Рубрика: Тойон сэргэ
Сэбиэскэй Сойууска хорҕолдьуну хостуур сэттэ тыһыынча чилиэннээх саамай улахан тэрилтэ профкомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Иван Петрович Пестряков сурунаалбыт биир сүрүн дьоруойа буолар. Кинини 85 саастаах диэбэккин. Билигин даҕаны үлэлии, дьоҥҥо сүбэлии—амалыы, сүүрэ-көтө сылдьар. Иван Петровичтыын уһун үйэлэнии, үлэ, дьиэ кэргэн туһунан кэпсэттибит.
Иван Петрович үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Нам, Усуйаана улуустарын, Түбэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ бочуоттаах кырдьаҕаһа, СӨ Профсоюһун бочуоттаах бэтэрээнэ, САССР үтүөлээх геолога, сахалартан соҕотох ССРС өҥнөөх металлургиятын туйгуна бэлиэ хаһаайына, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ кавалера, САССР Үрдүкү Сэбиэтин бочуоттаах грамотатын хаһаайына.
— Иван Петрович, оҕо сааһыҥ сэрии кэмигэр ааспыт эбит. Ол кэмнэри санаан ааһыаҥ дуо?
— Бастатан туран, өбүгэм Бэстэрикиэп Баай туһунан кэпсиэм этэ. Кини 1852 сыллаахха олорбут түөлбэтигэр кириэстээх сэргэ туруортарбыт. Ол сэргэҕэ Иона Винокуров диэн аҕабыыт ыраахтан кэлэн малыыппа аахпыт. Түөрт сирэйиттэн бииригэр ким, хаһан туруорбута суруллубут. Сэргэ үөһэ өттүгэр «Таҥара» диэн суруллубут. Биир сирэйигэр Иисус Христос ыйанан турар кириэһэ уруһуйдаммыт уонна «Эн таҥараҕын» диэн суруктаах. Төрдүс сирэйигэр «Владыка — бары сүгүрүйэбит» диэн. Ол сэргэни эмэҕирэн охтон хаалбытын саҥатытан баран Бэстэрикиэптэр аймах бары мустан урукку миэстэтигэр туруорбуппут.
Билигин бу сэргэ бэйэтэ М.К.Аммосов аатынан музейга Хатырыкка турар. Мин 1935 сыллаахха кулун тутар 15 күнүгэр Нам улууһун Түбэ нэһилиэгэр Кытыл диэн сиргэ төрөөбүтүм. Аҕам үс саастаахпар өлөн бырааттарбынаан Гошалыын (Дьөгүөр Түбэ), 1943 с. төрөөбүт Юрийдыын тулаайах хаалбыппыт. Хата ийэбитин ииппит Сомоҕо оҕонньорго олорор этибит, ол да киһибит эмиэ эрдэ 1943 сыллаахха өлбүтэ. Эрэйи-буруйу көрөн ийэбит үөрэхтээх дьон оҥорон син сөпкө үлэлээн кэллибит.
— Тугу үлэлээбиккиний?
— Аармыйаҕа сылдьан, ол кэннэ дойдубар холкуоска үлэлээн баран 1957 с. оччолорго саҥа тэриллибит Саха государственнай университетыгар геолог үөрэҕэр киирбитим. Үөрэхпин бүтэрэр кэммэр, 1962 сыллаахха университетка тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар ветеринарнай отделениеҕа үөрэнэр Таатта кыыһын Лягушина Маринаны кытта холбоһон күн бүгүнүгэр диэри олоробут. 1963 с. дипломнай үлэни көмүскээн инженер-геолог буолбутум. Үөрэхпин бүтэрээт Алдан оройуонугар «Эльконка» диэн сүлүүдэни хостуур рудникка ыстаарсай геологынан ананан үлэбин саҕалаабытым. Соҕотох саха этим. Иккис сылбар кэргэним кэлэн «Эльконка» бөһүөлэгин сэбиэтин секретарынан үлэлээбитэ. Манна 1963 с. Таня уонна 1964с. Лена диэн кыргыттарбыт төрөөбүттэрэ. Сүлүүдэни хостуурбут таһынан көрдүүр, разведкалыыр үлэни ыытарбыт.
Кэнники миигин кылаабынай геологынан анаабыттара. Саха омук аатын түһэн биэрбэт санааттан олус кыһаллан үлэлээн сирдэрбэтэҕим. Хата, комсомольскай тэрилтэ секретарынан талыллан эбии үлэ эбиллибитэ. Бу кэмҥэ дойду үрдүнэн сэрии кыттыылаахтарын чиэстээһин саҕаламмыта. Өрөспүүбүлүкэ бастаан Сэбиэскэй Союз Геройа Жадейкин аатынан шахтердар комсомольско-молодежнай биригээдэни тэрийбиппит уонна биригээдэ хамнаһыттан «Эйэ» фондугар ыытар этибит. ЫБСЛКС КК бочуотунай грамотатын бастаан үрдүкү наҕараадатын ылбытым. Хоту Уһук Усуйаана оройуонугар 22 сыл промышленность эйгэтигэр үлэлээбитим. Онно тиийбитим маннык: «Эльконкаҕа» үлэлиир кэммэр директорбытын А.А. Зарукины саҥа тэриллибит «ЯнЗолото» комбинакка кылаабынай инженеринэн үрдэтэн ыыппыттара.
Сотору буолаат директорым: «Миэхэ үлэлии кэл», — диэн телеграмма ыыппытыгар, кэргэммин кытта сүбэлэһэн баран, олох билбэтэх, истибэтэх сирбэр «Депутатскай» бириискэҕэ геолого-разведочнай партия начальнигынан 1968 сылтан уон биир сыл үлэлээбитим. 1979 с. ССРС-ка саамай улахан хайа быыһыгар сир анныттан хорҕолдьуну хостуур горно-обитательнай комбинат тутуутун туһунан правительство уурааҕа тахсыбыта. Онно миигин шахтостроительнай управление кылаабынай геологынан эппиэтинэстээх үлэҕэ өрө таһаарбыттара.
