Рубрика: Тыа сирэ
Кэнники сылларга Саха сиригэр көтөрү иитии күүскэ сайдан эрэр. Үгүс ыал сайыҥҥы кэмҥэ сымыыттыыр кууруссалары атыылаһар буоллулар. Онуоха, хаһан да көтөрү ииппэтэх киһи кэккэ уустуктары көрсөр эбит. Сорох куурусса сымыыттаабат, аанньа аһаабат, аны охсуһаллар…
Сурах хоту истиһэммит араас ньыманы барытын туһана сатыыбыт, куйаар ситимин хасыһабыт эрээри, тустаах сүбэ суоҕун кэриэтэ. Онон сиэттэрэн, ааҕааччыларбытыгар анаан көтөр иитиитинэн оҕо эрдэҕиттэн дьарыктанар Мария Иванованы кытта кэпсэттибит. Кини биһиэхэ кууруссаны эрэ буолбакка индюк, кус иитиитин туһунан сиһилии кэпсиэҕэ.
Мария Бүлүү куоратыгар олорор, идэтинэн учуутал. Кэргэнэ Владимир Ньурбаттан төрүттээх, газ салаатын дьуһуурунай чааһын үлэһитэ. Күҥҥэ көрдөрбүт кэрэ-мааны Айита диэн Бүлүү гимназиятыгар онус кылааска үөрэнэр кыыс оҕолоохтор.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тэрийбит «Агростартап» күрэҕэр, бэйэ бородууксуйатын нэһилиэнньэҕэ таһаарар сыаллаах кыттаннар, өҥнөөх бройлердары иитии табыгастааҕын, республикабытыгар бу салааны сайыннарар кыах баарын дакаастааннар, кыайыылаахтар ахсааннарыгар киирбиттэр.
Саҕалааһын
- Мин 90-с сылларга улааппыт оҕобун. Дьонум иккиэн учууталлар. Оччолорго учууталлар хамнастара хастыы эмэ ый кэлбэтин өйдүүр буолуохтааххыт. Ол кэмҥэ төрөппүттэрим биһигини аһатаары хаһаайыстыба тэриммиттэрэ: ынах, сылгы, кролик уонна куурусса — иитэн саҕалаабыттара. Оччолорго алын кылаас үөрэнээччитэбин, кууруссаны көрүү-харайыы мин үлэм буолбута. Бэйэм сааспар холооно суох эппиэтинэстээхтик ылсыбытым. Хас биирдии кууруссам анал ааттаах этэ. Майгыларын, хайалара, хаһан сымыыттыахтааҕын чопчу билэр буолбутум.
Биир үтүө күн аҕам инкубатор атыылаһан аҕалбыта. Оо, онно үөрдэхпин! Бэҕэһээ курдук өйдүүбүн, уон ыалтан сүүрбэ куурусса, биир хаас сымыытын мунньан-тараан, долгуйа-долгуйа укпуппутун. Хайаан да күҥҥэ иккитэ эргитэрим, уутун кутарым, отой кими да чугаһаппат этим.. Санаабар олус өр күүппүт курдугум. Ый кэриҥинэн, дьэ, чоппуускаларым чыыбыгыраһаннар тахсыталаан барбыттара. Чоппуускаларым икки күн устата биир-биир тахсыталаабыттара, оттон хааһым им-ньим этэ. Араастаан эргитэбин, иһиллиибин туһа суох. Хайыахпытый, тахсыбатах сымыыттары кытта бииргэ бырахтахпыт дии. Онно хомойоммун ытаабыппын өйдүүбүн. Оччолорго хантан билиэхпитий, хаас лаппа хойутаан тахсарын? Онон хаастанан бүппүппүт. Ити кэмҥэ инкубаторы үчүгэйдик баһылаабытым. Кууруссам эбиллэн испитэ. Эт-сымыыт дэлэйбитэ. (Оччотооҕу кууруссалар эт-сымыыт боруодалар этилэр). Төбөм ахсаана аҕыс уончаҕа тиийбитин кэннэ дьонум тохтоппуттара.
Кэргэним эмиэ тыа сиригэр ат үрдүгэр олорсон, ынах кутуругар соһуллан, араас дьиэ кыылыгар умньанан улааппыт оҕо буолан, хаһаайыстыба тэринэргэ санаммыппыт. Билигин кэтэх хаһаайыстыбабытыгар көтөрү эрэ тутабыт. Араас боруодалаах кууруссалары, индюктары, кустары.
Кус уонна куурусса араастара
Кэнники кэмҥэ тыа хаһаайыстыбата (фермерство), селекция сайдан дьиэ көтөрүгэр араас гибрид-боруодалар үксээтилэр. Анардас эт, аҥардас сымыыт боруодалар, биитэр эт-сымыыт гибридтэр элбэхтэр. Түргэнник ситэллэринэн, тохтоло суох сымыыттыылларынан, ыарыыга ылларбаттарынан, урукку дьиэ көтөрдөрүнээҕэр биллэ ордуктар.
