйдубут. Ийэ, аҕа, эбээ, эһээ олорон ааспыт олоҕун сыаналаан, онно тирэҕирии ханнык да кэмҥэ суолтата үрдүк”, – диэн бэлиэтээтэ Ньылхан оскуолатын дириэктэрэ Нина Гаври­льевна Пахомова.

Эһэбит үлэлээн, олорон ааспыт эргэ ин­тэринээт дьиэтэ, хата, ордон турар эбит. Дой­дутун буорун, аймахтарбыт сүбэлэринэн, манна уурдубут, үйэлээх өйдөбүл ыччатыгар салҕана турдун диэн баҕа санаалаах.

 

Сардаана  МАТВЕЕВА