Рубрика: Тыа сирэ

20/02/2023 г.

Биһиэхэ, саха дьонугар, утумнааһын, ситимнээһин диэн өйдөбүл дириҥник иҥэн сылдьара олохпут түһүүлээх да, тахсыылаах да түгэннэригэр бигэ тирэх буолара саарбаҕа суох. Саха удьуорун силиһин-мутугун, төрдүн-төбөтүн кытаанахтык тутан турар тыа сиригэр «утум», «ситим» диэн өйдөбүллэри ордук чугастык ылынан көрөҕүн.

Убайдыы-бырааттыы Альберт, Алексей Соловьевтар Амма улууһун Эмис нэһилиэгин олохтоохторо. Эбээ, эһээ үйэлээх үөрэҕин иҥэринэн улааппыт үтүө дьон ыччаттара. Альбертаах Алексей ийэлэрин өттүнэн эбээлэрэ Елена Павловна Солдатова-Тройка Өлөөнө Герой Ийэ, эһээлэрэ Егор Филиппович Сутаков Аҕа дойду Улуу сэриитин уоттаах толоонун ортотунан ааспыт киһи. Аҕаларын өттүлэринэн эһээлэрэ Алтан-Сар Спиридонович Соловьев уонна кини кэргэнэ Анисья Афанасьевна Бубякина Хаҥас алааһы иччилээн, сопхуос сүөһүтэ-аһа дэлэйэрин туһугар кырата суох сыраларын биэрбиттэрэ. Оҕолорун, ыччаттарын, кэскиллэрин туһугар сылайары да умнан туран турууласпыт, чэрдээх илиилэрин үлэттэн араарбатах үтүө дьон этилэр. Кинилэр сиэннэрэ Альберт уонна Алексей Соловьевтар билигин 40-лаах, сиппит-хоппут дьон. Тыа сирин бүгүҥҥү олоҕун тыыннаан олорор ыал аҕалара «Далбар Хотун» түһүлгэтигэр санааларын үллэстэллэр.

Эппиэтинэс АЛЬБЕРТ:
«Мин ийэлээх аҕабар Софья Егоровна, Спиридон Алтан-Сарынович Соловьевтарга улахан оҕобун. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ улахан оҕо, бэйэтэ да билбэтинэн, эппиэтинэһи сүгэн улаатар. Оонньуу да, үлэлии да сылдьан бырааттаргар, балтыларгар син биир «хараххын быраҕа» сылдьаҕын. Аҕабыт олохтон эрдэ туораабыта. Уол оҕоҕо аҕаны сүтэрии эппиэтинэһи сүктэрэрин билбитим. Дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһүөхтээхпин эрэ диэн буолбакка, чугас дьоҥҥор дурда-хахха буолары өйгүнэн-санааҕынан ылыныы диэн баарын билбитим. Ити кэмҥэ «мин тулуйдахпына, мин кыайдахпына ийэм, бииргэ төрөөбүттэрим барытын тулуйуохтара» диэн санаа миигин ордук чиҥэппитэ, кытаатыннарбыта».

АЛЕКСЕЙ:
«Мин ыал үһүс оҕотобун. Оҕо эрдэхпиттэн эһээбин Алтан-Сары, эбээбин Асяны кытта наар бииргэ сылдьарым. Эһээ ат оҕуһунан мас көлүөһэлээх тэлиэгэнэн ферма үүтүн таһара. Миигин этэргэ дылы, хонноҕун анныгар укта сылдьара. Тэлиэгэлээх оҕуһунан кыычыргаан-хаачыргаан Эмиһи биир гына айанныыр этибит. Ол тухары эһээм алтыһар, кэпсэтэр киһитэ олус элбэх. Хас көрсүбүт дьоно аны бары миигин хайгыыллар: “Өлүөһүк маладьыас! Эһээтигэр туһа киһитэ буолбут”, — диэн. Төбөбүттэн наһаа сылаастык имэрийэллэрэ. Эһээм тэлиэгэлээх оҕуһугар олорустум да итинник үчүгэй тыллары истэрим. Ону кытта тэҥҥэ киниэхэ көмөлөһүөхтээхпин диэн санаам күүһүрэн иһэрэ. Кэнники тэлиэгэлээх
оҕуспут маҥан атынан солбуллубута. Дьэ, аны онно мэҥэстэн үлэ үөһүгэр сылдьарбыт. Билигин санаатахпына, эппиэтинэһи сүгүү диэн өйдөбүлү эһээм Алтан-Сар иҥэрбит эбит».

