Рубрика: Служебная: Слайдер на главной
«Алаһа» рубрикаҕа ордук мас дьиэлэри, балаҕаны тутуу туһунан таһаарбыт эбит буоллахпытына, бу сырыыга таас дьиэни, кыбартыыраны хайдах, туохтан саҕалаан өрөмүөннүүр туһунан буолуоҕа. Бу эйгэҕэ 20 сыл үлэлээбит үөрүйэхтээх маастар Евгений Копырин сүбэлэрин үллэстэр.
Былааннааһын
Сорох дьон дьиэлэрин дизайн-бырайыага суох бэйэлэрэ эбэтэр онон дьарыктанар дьону наймылаһан өрөмүөннүүллэр. Өскөтүн дьоҥҥо оҥотторор буоллаххытына, бастаан үчүгэй маастары булуоххутун наада. Кинини кытта дьиэҕитигэр көрсөн кэпсэтэн, туох-хайдах буолуохтааҕын ымпыгар-чымпыгар тиийэ быһаарсар ордук. Холобур, куухуна ыскааба, дьыбаан, орон о.д.а. дьиэ тээбиринин турар миэстэлэрэ чопчуламмытын кэннэ, уоту холбуур, араарар эрэсиэккэлэр ханан оҥоһуллаллара былааннанар. Дьэ, ол кэнниттэн өрөмүөн үлэтэ саҕаланар. Оттон саҥалыы былааннааһын (перепланировка) оҥотторуоххутун баҕарар буоллаххытына, ону үөрүйэхтээх маастар барытын быһааран, сүбэлээн-амалаан биэриэхтээх.
Эркини көннөрүү
Биһиги дьиэ эркинин көннөрүүгэ “Кнауф” уонна “Волма” фирмалары сөбүлээн туттабыт. Ол курдук, дьиэ эркинэ иҥнэри-кыҥнары буоллаҕына, штукатуркалыах иннинэ лазердаах тэҥниир тэрилинэн көрөн, аналлаах маяктары туруорабыт. Эркиҥҥэ 6 мм, муостаҕа 1 см халыҥнаах маяктары туттуллар. Ол аата штукатурка халыҥа 6 мм саҕаланар. Ол эрэн, 5-6 см диэри халыҥнык сотуллуон сөп. Быраактыка көрдөрөрүнэн оннооҕор 9 см халыҥнык штукатуркалыахха сөп. Ол хоннубакка, хайдыбакка үчүгэйдик турар. Манна биири тоһоҕолоон этиэхпин баҕарабын, 6-7 см халыҥнык штукатуркалыыр буоллаххытына, барытын биир күн иһигэр оҥоруоххутун наада. Ол аата сороҕо бүгүн, аҥаара сарсын буоллаҕына сатаммат. Тоҕо диэтэххэ, ситэ куура илик штукатурка бэйэ-бэйэтигэр кыайан сыстыбат.
Хойуу сыбах
Истиэнэ көбүс-көнө буоларын туһугар шпаклёвка буолбакка, штукатурка үчүгэйдик оҥоһуллуохтаах. Ол кэнниттэн “базовай” шпаклёвка диэн кэлэр. Ол аата гипсополимернай штукатурканан ситэри көннөрүллүбэтэх оллурун-боллурун сыбаан тэҥнээн биэрэбит. Онтон кырааскалыырга ньылаархай ньуурдаах буоларыгар, пааста курдук “Гипс” фирма шпаклёвкатынан сотобут. Бу ордуга диэн бытархай фракциялаах, ол иһин грунтовканы хойуутук соттоххо тулуйар.
Шпаклёвка үчүгэйдик сыстарыгар араас албастар бааллар. Биһиги бастаан аналлаах валигынан истиэнэҕэ сыбаан-сыбаан баран, кэтит шпателынан тардаммыт көннөрөбүт. Оннук гыммакка эрэ тута шпателынан соттоххо, чараас баҕайы сулуойу хаалларар. Кэлин ону шкуркалыы сылдьан штукатуркаҕа диэри тэһэ аалыахха сөп.
Иҥэрэр сыбах
Грунтовка дьиэ өрөмүөнүн саамай сүрүнэ буолар. Хас да араас матырыйаалы туттар буоллаххытына, бу матырыйааллар бэйэ-бэйэлэригэр үчүгэйдик сысталларыгар туһалыыр. Холобур, сиэмэн штукатурка үрдүгэр гипсэбэй штукатурка үчүгэйдик сыстарын наадатыгар, бастаан истиэнэни үчүгэйдик ыраастаан, быылын түһэрэн баран грунтовканан соттоллор. Оччоҕо гипсэбэй штукатурка үчүгэйдик сыстар. Онтон аны шпаклёвка үчүгэйдик сыстарын курдук эмиэ грунтовкаланар. Ол кэнниттэн кырааскаланыах иннинэ эмиэ сотуллар. Холобур, быыллаах остуол үрдүгэр скотч сыстыбат дии, ол курдук грунтовката суох истиэнэҕэ штукатурка да, шпаклёвка да үчүгэйдик сыстабыт. Грунтовкаламмакка өрөмүөннэммит дьиэ эркинэ сотору кэминэн хайдан, хоҥнон түһэн хаалыан сөп. Биһиги “Кнауф”, “Волма”, “Сересит” фирмалар туохха барытыгар туттуллар (универсальнай) грунтовкаларын ордоробут.