Биэс сыл сөпкө үлэлээн испитим, эмиэ соҕотох саха этим. 1984 сыл ураты сыл буолбута. Дойдуга хорҕолдьун тиийбэт буолан ССРС правительствота хорҕолдьун хостооһунун былаанын үрдэтэн баран саҥа тутулла турар ГОК тутуллар болдьоҕун кылгатан биэртэ. Райком рекомендациятынан миигин сэттэ тыһыынча чилиэннээх профком бэрэссэдээтэлинэн таланнар икки болдьоххо биэс сыл үлэлээбитим. Онон сэбиэскэй сойууска хорҕолдьуну хостуур саамай улахан тэрилтэ салайааччыта буолан хаалбытым. 1989 сыллаахха партия уонна правительство уурааҕа туолан ГОК тутуутун 1989 сыллаахха түһэрбиппит. Ити улахан кыайыы этэ.
— Эппиэтинэстээх уонна уустук үлэлэргэ сылдьыбыт эбиккин. Ити курдук, тигинэччи үлэ үөһүгэр сылдьан бочуоттаах сынньалаҥҥар тахсаҥҥын чуҥкуйдаҕыҥ?
— Билигин сынньалаҥҥа олорбутум ыраатта. Бастакы сылларга ыарахан этэ. Тугу да гыммакка «таах» сылдьаҕын. Ол эрэн, комсомолга иитиллибит киһи общественнай үлэҕэ дьоҕурдаахпын, мээнэ олоруохтааҕар «Эр-Эрчим» үһүс көлүөнэ оскуолатын иһинэн баар кулуупка киирэн уон биэһис сылбын бэрэссэдээтэллиибин. Манна бары бэйэм курдук саастаах, үлэ бөҕөтүн үлэлээн, кыайыыны уһансыбыт тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ эмиэ чуҥкуйа сылдьар кырдьаҕастар. Биһиги сыалбыт — туох эмэ тиэмэнэн дьарыктанан, аралдьыйан олохпутун уһатыы буолар.
Улуу Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүнэн былырыын «По местам боевой славы» диэн девиз биллэрэн Москва уонна Севастополь герой куораттарга бара сырыттыбыт. Төһө да сааһыран аҕыс уоммутуттан таҕыстарбыт дьон кэккэтигэр сылдьан араас тэрээһиннэргэ кыттабыт, көхтөөхпүт. Элбэҕи кэпсиэххэ сөп ол эрэн биири этиэхпин баҕарабын: чөл олоҕу тутуһуохха, ону ааһан өй-санаа өттүнэн аралдьыйан, уопсастыбаннай үлэҕэ кытыннахха бириэмэ биллибэккэ барар, олох уһуур эбит. Хайа, уонна бэйэҥ табаарыстаргын, доҕотторгун кытта көрсөрүҥ бэрт буоллаҕа.
— Кэргэҥҥин Марина Васильевнаны кытта 1962 сыллаахха холбоспут буоллаххытына, бииргэ олорбуккут быйыл 58 сылгыт эбит дии.
— Оннук эбит. Кыргыттарбыт Татьяна уонна Елена иккиэн сир баайын хостуур тэрилтэлэргэ үлэлииллэр, күтүөтүм Юрий — аэропорт үлэһитэ. Түөрт сиэннээхпит — улахан сиэним Евгений Лондоннааҕы экономика оскуолатын бакалаврын, экономика үрдүк оскуолатын бүтэрбитэ. Билигин Москва куоракка Инвестиционнай фондаҕа финансовай аналитигынан үлэлиир. Улахан кыыс сиэним Санкт-Петербург куоракка ИТМО-ҕа үөрэнэр. Таня Дьокуускайдааҕы лицейы бүтэрбитэ, Юлиана эмиэ онно үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ.
Сайын аайы даачаҕа көһөн тахсан бары бииргэ сайылыыбыт. Мин оҕуруот аһын олордорбун, көрөрбүн-истэрбин сөбүлүүбүн. Хортуопуй олордуута, моонньоҕон көрүүтэ мин сүрүн эбээһинэстэрим буолаллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ диэри массыына ыытабын. Ас астыырбын астынабын, ордук сахалыы аһы-үөлү кыайа-хото тутабын. Бу курдук Иван Петрович таһаарыылаахтык үлэлээн-хамнаан, бочуоттаах сынньалаҥҥа да тахсан баран чуҥкуйан хаалбакка, эдэрдии эрчимин ыһыктыбакка сэргэхтик олорор.
Кини сүрүн үлэтин таһынан уопсастыбаннай үлэтэ баһаам. 1968-1989 сс. Депутатскайга кэлиэҕиттэн барыаҕар диэри бөһүөлэк сэбиэтин депутатынан талыллан үлэлээбит. Кинигэ, хас да брошюра ааптара, бэтэрээннэр сэбиэттэрин чилиэнэ, «Дети войны» куораттааҕы сэбиэт чилиэнэ. Иван Петрович өрөспүүбүлүкэбит промышленноһа, норуот хаһаайыстыбата сайдыытыгар кылаата сүҥкэн. Иван Петрович бу күннэргэ 85 сааһын туоларын туһунан кэпсээн үөртэ. Иван Петровичка чэгиэн туругу, кытаанах доруобуйаны, уһун үйэни, дьиэ кэргэттэригэр, чугас дьонноругар иллээх-эйэлээх дьоллоох олоҕу баҕарабыт.
Юлия НИКОЛАЕВА