Рубрика: Бэлиэ түгэн

29/02/2024 г.

Түөрт сылга биирдэ кэлэр ордук хонуктаах сыл, ол эбэтэр високоснай сыл диэн тугуй? Сир күнү тыла 365, 6 суукка эригийэр, чорбойбут бириэмэ мунньуллан түөрт сыл буола-буола ордук хонуктаах олунньу ыйдаах сыл тосхойор. Високоснай сылга сыбаайбалыыр, малааһынныыр олус бэрдэ суоҕун туһунан, аан дойдуга араас хабааннаах катастрофалар буолаллар диэн былыргыттан кэлбит итэҕэл баар. Ол эрээри, бу итэҕэл ханнык да научнай үөрэтиигэ олоҕурбат. Холобур, бу сыл ыал буолбут дьон арахсар түгэннэрэ үгүс буолар, дииллэр. Ол гынан баран, арахсыы статистиката көрдөрөрүнэн, високоснай сыл ыал буолбут дьон арахсар түгэннэрэ атын сылга ыал буолбут дьон арахсыытын ахсаанын куоһурбат. Киэҥ куйаар эньиэргийэтин үөрэтээччилэр ордук хонуктаах сылга төрөөбүт оҕолор күүстээх санаалаах, дьоҕурдаах буолаллар дииллэр.
Оттон олунньу 29 күнүгэр төрөөбүттэр аанньалларын күнүн түөрт сыл көтө-көтө бэлиэтииллэрэ буолуо дии саныыбыт.
«Кыра сылдьан төрөөбүт күммүн эмиэ да олунньу 28, эмиэ да 29 күнүгэр бэлиэтииллэригэр улахан болҕомтобун уурааччым суох. Ийэм быһааран биэрбитэ. Уратылаахпын дии санаабаппын, ол оннугар високоснай сыл мин ситиһиилээх сылым буолар», – диэн ситим киэҥ куйаарыгар Саргылана кыыс санаатын эппит.
Онон, чорбойор күннээх сылтан үчүгэйи эрэ күүтүөхэйиҥ!