Муоста тэҥнээһинэ
Муостаны тэҥнииргэ эмиэ “Кнауф”, “Волма” уонна “Сересит” фирмалар “наливной пол, самовыравнивающий пол” диэннэрин сөбүлээн туттабыт. Балары ууну кытта буккуйан оҥордоххо убаҕас баҕайы буолаллар. Ол иһин, муостаҕа үүт, хайаҕас баар буоллаҕына аллараа олорор ыалларга саккыраан түһүөн сөп. Инньэ гынан, бастаан аналлаах гидроизоляционнай суурадаһынынан баар хайаҕастары барытын киистэнэн сотобут. Ол эрээһинэ курдук буолан ууну-хаары ыыппат буолар. Оттон тэҥнииргэ былаастык репернай маяктары туһанабыт. Олору туруортаан баран төһө халыҥнаах буоларын кэтээн көрө-көрө тарҕатан кутабыт.
Дьиэ үрдүн оҥоруу
Урукку сылларга дьиэ үрдүн эркини көннөрөр курдук маяктары сыһыаран оҥорор этибит. Кэлиҥҥи кэмҥэ дьон ордук гипсокартонунан оҥотторор буоллулар. Ол эрэн, бу олус сыаналаах. Аҥаардас матырыйаал (гипсокартон, профиллар) сыаната холбоон “натяжной потолоктан” үс төгүл ыарахан буолар.
Суунар хос
Баанна өрөмүөнүгэр ууну, сииги тулуйар матырыйааллары туттабыт. Эркинэ сиэмэннээх штукатурканан көннөрүллүөхтээх, өскөтүн кырааскаланар буоллаҕына шпаклёвка эмиэ сиэмэннээх буолара ордук. Оттон гипсэбэй суурадаһынынан туттар буоллаххытына, уу киирэн сымнаппатын курдук булгуччу гидроизоляциянан бүрүйүөхтээххит. Гипсэбэй матырыйаал ууттан куттанар, оттон сиэмэннээх сииктэн өссө кытаатан биэрэр.
Гидроизоляция диэн тугуй?
Биһиги гидроизоляцияны үксүн санузелга туттабыт. Турба эҥин тэстэр түгэнигэр плитка быыһынан уу киирэн, көннөрүллүбүт муоста матырыйаалын алдьаппатын диэн туттуллар. Холобур, оҥоһуу душ анныгар соттоххо эрэһиинэ курдук буолан тэһиннэрбэт уонна гидроизоляция үрдүгэр плитка олус үчүгэйдик сыстар. Ону таһынан, гипсокартонунан оҥоһуллубут каркастары эмиэ сотор булгуччулаах. Эбэтэр ууга бэриммэт “акваслой” эҥин диэн аналлаах панеллары туттуоххутун сөп.
Турба биир тэҥник барыахтаах
Кирдээх убаҕаһы ыытар турбалар биир тэҥник (плавно) токуруйуохтаахтар. Манна 90 кыраадыс токуруйбут муннуктары туттар кутталлаах. Тоҕо диэтэххэ, кытаанах тобох-ибэх сыыһырдыыны таһаарыан сөп. Ол иһин, 45 кыраадыс токуруйар икки муннугу холбоон биир тэҥник барар гына оҥоһуллуохтаах. Ону таһынан, 110-наах турбаҕа иҥнэйэр муннугу тутталлар. Ол биир миэтэрэҕэ 2 см курдук буолуохтаах, оттон 50-нээх турбаҕа биир миэтэрэҕэ 3 см буолар. Аны аһара сытыары гыннахха бааннаттан уу түһэн испэккэ бытаан баҕайытык сүүрээччи. Туруору буоллаҕына уута сүүрэн хаалар, оттон хойуута туран хаалыан сөп. Манныкка, биллэн турар, турба бүөлэнэр. Ол иһин, ону ыраастыырга аналлаах люктар баар буолуохтаахтар. Иккиһинэн, турбалар бэйэ-бэйэлэригэр сымнаҕастык киирэллэригэр араас смаскалары туһанан холбуу сатааҥ. Эрэһиинэтин алдьаппакка уган хомуйдаххытына өр тэстибэккэ туруоҕа.