Иитэр кууруссаларбыт үксүн эт-сымыыт боруодалар, ол эбэтэр «цветные бройлеры” диэн көрүҥ бииһин-уустара. Бу өҥнөөх бройлердары иитии Сахабыт сиригэр саҥа сайдан эрэр. Биһиги усулуобуйабытыгар олус түргэнник улааталлар, ситэллэр-хотоллор, эт-сымыыт хоточчу биэрэллэр. Биһиги “Голошейка”, “Московский черный”, “Хайсек”, “Ювловский”, “Виандот” диэн куурусса көрүҥнэрин тутабын.
Кус эмиэ куурусса курдук, боруодатын арааһа олус элбэх. Биһиги “мулард” диэн бройлер кустары, дьиикэй уонна башкирскай көҕөттөрү иитэбит. Тыһы көҕөнү булт кэмигэр атыырдары угуйар сыаллаах иитэбит. Бу көҕөттөр комбикорманан, туорааҕынан аһыыр буоланнар көҥүл сылдьар “убайдарыттан” эттэрин амтана атын, бройлер кус киэнигэр майгынныыр уонна ыйааһына лаппа үрдүк буолар.
Кус аһас көтөр эбит. Элбэҕи аһыыр. Бройлернай кус чуолаан балтараа ый иһигэр ситэ охсор. Ыйааһын да эбэрэ биир оччо. Мулардтары сайын от-мас, балык, оҕуруот аһа дэлэй кэмигэр тутар олус барыстаах. Биэс уон күннээх кус үс-түөрт киилэлээх идэһэ буола охсор. Аны туран, бу кус сөтүөлүүр ууга наадыйбат, иһэр уута куруутун ыраас турара ирдэниллэр. Оттон көҕөттөргө суунар-сөтүөлүүр уу хайаатар да баар буолуохтаах. Биһиэннэрэ көннөрү баалынайга сөтүөлээн улааталлар, хомойуох иһин, чугаһынан көлүччэ суох.
Индюгу иитии
Өҥөй бөтүүк, кистээбэккэ эттэххэ, кыра ычалаах көтөр. Холобура, ардах кэмигэр уйаҕа куоппакка тоҥон бабыгырыы олоруон, көҥүл ыыттахха мэнээхтиэн, аһыгар сириксэн буолуон сеп. Кинини толору минньигэс эттээҕин иһин сөбүлүүбүн. Ол эрэн, дьиэ көтөрдөрүттэн саамай көрүүлээхтэрэ. Өҥөй бөтүүгү үөрэтэр уустук уонна кини оҕо эрдэҕинэ кэбирэх соҕус. Төһө да улаханын иһин, аҥардас итииттэн, күн уотуттан, ардахтан ыалдьыан, өлүөн сөп. Аһыыр бириэмэтин кэстэххэ, куолаҕа ууланыан, бүөлэниэн сөп. Аны үс ыйын туолбут индюк саамай бөҕө көтөрдөр ахсааннарыгар киирсэр. Үһүс ыйыттан эт тутан барар, аһыгар талымастаммат буолар. Биэс-алта ыйыгар убаһа чиэппэрдээх идэһэҕэ тиийэ улаатыан сеп. Индюк түргэнник ситэрин иһин иитэргэ барыстаах, аны этэ минньигэһэ уонна доруобуйаҕа туһалааһа үөрдэр.
Индюк сымыыта соҕуруу улахан куораттарга ыарахан сыанаҕа атыыланар. Үксүн туорт астыыр кыргыттар атыылаһаллар эбит. Индюк сымыытынан астаммыт бискибиит олус минньигэс буолар дииллэр. Биһиги индюгу сымыыттыыр саастарыгар диэри улаатыннара иликпит. Мин бурдук аска кус сымыытын туһанабын. Ас олус бэрткэ табыллар. Кус сымыыта куурусса сымыытыттан ордук, оттон индюк сымыыта өссө минньигэс буолар диэн кэпсииллэр.
Индюгу Саха сиригэр кыстатар уустук. Бу көтөр олус элбэҕи аһыыр уонна биэс-алта ыйын ааста эрэ ыйааһынын эбэрэ бытааран хаалар. Онон кыстатар барыһа суох. Инкубатордыыр сымыыттарбытын сылын ахсын соҕурууттан үлэһэбит.
Дьиэ көтөрүн бүөбэйдэһии
Хас биирдии көтөрбүтүн, сүрүннээн, бэйэбит инкубатор көмөтүнэн таһаарабыт. Улааппыт көтөрү ылбаппыт. Бастатан туран, кинини кытта сыстыганнаах ыарыы, тумуу, дьаҥ кэлсэн көтөрдөрбүтүн сутуйуон сөп. Иккиһинэн, хас биирдии киһи иитимньитин бэйэтэ билэринэн аһатар: ким эрэ кураанах комбикорманан, ким эрэ үлүннэрэн, ким эрэ хааһылаан, ким эрэ отунан-маһынан. Дьиэтин аһыгар үөрэммит көтөр биһиги аспытыгар улаханнык санаарҕыан, улаатара, сымыыттыыра тохтоон ылыан сөп. Онон, көтөрү хара төрүөҕүттэн аһыыр аһын, утуйар кэмин бэйэн көрөн-истэн улаатыннарарын ордук.
