Рубрика: Далбар олбох
Светлана Ленинград куоракка төрөөбүт, Дьокуускайга улааппыт. Иккис нүөмэрдээх оскуоланы, онтон СГУ физикаҕа салаатын бүтэрэн Булун улууһун Хара Уулаах нэһилиэгэр физика учууталынан үлэлии барар. Ол кэннэ түөрт сыл космофизическэй чинчийии уонна аэрономия институтун геомагнетизм лабораториятыгар таһаарыылаахтык үлэлиир. Онтон алмааһы кырыылыыр уонна ювелирнай промышленноска үлэлээбит. 54 саастаах.
- Тайцзицюань Кытай омугун охсуһар сатабыла, ушу биир көрүҥэ
Ааһан эрэр сыл Саха сиригэр доруобуйа сылынан биллэриллибитэ. Ол чэрчитинэн бүгүҥҥү дьоруойбун кытта доруобуйа туругун спорт көмөтүнэн көннөрүү уонна кини олоҕун кэрчиктэрин туһунан кэпсэттибит.
Тайцзицюань Саха сиригэр саҥатык, сэдэх көрүҥ диэххэ сөп. Ол аата кытай омугун охсуһар сатабыла, ушу биир көрүҥэ. Киэҥ эйгэҕэ эти-хааны чэбдигирдэр гимнастика курдук биллэр, ол эрээри “цюань” сыһыарыы бу көрүҥү боевой искусствоҕа киллэрэр. Бу көрүҥүнэн дьарыктанар уонна дьарыктыыр маастардартан биирдэстэрэ уонна бастыҥнара Светлана Кобякова буолар. Кини Европа биэс төгүллээх чемпиона, тайцзицюань чемпионатын үрүҥ көмүс призера, бүтүн Кытайдааҕы Ушу Ассоциациятын үһүс степеннээх маастара, Чэнь дьиэ кэргэн чилиэнэ (бу искусствоны төрүттээбит дьиэ кэргэн), Тайцзицюань Дьокуускайдааҕы оскуолатын дириэктэрэ.
СҮРЭХТЭНИИ
Светлана оҕо сылдьан спорт эйгэтиттэн тэйиччи, ол оннугар туочунай наукаҕа ордук сыстаҕас эбит. Куруук биэс сыанаҕа үөрэнэр кыысчаан кэлин спордунан умсугуйан дьарыктаныа диэн оччолорго чугас дьонун өйүгэр да суоҕа буолуо.
Биэс сааспар диэри төрөппүттэрбин кытта Анаабыр Сааскылааҕар олорбуппут. Сотору-сотору ыарытыйар этим, онон оҕо сааһым өйдөбүлэ балыыһаны кытта ситимнээх. Быраастар төрөппүттэрбэр сиргитин уларытын диэн сүбэлээннэр, Дьокуускайга көһөн кэлбиппит. Оскуолаҕа «ботаник» диэн ааттыыр оҕолоро мин этим. Куруук библиотекаҕа сылдьарым, кинигэ арахсыспат аргыһым этэ. Бэрээдэктээх туйгун үөрэнээччи, активистка, оскуола хомсомуолун кэмитиэтин чилиэнэ, Бүтүн сойуустааҕы пионердар наҕараадаларын хаһаайката этим. Төһө да оскуола иһинэн үлэлиир «Дьулуур» үҥкүү ансаамбылыгар сырыттарбын, спортивнай да, имигэс да буолбатах этим. Биирдэ даҕаны ГТО сүүрүүгэ, ыстаныыга, хайыһарга нуорматын туттарбатаҕым. Хата, ол оннугар гранатаны, сиртэн илиигэ анньыныыны кыргыттартан ордук сатыырым. Ону даҕаны убайым дьиэҕэ эрчийэр буолан ситиһэрим.
