Рубрика: Служебная: Слайдер на главной
Араас сылларга “Азия оҕолоро” спортивнай оонньууларга күрэхтэспит ыччат туһунан таһаарыыбытын салҕыыбыт. Бүгүн биһиэхэ спорт саамай кэрэ көрүҥэр, художественнай гимнастикаҕа кыттыбыт, билигин тренеринэн үлэлиир Виолетта Никифорова (Иванова) ыалдьыттыыр.
Виолетта, “Азия оҕолоро” спортивнай оонньууларга хас сыллаахха кыттыбыккыный уонна оччолорго хас саастаах этигиний?
– Мин бу норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиигэ 2000 сыллаахха тоҕустаахпар уонна 2004 сыллаахха 13 саастаахпар кыттыбытым.
Оччотооҕу оонньуулар хайдах ааспыттарай? Тугу ордук өйдөөн хаалбыккыный?
– 2000 сыллаахха кыттарбын билбэккэ сылдьан, сүүмэрдэммит хамаанданы кытта дьарыктанар этим. Ол аата миигин резервэҕэ ылбыттар эбит. Хомойуох иһин, хамаанда сүрүн састааба харантыыҥҥа бараннар бары дьиэлэригэр көппүттэрэ. Инньэ гынан, мин сүүмэрдэммит хамаандаҕа киирэн хаалбытым. Бу оонньууларга кыттыахпын наһаа баҕарар этим. Бэйэм көрүҥмэр бэриниилээх буоламмын, табыллыбытым диэхпин сөп. Ону таһынан, 2000 сыллаахха кыайбыт оҕолорго көмпүүтэр бэлэхтээбиттэрэ. Оччолорго көмпүүтэр олус күндү этэ. Ол иһин, аҕабар: «Аныгыскы оонньууларга кыайан хайаан да көмпүүтэр ылыам» диэбитим. Ол эппиппин толорон 2004 сыллаахха муҥутуур кыайыылаах буолбутум. Уопсайа биэс мэтээли ылбытым. Өссө бу сылга оонньуулар үөрүүлээх сабыллыытыгар өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын аатыттан тыл эппитим. Онно долгуйаммын оччотооҕу бэрэсидьиэн Вячеслав Анатольевич Штыров аатын таһыччы умнан кэбиспитим. Ол кэмҥэ кини лоп бааччы мин утары олорор этэ. Умнубуппун сэрэйэн үөрбүтэ уонна таһыммыта. Оттон мин наһаа сааппытым, олох ытыах санаам кэлбитэ. Инньэ гынан, аҥардас араспаанньатын: “Саха сирин бэрэсидьиэнигэр Штыровка улахан махтал” диэн эрэ этэн турабын. Күн бүгүнүгэр диэри бу түгэни санаатахпына күлэбин.
Тоҕо чуолаан художественнай гимнастиканы талбыккыный?
– Оҕо эрдэхпинэ төрөппүттэрим уруһуйга, муусука оскуолатыгар, модельнай агентствоҕа о.д.а. куруһуоктарга сырытыннараллар этэ. Олортон ордук художественнай гимнастиканы сөбүлээбитим. Оччолортон баччаҕа диэри бу көрүҥҥэ бэриниилээхтик үлэлии-хамныы сылдьабын.
“Азия оҕолоро” спортивнай оонньууларга кыттыыҥ эйиэхэ тугу биэрбитэй?
– Олимпийскай оонньуулар курдук түөрт сылга биирдэ ыытыллар Норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиигэ кыттыы, биллэн турар, спорт эйгэтигэр улахан хардыыны оҥорорбор үгүс үөрүйэҕи уонна хаһан да умнуллубат үтүө өйдөбүлү хаалларбыта.
Билигин тренердииргин билэбин, ханна үлэлиигин?
– Художественнай гимнастикаҕа (тус бырагырааммаҕа) СӨ сүүмэрдэммит хамаандатын тренеринэн үлэлиибин. Биһиги Новогорскай спортивнай базаҕа дьарыктанабыт. Ону таһынан, Москубаҕа спортивнай бэлэмнэнии киинигэр орто бөлөх эрчиллэр.
Тус бэйэм бу көрүҥү саамай кэрэлэрэ дии саныыбын. Ол эрэн, олус ыарахан буоларын сэрэйэбин эрэ. Манна дьарыктанар хас биирдии оҕо үрдүк чыпчаалга тиийбэтэ буолуо дии саныыбын. Чуолаан эйигин ситиһиилээх буоларга ким эбэтэр туох көҕүлүүр этэй?
– Оннук, нууччалыы эттэххэ, биир саамай элегантнай көрүҥ буолар. Манна үҥкүү, акробатика, балет уонна цирк искусствотыттан кытта көстөр. Миигин көҕүлүүр дьонум тренерим уонна аҕам буолаллар. Кинилэр мин олохпор улахан оруолу ылаллар.
Гимнаска кыыс ханнык сүрүн хаачыстыбалары баһылыахтааҕый?
– Бастатан туран, бэйэтин көрүҥүн ис сүрэҕиттэн таптыахтаах. Ону таһынан, үлэһит, тулуурдаах уонна дьулуурдаах буолуохтаах.
Спорт эйгэтиттэн кими “кумир” оҥостор этигиний?
– Биллэн турар, Алина Кабаева буоллаҕа дии.
Бу буолаары турар “Азия оҕолоро” спортивнай оонньууларга хас үөрэнээччиҥ кыттарый?
– СӨ сүүмэрдэммит хамаандатын бары састааба уонна тус бырагырааммаҕа түөрт кыыс кыттыаҕа.
Тоҕо тренер буоларга санаммыккыный?
– Оҕо эрдэхпиттэн тренер буолуохпун баҕарар этим. Бэйэм үөрүйэхпин, бу көрүҥҥэ тапталбын кырачаан кыргыттарга үллэстэрбиттэн дьоллоохпун.
Ситиһиилээх тренер диэн хайдах буолуохтааҕый?
– Хас биирдии тренер төбөтүгэр ситиһиилээх буолуу мадьыалын оҥорон көрөр буолуохтаах. Ким эрэ спортсменнарын Олимпийскай мэтээлгэ тиэрдиэн баҕарар. Сорохтор кырачааннары кытта үлэлииллэрин ордороллор. Тус бэйэм спортсментан тренерга тиийэ сайынным, судьуйалыыр да үөрүйэхтээхпин. Ол иһин, тренер быһыытынан саҕалааһыным куһаҕана суох дии саныыбын.
Бэйэҥ оҕолоруҥ улахан спордунан дьарыктаныахтарын баҕараҕын дуо?
– Спорка сыстаҕас буоллахтарына уонна тренер кинилэр кыахтарын бэлиэтээтэҕинэ, кэргэмминээн куруук өйүөхпүт.
Түмүккэ инники былааннарыҥ туһунан сырдыаҥ дуо?
– Мин, бастатан туран, кэргэн уонна ийэ буолабын. Улахан уолбут сэттэлээх, кырабыт түөрт саастаах. Оҕолорбутугар дьоһун үөрэҕи биэрэр былааннаахпыт. Ийэ буоларым быһыытынан, иэримэ дьиэни иччилиир, кэргэммин, оҕолорбун көрөр-истэр аналлаахпын. Кинилэр миигин өйүүр, өйдүүр буоланнар, тренер курдук уустук үлэҕэ ситиһиилээхтик үлэлии-хамныы сылдьабын.
Виолетта, истиҥ кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Үлэҕэр-хамнаскар өрө үүнүүнү баҕарабын.