Ситим АЛЬБЕРТ:
«Оскуоланы бүтэрэн баран, эдэр киһи эдэр киһи курдук, киэҥ сиргэ тардыһар этим. Киэҥ сир диэни оччолорго куорат, улуус киинэ диэн ылынан эрдэҕим. Эдэр киһиэхэ киҥкиниир киэҥ куорат үчүгэйэ, кэрэтэ, сырдыга сүрдээх буоллаҕа дии. Ыал аҕата буолан олорон толкуйдаан көрдөхпүнэ, олох кэрэтэ, сырдыга киэҥ сиргэ эрэ баар буолбатах эбит. Билигин киһи бэйэтин олоҕун бэйэтэ сырдатар, кэҥэтэр, үрдэтэр диэн этиэхпин сөп. Дойдубар олохсуйан, дьиэлэнэн-уоттанан, оҕолонон, аҕам ситэ олорботох олоҕун
салгыыбын. Оҕо сылдьан Эмискэ хаар маҥан баттахтаах оҕонньоттору, эмээхситтэри көрөн, кинилэри кытта килиэпкэ, маҕаһыыҥҥа бииргэ уочараттаан, уулуссаҕа көрсөн кэпсэтэн улааппыппын олус күндүтүк саныыбын. Тыа сирин тыыннаан олорбут кырдьаҕастарбытын солбуйар, ситимниир көлүөнэ кэлэн иһиэхтээх».

АЛЕКСЕЙ:
«Эмис орто оскуолатын 1999 сыллаахха бүтэрбитим. Биир сылынан 2000 сылга үктэнээри турабыт. Оскуоланы саҥа бүтэрбит дьон санаабытыгар туох эрэ дьиктини, уратыны күүтэбит. Куоракка киирэн үлэ, үөрэх бөҕөтүн боруобалаабытым. Санаабар, наар тугу эрэ сырсабын, эккирэттэбин да сиппэппин. 2008 сыллаахха дойдубар Эмискэ төннөн кэлбитим. 2009 сыллаахха кэргэннэммитим. Сыыйа-баайа дьиэ-уот тэринэн, оҕолонон, тыа сиригэр олохпун оруннаахтык оҥостон саҕалаабытым. Кыралаан тиэхиньикэ ылынан, от-мас бэлэмнээһинигэр бэйэм кыахпын холонон көрбүтүм. Билигин оттуур тиэхиньикэм толору баар. Эһээм наһаа норуодунай киһи этэ. Дьон көрдөһүүтүн, дьоҥҥо
наадалааҕы хаһан да быһа гыммата. Ол хаачыстыбатын иҥэриммит эбиппин дии саныыбын. Мин билигин оҕолорум “эһээ, эбээ, ийэ, аҕа төрөөбүт дойдулара үөрүүбүтүн-хомолтобутун үллэстэр, санаабыт түһэр да кэмигэр күүс-сэниэ биэрэр, дурда-хахха, тирэх буолар сирбит” диэн өйдөбүлү чиҥник ылыныахтарын баҕарабын. Ыал аҕатын быһыытынан, тыа сирин күүһүн-кыаҕын итиннэ көрөбүн».

