14/02/2024 г.

 

Ыал ийэтэ буолбут, сааһырбыт дьахтар — баай көстүүлээх, элбэх салаалаах, салбырҕастаах, байбаччы таҥныбыт дьахтар курдук оҥоһуулаах, кэтит, хас да сүһүөхтээх ытарҕаны кэтэр эбит. Бу алгыс бэлиэтэ буолар диэн этэллэр.

Эдэр кыыс ытарҕата синньигэс оҥоһуктаах, нарын көстүүлээх.

Кыра кыыс оҕоҕо аҥардас иэмэҕи эбэтэр сүрдээх намчы оҥоһуктаах ытарҕаны кэтэрдэллэрэ үһү.

Аныгы үйэҕэ кийииккэ уол дьоно ытарҕа бэлэхтиир буоллахтарына, былыр төрөппүттэр кыыстарын симээн, киэргэтэн эргэ биэрэллэр. Ким хайдах, төһө кыахтааҕынан көрөн эрдэттэн үлэһэн оҥоттороллоро үһү. Ытарҕа суолтатын, устуоруйатын туһунан сэҥээрбит буоллаххына сайпытыгар киирэн салҕыы ааҕаргар ыҥырабыт