Рубрика: Сир уоҕа

07/02/2024 г.

Processed with MOLDIV

Эмкэ сугун отонун да,сэбирдэҕин да туһаналлар. Отоно 119 мг% С битэмииннээх, 6% кэриӊэ араас саахардаах, 0,97% органическай (ол иһигэр лимоннай) аһыыбалардаах. Сэбирдэҕэ үгүс элбэх туһалаах эттиктээх. Отон сүмэһинин, хаппыт отон оргуйбут уутун титирээн ыалдьыбыт киһиэхэ иһэрдэллэр.Организмҥа битэмиин тиийбэт буоллаҕына, сугун отун сиир олус туһалаах. Норуот эмчиттэрэ сугун сэбирдэҕэ оргуйбут уутун сүрэх ыарыытыгар, тахсан киирэри чэпчэтэргэ иһэрдэллэр, отонун дизентериялаабыт киһиэхэ сиэтэллэр. Айах бааһыгар сибиэһэй отону сыһыары тутар олус көмөлөһөр.


Хоту дойду дьонугар сугун эмиэ, уулаах отон курдук улахан суолталаах, киһи барыта сөбүлүүр үүнээйитэ буолар. Биһиги өбүгэлэрбит былыр-былыргаттан сугун отонун сибиэһэйдии чөчөгөйгө, дагдаҕа буккуйан сииллэрэ,тоҥорон хаһааналлара. Тымныыга тоҥорон кэбистэххэ, битэмиинэ улаханнык аҕыйаабат. Тоӊ отону кыра-кыратык киллэрэн сииллэр.

Processed with MOLDIV


Сугуну барыанньалаан,саахардаан хаһааныахха сѳп, араас утах, хомпуот, кисиэл эмиэ оӊороллор. Сибиэһэй сугун отонун уутун иэдьэгэйи кытта буккуйан сиир туһалаах даҕаны.

Сугун туундараҕа дэлэйдик үүнэр буолан, онно олорор дьон араас аһы кытта сииллэр эбит. Ол курдук сибиэһэйдии эбэтэр соккуойдаан баран хатарыллыбыт балыкка хаппыт сугун отонун эбэн, «дьиктэмин» диэни бэлэмнииллэр. Таба этин миинигэр сугуннаах үүтү уонна хааны кутан, «нимин» диэни оӊороллор. Үтэһэҕэ сүүрүӊүтүк буспут эти хаппыт сугуну кытта буккуйан хаһааналлар, ону «кулнин» дииллэр. Чоххо сыралаан буспут балыгы хаппыт эбэтэр сибиэһэй сугуну кытта мэһийэн, минньигэс ураты амтаннаах «силавун» диэн аһы оӊороллор. Ити курдук сугун отонун бэйэтин эрэ буолбакка, үүтү, эти ,балыгы кытта буккуйан аһылыкка туһаналлар эбит.

Processed with MOLDIV



Дьэ, онон, сугун үүнэр сирин сиэрэ суох тэпсибэккэ, отонун сиргэ саккыраппакка, наҕыллык, сөбүн көрөн, кэмэ кэлэн аҺа ситтэҕинэ, олус уутуйа илигинэ хомуйан аска да, эмкэ да туһаныахха сөп.

Туһаныллыбыт матырыйааллар
«Саха сирин отонноох үүнээйилэрэ»

Юлия Пестрякова хаартыскаҕа түһэриилэрэ