Оҥоһуу душ
Плитканан душ миэстэтин сиэмэннээх суурадаһыны кутан оҥорор ордук. Манна биири өйдөөҥ, бу суурадаһын аһара убаҕас буоллаҕына куурарыгар хайдан хаалар. Ол иһин, кураанах аҥардаах (полусухой) уута аҕыйах стяжкалары туттуҥ диэммин сүбэлиибин. Кутан тэҥнээн баран хайаан да үчүгэйдик куурарын күүтүҥ. Ол кырата ый курдук кууруохтаах, сиигин барытын таһаарыахтаах. Ситэ куура илигинэ гидроизоляциянан туттар көҥүллэммэт. Куурбутун кэннэ дириҥник иҥэр грунтовканан (грунт глубокого проникновение) сотуҥ уонна гидроизоляциянан уу тэстибэт гына бассыайын курдук оҥоруҥ. Оччоҕо ханан да хайдыбакка өр сулууспалыаҕа.
Билииккэлэри ууруу
Билииккэ дьиэ эркинигэр, муостаҕа биир ньыманан ууруллар. Кураанах килиимэттээх буоламмыт, килиэй түргэн баҕайытык сиигин биэрэн кэбиһэр. Инньэ гынан, сыһыарар көдьүүһэ кыччаан хаалар. Ол иһин, бастаан плитка быылын сотон, ыраастаан баран, килиэйи кырыбыайка курдук 10-12 мм шпателынан плиткаҕа бэйэтигэр уонна муостаҕа эбэтэр эркиҥҥэ сыбаан уурабыт. Оччоҕо үчүгэйдик сыстар уонна хаһан да хоҥнубат. Манна иккиэ буолан түргэнник хамнанан үлэлиир ордук. Улахан иэннээх плиткаларга бу ньыманы хайаан да туттуохха наада. Тоҕо диэтэххэ, кэлиҥҥи сылларга дьон ордук улахаттары сөбүлээн ылар. Сөптөөх килиэйи ылан сыһыардахха туох да куттала суох. Килиэйи атыылаһаргытыгар С1, С2 диэн төһө күүскэ тутар истиэпэнин көрүөххүтүн наада. Кыра иэннээх плиткалар киэнэ мөлтөх соҕус адгезиялаах буолар, оттон улахаттар киэнэ күүстээх. Ону үөрүйэхтээх маастардар билэллэр.
Муостаны сылытыы
Кыбартыыраҕа “теплый пол” диэни уотунан эбэтэр ититэр систиэмэттэн тахсар гына оҥорооччубут. Бу иккис көрүҥэ ороскуоттаах соҕус буолар. Тоҕо диэтэххэ, носуостаах, температурнай термостаттаах буолуохтаах. Оччоҕо сылааһын улаатыннарыахха эбэтэр аччатыахха сөп. Оннуга суох буоллаҕына ититэр систиэмэ температуратын биэрэ турар буолар. Оттон автономнай систиэмэ буоллаҕына, радиатор курдук сылыйар уонна сойор. Ол иһин, салайар уонна салгын таһаарар сирин умнумуохха наада.
Кыбартыыраҕа чуолаан аан хос (прихожай), санузел уонна ититиллибит болкуон муосталарын сылыттараллар. Манныкка муоста плитка буолуохтаах. Аан хоско атах таҥаһа туран эрэ куурарыгар олус табыгастаах буолар. Оттон ламинат буоллаҕына кыратык сылыйар. Ону таһынан, уотунан үлэлиир “теплый пол” ньыматын баанна эркинигэр уган, соттор куурдар сир оннун оҥоруохха сөп. Оччоҕо бу истиэнэ сылыйар. Манна үөһэтигэр күрүчүөк иилэн баран инчэҕэй соттору куурдаллар. Эбэтэр плиткалаабакка эрэ ыйанар сиэркилэ оннугар улахан сиэркилэни сыһыараллар. Оччоҕо сиэркилэ уу паарыттан сиигирбэт, сылаас эркинтэн куура турар буолар.