Биһиги иитэр көтөрдөрбүтүгэр араас химическэй састааптаах эбиликтэри сиэппэппит, эми-тому биэрбэппит. Инкубатортан тахсааттарын кытта, борбуйдарын көтөҕүөхтэригэр диэри мүөттээх уунан, кыһыннары бэйэм үүннэрэр күөх луукпунан, мииннэммит собонон уонна бэйэбит кууруссаларбыт сымыыттарынан аһатабыт. Саас хатыҥ уутун иһэрдэбит. Маннык аһаан улааппыт көтөр чэгиэн, этэ-сымыыта олус туһалаах буолар. Төһөнөн сөпкө аһатаҕын, бүөбэйдиигин, соччонон тупсаҕай көрүҥнээх, доруобай буолаллар.
Ыйытыыларга хоруйдар
- Кууруссаны хаста, тугунан аһатабыт?
- Күҥҥэ иккитэ аһатабын. Биир куурусса күннээҕи нуормата 100-120 гр буолуохтаах. Мантан аҕыйаҕы аһаттахха сымыыттаабат буолар, элбэҕи биэрдэххэ, миэннэрэ өҥнөөх бройлердар буоланнар, уойан бараллар, оччотугар сымыыттыыллара тохтуур. Ол иһин, астарын кээмэйин кытаанахтык тутуһабын. Сарсыарда 65 гр, киэһэ эмиэ 65 гр биэрэбин.
Булкаас аһылыгы, ол эбэтэр комбикорму күҥҥэ биирдэ буспут балыгы, кырбастаммыт оту кытта “мешанка” диэн хааһы оҥорон биэрэбин. Бу хааһыга хайаатар да эбиэс туорахтарын эбэбин. Киэһэтин оҕуруот аһынан, килиэбинэн, тобох аһынан аһатабын. Аҥардас булкаас аска турбут куурусса түүтэ-өҥө мөлтөх, ыарыыга ылларымтыа буолар. Атыылаһыы кууруссалары кэлээттэрин кытта эмиэ “мешанканан” аһатын диэн сүбэлиибин.
Мин кыһыннары күөх луугу үүннэрэбин. Чоппуускаларга кыра эрдэхтэриттэн кырбастаабакка эрэ бүтүннүү сииргэ үөрэтэбин. Ол иһин улаатан да бараннар луугу, оту ынах курдук бэйэтинэн сииллэр.
- Куурусса тоҕо сымыыттаабатый?
- Куурусса стресскэ ылларымтыа көтөр. Аттыгар улаханнык тыаһаатахха, ыт үрдэҕинэ, ыраах айаннаатаҕына сымыыттаабат буолан хаалыан сөп. Дьон үксүн аһын-үөлүн таппат. Куурусса төһөнөн араас аһы аһыыр да, соччонон сымыыттыыр буолар. Булкаас аһылык хаачыстыбатыттан эмиэ тутулуктаах, кини арааһа олус элбэх. Барсыбат булкаас аһылыктар баар буолааччылар. Олору “кураанах комбикормнар” диэн ааттааччыбын. Оннук соччото суох хаачыстыбалаах аһы аһыы туран куурусса ыран киирэн барыан сөп. Онон, кууруссаны хайаатар да эбии иҥэмтэлээх аһынан аһатыахтааххын. Белогун, кальцийын, клетчаткатын нуорматын ыла туруохтаах. Оччоҕуна биирдэ эрэ тохтообокко сымыыттыыр буолар.
Куурусса турар сирэ хайаатар даҕаны кураанах, үргүөрэ суох буолуохтаах. Үксүн турар сирдэрэ табыллаачыта суох. Айаннаан кэлбит кууруссаҕа үс күн кэриҥэ биирдии кыра ньуоска буокка иһэрдиэххэ сөп. Ол кэннэ тута сымыыттаабытынан барарын бэлиэтии көрөбүн.
- Кырбай бөтүүгү хайдах тохтотобут?
- Үгүс бөтүүктэр икки ыйдарыттан киһиэхэ түһэн бараллар, тэбиик буолаллар. Оннук кырбай бөтүүктэри моонньуларын бобо тутан биэрэҕин. Оччотугар кини мээнэ ыстаҥалаабат буолар.
- Куруутун кырбанар кууруссалар баар буолаллар, оннук кууруссаны хайдах гынабыт?
- Саҥа кэлбит эбэтэр мөлтөх кууруссаны кырбыы сылдьар буолааччылар. Оннук түгэҥҥэ барыларын биирдик сыттыахха наада. Холобура, одьукулуонунан, биитэр деготь диэн сыттаах бородууктанан ыстарыахха сөп. Киэһэ, халлаан хараҥарбытын кэннэ сытынан ыстаран эрэ баран биир уйаҕа холбуугун. Ол көмөлөспөт буоллаҕына кырбанар кууруссаны туспа тутан аһатан сэниэ киллэрэҕин, ыйааһынын эбэҕин. Уопсай уйаҕа киллэрэргэр барыларын эмиэ сытынан ыстараргын умнума.
Юлия Пестрякова