Рубрика: Кэрэ сэбэрэ
Туйаара Ушканова, 26 саастаах, АГИКИ устудьуона.
Суһуохпун оҕом курдук көрөбүн-харайабын, нэдиэлэҕэ иккитэ суунабын. Ордук сульфата суох араас шампууннары, бальзамнары, мааскалары туттабын. Тараабакка эрэ илиибинэн наардыырбын сөбүлүүбүн. Түспүт баттахпын хомуйан ылан мунньан иһэбин, бөххө бырахпаппын. Үксүн биир гына өрүнэн баран сылдьааччыбын, мээнэ ыһарбын сөбүлээбэппин.