Кырааскалааһын
Биһиги ордук «Dulux» диэн фирма кырааскаларын туттабыт. Бу саамай үчүгэй кырааска диир кыаҕым суох. Тоҕо диэтэххэ, үчүгэй фирмалар элбэхтэр. Тутуу ырыынагар атыыланар чэпчэки сыаналаах кырааскалары этэ да барбаппын. Биһиги аналлаах оҥорон таһаарар собуоттар хаачыстыбалаах кырааскаларынан үлэлиибит. Маннык кырааскалар араастара элбэх буолар, холобур, офиска, балыыһаҕа, куухунаҕа, оҕо хоһугар, суунар сиргэ диэн туһунан арахсаллар. Сыаната, биллэн турар, ыарахан (9л биэдэрэ 15 000 солк буолааччы). Кыра оҕолоох дьон маннык кыраасканан тутталларыгар сүбэлиибин. Тоҕо диэтэххэ, оҕо истиэнэни марайдаатаҕына эҥин инчэҕэй тэрээпкэнэн сууйан-сотон кэбистэххэ туох да буолбат. Куортамҥа бэриллэр дьиэни эмиэ маннык бөҕө кыраасканан сотор олус табыгастаах. Хас биирдии кырааскаҕа төһө килбэйэрин истиэпэнэ диэн баар. Сорох дьон килбэйэр кыраасканы соччо сөбүлээбэттэр. Ол иһин, лааҕа суох (матовай) кырааскалары туттуллар. Кырааска төһөнөн матовай да оччонон киртийимтиэ буолар. Инньэ гынан, дьиэҕит кырааската өр сулууспалыан баҕарар буоллаххытына, килбэйэр истиэпэнэ үрдүгү ыла сатааҥ.
Обуойдааһын
Уон биэс сыл анараа өттүгэр вениловай кумааҕы обуойдар эрэ бааллара. Онтон флизелиновай обуойдар тарҕаммыттара, олор билигин да бааллар. Маннык обуойдар уратылара диэн сыһыарарга судургулар. Ким баҕар ылла да сыһыарыан сөп. Аны аһара кылааккайы буолбакка, ойуута-бичигэ арыый биллэр соҕуһу ылыаххытын наада. Оччоҕо киртийдэҕинэ даҕаны улаханнык биллиэ суоҕа. Ону таһынан, кырааскаланар обуойдар диэннэр бааллар. Балар аналлаах кыраасканан сотуллаллара ордук. Билигин дьиэ эркинин үксүн кырааскалыыллар, обуойу ордук декор быһыытынан киэргэтиигэ тутталлар. Обуойу маннык гынан бэрэбиэркэлиэххэ сөп. Холобур, 10 см уһуннаах лоскуйу быһан ылан ууга сытыара түһэҕит. Ону хостообуккутун кэннэ кыратык уһаабыт буоллаҕына, ол аата инчэйдэҕинэ тэнийэр диэн буолар. Оннук обуойу эркиҥҥэ килиэйи сотон буолбакка, бэйэтин килиэйдээн сыһыарыахтааххыт.
Муостаҕа тугу тэлгиир ордугуй?
Муостаҕа тугу баҕар тэлгиэххэ сөп: керамогранит, ламинат, кварцвинил, паркет эбэтэр линолеум. Ол эрэн, киһи саамай сылдьар, уу-хаар тоҕор, киртитэр сирдэригэр аан хоско, санузелга, куухунаҕа керамогранит тэлгиир ордук. Оннугу бу матырыйаал бэккэ тулуйар. Оттон саалаҕа, утуйар хоско ламинат, кварцвинил тэлгиэххэ сөп. Сорохтор робот-пылесос холкутук сылдьарын курдук аан боруога суох олоччу барытыгар ламинат тэлгээбит буолааччылар. Ламинаты маннык уурар олох көҥүллэммэт. Тоҕо диэтэххэ, кэлин атан эбэтэр үллэн тахсыан сөп. Ламинат дьиэ салгына уларыйдаҕына холкутук хамныы сытыахтаах. Эркиҥҥэ сыстыа суохтаах уонна улахан ыскаабынан баттаныллыа суохтаах.
Болкуону ититии
Тус бэйэм болкуону ититиигэ улахан үчүгэйи көрбөппүн. Маннык оҥотторор элбэх үбү ирдиир. Ол эрэн, ардыгар онно эппиэттээбэт. Биһиги кыһыммыт аһара тымныы, сайыммыт аһара куйаас буолан, матырыйааллар үллэн хаалаллар. Холобур, монтажнай күүгэн ардах түстэҕинэ сииги оборон ылар уонна хатарыгар хайдан хаалар. Онтон сылтаан болкуон иһэ сөрүүкээн барыан сөп. Ол иһин, болкуону ититэр улахан наада суох дии саныыбын, кэлин эрэйи көрүөххүт.
Биһиги оҥорор да буоллахпытына, экструзионнай пенополистиролу туттабыт. Куһаҕана диэн ис өттүттэн оҥоһуллар буолан, пеноплэск уонна бетон икки ардыгар кондецат үөскүүр. Ол олус кутталлаах, кэлин түүнүк буолуон сөп. Аны батарыайаны таһаарар көҥүллэммэт, ол эрэн “теплый пол” ньыманан уотунан муостатын сылытааччыбыт. Ону таһынан, дьиэ иһигэр туруору тимир батарыайалары туруорааччыбыт. Бу көстүүтэ даҕаны уонна сылытара эмиэ үчүгэй.
Венера Охлопкова