Рубрика: Сир уоҕа
Элбэх киһи оҕо сааһын ньээм-ньээминэн, алтан төбөнөн сирэйдиир.Чахчыта даҕаны, алтан төбө эрдэтээҥҥи чээлэй күөх хонууга ыһыллыбыт күн кыырпаҕын курдук тырымныы сытара, сарсыарда атах сыгынньах таһырдьа ойон тахсыбыт оҕоҕо, дьол кыымын саҕар аптаахха дылыта.
Ким бэйэлээх, араҕас илгэттэн тэтэрбит тэлгэһэтин көрөн сүргэтэ көтөҕүллүбэт, үөрүүтэ үрдээбэт буолуой? Ньээм — ньээм минньигэс мүөттээх амтана, айылҕа киһи аймахха биэрэр кэрэ бэлэҕэ эбээт, доҕоттоор! Маны таһынан, кып-кыра ньээм оппут, туһата үтүөтэ элбэх. Холобур, аһаабат буолбут киһи ньээм уутун истэҕинэ аһыах санаата кэлэр эбит. Аны ис ыарыытын арааһын ньээм суурадаһына эмтээн кэбиһэр кыахтаах. Үөс туоллаҕына, үөскэ, бүөргэ таас үөскээтэҕинэ, утах оҥостон уһуннук истэххэ таһааран кэбиһиэн сөп. Аны сирэй, тирии эбирин сотон-сууйан кэбиһэр аптаах эбит. Мантан да атын араас абырала муҥура суох элбэх. Ааҕыҥ, билсиҥ, ийэ буорбут көмүс отун туһаныҥ.