Тирэх АЛЬБЕРТ:
«Оҕо эрдэхпиттэн эбээлээх эһээбин кытта наар бииргэ сылдьыбыт буолан, кинилэр толкуйдарын, санааларын ордук чугастык иҥэриммит эбиппин. Сиэттэрин наар батыһыннара сылдьар, наар кэпсиир, ис-тас үлэҕэ көмөлөһүннэрэр этилэр. Билигин санаатахха, бэйэлэрин холобурдарынан үлэҕэ үөрэппит эбиттэр. Аҕа киһи быһыытынан, оҕолорбун иитэрбэр эбээлээх эһээм иҥэрбиттэрин тирэх оҥостобун. Биһиги үс оҕолоохпут. Кэргэним Лилия Константиновна олохтоох бибилиотекаҕа үлэлиир. Улахан уолбут Айтал быйыл Дьокуускайдааҕы А. Макарова аатынан культура уонна искусство колледжын бүтэрдэ. Айтал били бэйэм хаһан эрэ ымсыыра санаабыт киэҥ сирдэрбинэн сылдьан, Россия улахан куораттарыгар элбэх куонкурустарга кыттан, аармыйаҕа сулууспалаан, устудьуоннар этээрээттэригэр киирэн Сахалиҥҥа тиийэ сырытта. Билигин М.К. Аммосов аатынан ХИФУ төрүт культура салаатыгар үөрэххэ киирдэ. Иккис уолбут Арылхан Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччитэ. Кыыспыт Нарыйаана IV кылааска туйгуннук үөрэнэр. Уол оҕону иитэр күүс булт-алт, үлэ дии саныыбын. Уолаттарбын кытта «Аҕа уонна уол» күрэххэ кыттабыт. 2014 сыллаахха Айталлыын улуустааҕы, өрөспүүбүлүкүтээҕи Аҕа күрэҕин кыайыылааҕа буолбуппут. Кыра уолбун Арылханы кытта эмиэ Аҕа күрэҕэр кыттабыт. Дьыала кыайыытыгар-хотуутугар
диэн буолбатах — Аҕа күрэҕэр уол оҕо эр киһи уопсастыбаҕа, олоххо суолтата улаханын, үрдүгүн билэ улаатар. Бэйэм нэһилиэккэ аҕалар уонна булчуттар кулууптарын салайабын. Уолаттарбын булка, кыыспын айылҕаҕа илдьэ сылдьабын: эбэлээх эһээм бэйэлэрин холобурдарынан үлэҕэ үөрэппиттэрин курдук».

АЛЕКСЕЙ:
«Түөрт оҕолоохпун. Кэргэним Зинаида Валерьевна оскуолаҕа үлэлиир. Улахан уолбут Виталий М.К. Аммосов аатынан технология уонна сибээс колледжын IV кууруһун устудьуона. Иккис уолбут Алексей Эмис орто оскуолатыгар V кылааска үөрэнэр. Кыыспыт Алиса “Чуораанчык” оҕо саадын иитиллээччитэ. Саамай кырабыт, “муннубут
бүөтэ” Аленабыт икки саастаах. Бэйэ эрэ тэлгэһэтин бэрийэн олоруу ыал дьоҥҥо тутах дии саныыбын. Кэргэмминээн Зиналыын нэһилиэк общественнай олоҕор кыттабыт. Сахалыы остуол оонньуутугар — хабылыкка, хаамыскаҕа ыытыллар күрэхтэһиилэргэ кыттабыт. Эр дьон ансаамбылларыгар ыллыыбын. Улууска ыытыллар Байанай күрэҕэр, биатлон да буоллун, улууска ыытыллар уус-уран самодеятельноһы көрүү фестивалларыгар, кэнсиэрдэргэ — барытыгар уопсай дьыала, нэһилиэк түмсүүтүн туһугар кыттабын.
Алешабыт иккис кылааска үөрэнэр кэмигэр үһүөн Дмитрий Наумов “Элээннээх туоната” испэктээкилигэр оонньообуппут. Биир дойдулаахпыт Күннүк Уурастыырап “Былыргы дьыллар быыстарыгар” сэһэниттэн быһа тардан туруорууга эмиэ кыттыбыппыт. Бу туруоруу Дмитрий Ходулов аатынан Майатааҕы театр народнай ааты ылбыта 55 сылыгар анаан ыытыллыбыт “Туос мааскы” өрөспүүбүлүкэтээҕи фестиваль-куонкурска Гран-При аатын ылбыппыт. Биһиги нэһилиэкпитигэр бу улахан кыайыы этэ. Хамсык ыарыы
иннинэ дьону кытта алтыһан, кырдьык, ньиргиччи олорон ааспыт эбиппит. Эбээттэн, эһээттэн, төрөппүттэрбититтэн оҕо иитиитигэр иҥэриммит кистэлэҥим диэн — оҕону
кыра эрдэҕиттэн бэйэҥ аттыгар илдьэ сылдьан бэйэҥ холобургунан иитии. Билигин олох наһаа тэтимнээх, түргэн, онно эбии хамсык ыарыы холбоһон, “онлайн”, “офлайн” диир кэммитигэр оҕону кытта чугастык алтыһыы уустуктардаах буолуон сөп. Ол гынан баран, бэйэм оҕобун иитэбин диэтэххинэ, итини кыайа тутуоххун сөп».

Сардаана МАТВЕЕВА.