Миигин собуот аатынан ааттаабыттара диэтэхпинэ дьон күлэр. Онтон чахчыта да оннук ээ. Мин ааппын уот лаампата (Световые лампы накаливания) диэнтэн таһаарбыттар. Кыыс оҕону үксүн эбэлэрин, эдьиийдэрин, биллиилээх дьон аатынан, муҥ саатар, күн сирин көрөрүгэр көмөлөспүт эмчитин аатынан ааттыыллар. Оттон миигин Ленинградтааҕы электрониканы оҥорон таһаарар собуот аатынан сүрэхтээбиттэр. Аҕам оччолорго финансовай-экономическэй институту бүтэрэн эрэр буолан, дьиэ кэргэнин Ленинградка көһөрөр. Онно мин Эрисман аатынан балыыһаҕа күн сирин көрөбүн. Бастаан төрөппүттэрим миигин сахалыы аатынан сүрэхтиэхтэрин баҕарбыттар эрээри, ленинградтааҕы саҥа төрөөбүт оҕолор дыбарыастарын үлэһиттэрэ “реестрбытыгар оннук аат суох” диэн буолумматахтар. Ол киэһэ ийэлээх аҕам Курчатов аатынан уулуссаҕа куортамнаһан олорор дьиэлэригэр кыыһы ким диэн ааттыыбыт диэн улахан толкуйга түспүттэр. Аҕам түннүк нөҥүө көрбүтэ, собуот чаҕылхай неон уотунан сандаарбыт улахан да улахан “Светлана” диэн суруктаах үһү. Онтон өй ылан: «Арай Светлана диэн ааттаатахпытына хайдаҕый?» — диир. Ол курдук миигин Ленинград Светлановскай проспегар баар «Cветлана» собуот аатынан ааттыыллар. Биллэн туран, аҥардас собуот эрэ аатыгар олоҕурбакка, бу аат «сырдык» диэн суолталааҕын эмиэ көрбүттэр.
Ийэм Анна Федоровна Статуправление тыатын хаһаайыстыбатыгар экономиһынан, аҕам Тимофей Михайлович Минфиҥҥэ контролер ревизор, онтон ГРУ үлэлээбитэ. Төрөппүттэрбэр хайдах сатыылларынан таптаан, киһи быһыытынан сайдарбын саба баттаабакка ииппиттэригэр махтанабын.
Эбэбин Акулина Кобякованы (Левина) бу диэн өйдөөбөппүн, баара-суоҕа балтараалаах саастаахпар күн сириттэн күрэммит. Кини аҕата грузин буолан антах харахтаах, улахан хоҥоруулаах муруннаах, сахаҕа үрдүк уҥуохтаах дьахтар эбитэ үһү. Эбэм аҕата биһиги кыраайбытыгар сыылкаҕа ыытыллыбыт, Зедгенидзе кинээс аҕа ууһун оттомо суох сыдьаана. Сыылкатын болдьоҕо бүтүүтүгэр, эбэбин Грузияҕа илдьэ бараары гыммытын, эбэм аймахтара «оҕоҥ өлбүтэ» диэн кистээн кыыһы бэйэлэригэр илдьэ хаалбыттар.
СЫРДЫК ЫРА
Светлана бэһис кылааска сылдьан соһуччу бэтэринээр идэтин баһылыан баҕарбыт. Библиотекаҕа бу идэҕэ туһуламмыт литератураны ааҕар, үөрэтэр эбит. Ол иһин да буолуо, кыыл-сүөл киниэхэ тардыһар. Билигин Светлана дьиэтин тэлгэһэтигэр киһиттэн куттаммат тииҥнэрдээх. Ардыгар илииттэн да аһыыллар, эрчиллэр, сэрээккэлиир кэмигэр аттыгар сылдьаллар. Кини олус амарах сүрэхтээх буолан бу тииҥчээннэригэр анаан-минээн уйа оҥотторон онно аһатар эбит.
