Рубрика: сонун
Ахсынньы 20 күнүгэр Дьокуускай куоракка Таатта улууһун култууратын күннэрэ са5аланна. Бастатан туран, улуус култууратын салайааччыта Гаврил Гаврильевич Вырдылин куоракка олорор өрөспүүбүлүкэ култуурунай-духуобунай уонна интеллектуальнай олоҕун үөһүгэр айа-тута сылдьар биир дойдулаахтарын мунньан, «Култуура- дойду сиэркилэтэ» диэн кэпсэтии таһаарда. Манна кини улуус култуурунай олоҕун киэҥник сырдатта. Иккиһинэн, улуус өссө хайдах бу эйгэтин салгыы сайыннарыан сөбүгэр сүбэ-ама иһиттэ. Ити төгүрүк остуолга олорон кэпсэтии кэнниттэн улууска баар норуот ансаамбылларын кэнсиэрэ Саха академическэй тыйаатырын сыанатыгар буолла. Бу улуус эрэ иһигэр буолбакка өрөспүүбүлүкэҕэ, дойдубут атын эгийиэннэригэр, тас дойдуларга кытта биллибит кэллэктииптэр үрдүк таһымнаах кэнсиэрдэрэ, көрөөччү кутун тутта.