Рубрика: Служебная: Слайдер на главной
Таҥалай сон бииһэ элбэх. Бу былыргы сымнаҕас саары сарыыттан тигиллибит сүктэр кыыс таҥаһын сүрүн сорҕото. Маннык сону иистэнньэҥнэр үс сылы мэлдьи тигэллэрэ. Манна көстөр сон тоҕо кылгас сиэхтээҕин «кыыс сүктэн барыыта, кыната сабыллыбытын бэлиэтэ» дииллэр. Мин санаабар сайын эмиэ кэтиллэрин быһыытынан буолуон сөп. Олоҥхоҕо кыыс дьиэтиттэн суктэн барарыгар кыната сабыллыбат, төттөрүтүн үрдээн саҥа ийэ ууһун тэнитэ, киһи-хара, хотун хаан буола, төрөппүттэриттэн баайдарын аҥарын илдьэ барарыгар көстөр. Ол эбэтэр баай-дуол, ийэ ууһун тэнитии дьахтар өттүнэн барара былыр сахаҕа «ийэ үйэтэ» кэлэн ааспытын туоһута. Элбэх киэргэллээх сиэдэрэй сон. Манна үгэс курдук үс өҥнөөх (халлаан күөҕэ, маҕан, хара) оҕуруо туттуллубут. Үрүҥ көмүс тимэхтэринэн, сап оһуор харысхалларынан, оҕуруо, тимир салбыр5астарынан, киис тириитэ кылдьыыларынан киэргэтиллибит. Ордук түөс түһүлүгун оһуора, бэлэпчи кур мандара, санны, өттүк кэдьэҥэ таналай оҕуруо киэргэллэрэ дьиктилэр.