Мин куруук спортивнай таҥастаах, тиэтэйэ-саарайа хаампыт киһибин. Онтон ис-испэр киирдэххэ, нарын-намчы дьахтарбын. Оҕо сылдьан үгүс кыыс курдук Галина Уланова, Майя Плицеская, Ирина Пудова курдук улуу балерина буолуохпун баҕарарым. Балет артыыстара эргэ пуанталарын кэтэн сиэркилэ иннигэр турарым уонна куба курдук сананан 32 фуэте оҥоро сатыырым. Онтон ол пуанты миэхэ хайдах тиксибитэй диэ? Сэбиэскэй кэмҥэ бары оскуолаҕа барытыгар эбитэ дуу, биһиги иккис нүөмэрдээх оскуолабытыгар эрэ эбитэ дуу, хас биирдии кылааска хайа эрэ тэрилтэ шефтээһиҥҥэ ананара. Биһиги кылааспытыгар Опера уонна балет тыйаатыра анаммыта. Кылаас чааһыгар эдэр балет артыыстара кэлэн ыалдьыттаабыттара. Олортон Ирина Пудованы өйдөөн хаалбыппын: олус кыраһыабай, чочуонай быһыылаах-таһаалаах, нарын-намчы, ис-иһиттэн сырдыгынан сыдьаайар кэрэ бэйэлээх этэ. Мин санаабар, ол күн кылаас кыргыттара бука бары кини курдук буолуохтарын баҕарбыттара буолуо.
Бу шефтээһиҥҥэ эппиэттээҕинэн балет артыыһын комсомолец Мастаховы анаабыттара. Биирдэ үҥкүү куруһуогар сылдьар кыргыттар кинини төгүрүйэ сылдьан эргэ да буоллар пуантыта булан кулу диэн көрдөспүппүт. Соторунан көрдөһүүбүтүн быһа гыммакка, араас кээмэйдээх балериналар атахтарын таҥаһын аҕалбыта. Ол мин бастакы пуантыларым этэ. Эргэ, илдьирийбит, атлас быалаах, өр кэтиллибит буоланнар хата киһи атаҕын аалбат этилэр. Санаабар, миэхэ Ирина Пудова атаҕын таҥаһа тиксибит курдуга, онтон эрдийэн “батман”, “жете” хамсаныылар ордук сатанар буолбут курдуктара.
САҤАНЫ САҔАЛЫЫРГА ХАҺАН ДА ХОЙУТ БУОЛБАТАХ
Тайцзицюань хайысханы булуон иннинэ Светлана каратэнан, кик-боксанан, айкидонан, фитнеһинэн, аэробиканан дьарыктанан көрбүт да, хайатыгар да дууһата сыппатах. Биир соһуччу көрсүһүү кини олоҕун улаханнык уларыппыт.
Тайцзицюань хайысханы кытта 40 сааспын туолуубар билсибитим. Оччолорго Дьокуускай болуоссаттарыгар сарсыардааҥҥы эти-хааны эрчийии бырагырааммата таһаарыылаахтык үлэлиир этэ. Кыайыы болуоссатыгар сэрээккэни Василий Самсонов ыытара. Сайыны быһа биир да күнү көтүппэккэ сылдьыбытым. Күһүөрү университет иһинэн ыытыллар ушу секциятыгар суруттарбытым. Төһөнөн өр дьарыктанабын да, оччонон бу дьарыкка ылларан испитим. Биир күн «бу миэнэ эбит» диэн санааттан оччолорго үлэлии сылдьар тэрилтэбиттэн “Драгоценности Якутии” уурайан, ушу Федерациятыгар көспүтүм. Манна оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо тайцзицюань хайысхаҕа дьарык биэрэр этим. Бу сылдьан спортивнай ушуттан аккаастанан, тус бэйэм тайцзицюаньынан дьарыктанар баҕалаах этим. Сотору кэминэн баҕа санаабын толорон «Дьокуускайдааҕы тайцзицюань оскуолатын» тэрийбитим, бу оскуолабар дириэктэрдиибин. Күннэтэ сөбүлүүр дьарыкпынан дьарыктанарбыттан дьоллонобун. 2018 сыллаахха Чэньцзягоу тайцзицюань оскуолатын кытта сөбүлэҥ түһэрсэн кинилэр филиаллара буолбуппут.
Ушу Федерациятыгар үлэлии сылдьан Кытайга учуутал көрдөммүтүм. Интернеккэ алҕас Чэньцзягоу тайцзицюань оскуолатын электроннай почтатын булан онно суруйбуппар, начаас икки ардыгар ыҥырыы сурук туппутум. Ол курдук учууталбын Чэнь Цзыцяны булбутум. Бу улуу маастар, олус үтүө киһи. Кини тайцзицюань искусствоҕа эрэ уһуйбат, олоҕу сөптөөхтүк олорорго, дьону кытта үтүөнү, тапталы кытта үллэстэргэ үөрэтэр. Аан дойдуну аймаабыт ыарыы кэлиэн иннинэ 2011 cыллаахтан тиһигин быспакка сайын аайы учууталбар Кытайга айанныырым. Күн аайы ардах буоллун, куйаас күн турдун сэттэ, аҕыс чаас дьарыктанарбыт. Үксүн ууга, биитэр уу тыыныгар буспут оҕуруот аһынан, тофунан, лапсанан, рис куруппанан, кыра этинэн аһылыктанарбыт. Бастаан элбэх эккэ үөрэммит саха киһитигэр аһылык чааһыгар ыарахан этэ, кэлин үөрэнэн эккэ кыһаммаппын.
Тайцзицюань көрүҥүнэн киһи хас баҕар сааһыгар дьарыктанан саҕалыан сөп, мин 40 сааспар саҕалаабытым. Эт-хаан өттүнэн төһө сайдыылааҕын оруолу эмиэ оонньообот. Эдэрдэр бу көрүҥтэн боевой искусство ылыахтарын сөп, иҥиир күүһүн туһанарга, сымнаҕас күүс көмөтүнэн холус күүһү кыайарга үөрэнэллэр. Онтон саастаах дьон бу көрүҥүнэн дьарыктанан күүс-уох ылаллар, чэбдик туруктаналлар. Чэгиэн туруктаах киһи өр сылларга тэтиэнэх сылдьарыгар көмөлөһөр, онтон мөлтөх доруобуйалаах, ыарытыйар дьоҥҥо, сүрүн эмтэниини таһынан, чэбдигирдэр өрүттээх.
КЫҺЫЛ, ҮРҮҤ КӨМҮС МЭТЭЭЛЛЭРДЭЭҔЭР КҮНДҮ БОРУОНСА
2015 сыллаахха учуутала Чэнь Цзыцянь Светлананы бэйэтин үөрэнээччитинэн ылар. Үөрэнээччи аатын ыларга аҕа баһылыктан көҥүллэтэллэр. Кинини дьиэ кэргэттэригэр ылаллар уонна үгэс быһыытынан, кытай аатын иҥэрэллэр. Манна диэн эттэххэ, бу дьиэ кэргэҥҥэ баҕалаах эрэ барыта киирбэт. Кытайга алыыча (слива) саас эрдэ, хаар уулла илигинэ сибэккилиир буолан, тулуурдаах үүнээйи диэн ааттыыллар. Светлананы бу үүнээйигэ холоон Чэнь И Мей диэн сүрэхтииллэр, ол аата кытай алыычатын чэчигэ диэн тылбаастанар. Тымныы дойдуттан сылдьар тулуурдаах кэрэ аҥар диэн быһаараллар.
Аан бастакы күрэхтэһиим 2006 сыллаахха Европаҕа буолбут ушу чемпионата этэ. Дьарыктаммытым сыл эрэ буолбут киһиэхэ салайааччым Василий дьээбэлиир, эмиэ да боччумнаахтык: «Парижка буолаары турар чемпионатка кыттыаҥ этэ дуо?», — диэн ыйыппытыгар Париж куораты көрөр баҕаттан сөбүлэспитим. Чемпионатка айаннаан иһэн саатар уон бастыҥ иһигэр киирсибит киһи диэн бүөм санаалааҕым. Долгуйарым ханна барыай? Бу олохпор бастакы спортивнай күрэхтэһиим буоллаҕа. Тайцзицюань хамсаныыларын алта киһиттэн турар дьүүллүүр сүбэҕэ көрдөрүөхтээхпит. Санаабар, хамыыһыйа иннигэр тахсан хамсаныыларбын барытын умнуох курдугум. Көбүөргэ тахсан баран, соһуйуом иһин, олус үчүгэйдик кыттан боруонса мэтээли ылбытым. Ол кэннэ үрүҥ, кыһыл да көмүс мэтээллэр кэлбиттэрэ эрээри, бу Парижка ылбыт, төһө да боруонса буоллар, саамай күндү мэтээлим. Бу быыкайкаан мэтээл бэйэбэр эрэлбин икки бүк үрдэппитэ. Күн аайы дьарыктаннахха, инникигэ кыра да хардыы оҥордоххо киһи тугу баҕар ситиһиэн сөп эбит диэн толкуйга кэлбитим.
Тайцзицюаньынан үрдүк бэлэмнээх учууталы кытта дьарыктанар ирдэнэр. Эбэтэр, кыччаабыта, биомеханиканы билэрин ордук. Холобур, сүһүөҕү сөпкө ноҕоруускалыыры сатыахтааххын. Ньэҥири кытта үлэ эмиэ билиини ирдиир. Билбэккэ сыыһа дьарыктанан ньэгир сүүрээннэрин тохтотуоххун сөп, оччоҕуна доруобуйаҥ кэбириир.
КИҺИ БААЙ — ДУУҺАТЫНАН
Бу дьарыгынан үлүһүйүөм иннинэ, баара-суоҕа уонча сыл анараа өттүгэр, олус кыбыстанньаҥ этим диэтэхпинэ, ардыгар бэйэм да итэҕэйбэт курдукпун. Бэйэбэр эрэлэ суох сананарым, куруук саараҥнаан тахсарым. Оннооҕор балыыһаҕа уочаракка ким бүтэһигин ыйытарбын саатарым. Эрдэ араас моһоллору, туорайдары көрүстэхпинэ уостар эбит буоллахпына, билигин бэриммэппин, инним хоту баран иһэбин. Хас биирдии үүнэр күнү махталлаахтык уонна дьоллоохтук көрсөбүн. Саамай сүрүнэ бэйэбин, дьону таптыыр буоллум. Киһи эйигиттэн ураты, атын дьоҥҥо майгыннаабаттык олорор буоллаҕына (куһаҕан быһыыны эппэппин), дьон тылыгар киирэн биэриэххин сөп дииллэр. Маннык кыра ычалаах дьон толкуйдуур куолута. Аан дойду эҥин эгэлгэлээх уонна бу дойдуга хайа баҕар киһиэхэ онно баар буолуохтаах. Киһи саамай сүрүнэ дууһатынан баай буолуохтаах. Ис санааҥ баай, кэрэ буоллаҕына, ханнык итэҕэли тутуһарыҥ, туох омуктааҕыҥ, ханна киминэн, тугунан үлэлиириҥ оруолу оонньообот.
САҤА ДЬЫЛ
Ураты саҥа дьыл диэтэхтэринэ соҕуруу дойдуга көрсүбүппүн саныыбын. Биирдэ Египеккэ күөх далай кытылыгар, пальма анныгар кыынньар шампанскайы кытта лобстеры амсайбытым, Индияҕа Гоаҕа акула лапчааннарын сиэбитим, хаарынан бүрүллүбүт австрия Альпаларыгар карп балыгы боруобалаабытым. Ол гынан баран, саҥа дьыл киэһэтин дьиэ кэргэммин кытта Дьокуускайга көрсөрбүн туохтааҕар да астынабын. Маанылаах сандалыбытыгар хайаан да харта, хаан, ойоҕос, ыһаарыламмыт собо, убаһа этэ, балык, быар, баай хара тыабыт отонуттан утах, сугуннаах отон барыанньата баар буолар. Дьэ, бу бүлүүдэлэри олус да астынабын.
Анна ПАВЛОВА