Рубрика: Тыа сирэ

26/09/2022 г.

Саха олус талааннаах эрээри, сэмэй майгылаах омук. Тыа сиригэр дойдуларын симиин салгынын, маанылаах айылҕатын, булдун-алдын, ыраас илгэлээх уутун ордорон олорор талааннаах дьон үгүстэр. Онно бааллар ырыаһыттар, артыыстар, уустар, иистэнньэҥнэр… Кинилэртэн биирдэстэрин —ыанньыксыт Христина Лукина туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. 

Христина Михайловна мин биир дойдулааҕым. Кини лампа уотугар эҥин өҥүнэн кылабачыйа оонньуур кыһыл былааччыйалаах сыанаҕа ыллыы турар уобараһа өйбөр хатанан хаалбыт. Христина Михайловна Лукина айылҕаттан талааннаах ырыаһыт, тойуксут, кини курдук кылыһахтаах куоластаах ырыаһыт билигин сэдэх. Христина Михайловна оҕо эрдэҕиттэн бу күҥҥэ диэри ыанньыксыттаан кэллэ. Үлэни өрө тутуу, үлэнэн олоруу — күүстээх санаа дии саныыбын. Кини курдук талааннаах киһи ойон туран киин сиргэ талаһан баран хаалыан да сөп этэ. Ол эрээри, оҕолоро, чугас дьоно, төрөөбүт дойдута киниэхэ олоҕун суолтата, тыынар салгына буоланнар, бу күҥҥэ ийэ, эбэ, хос эбэ буолуор диэри сайылыктан кыстыкка, кыстыктан сайылыкка кэлбит-барбыт суола олоҕун сүрүн сүнньэ, дьоло-соргута буолбута.

«Ынаҕы алталаах сааспыттан ыыбын»

— Мин ынаҕы алта сааспыттан ыыбын. Ийэм ыанньыксыт буолан, аҕыйах ынаҕы ыан көмөлөһөр этим. Торбос тардан, ынах баайан, этэрдэн көмөлөһөҕүн. Атах сыгынньах буоларбыт. Атахпыт тоҥон ынах иигэр-сааҕар иттээччибит. Киирэн арыылаах лэппиэскэ сиэн баран утуйааччыбыт. Ыанньыксыттар оҕолоро буоллаҕым. Таатта улууһун Уус Таатта нэһилиэгэр, былыргытынан иккис Байаҕантайга, Күөгүлэптэр диэн ыалга төрөөбүтүм. Ийэм, аҕам колхуостаахтар. Ийэм ыанньыксыттыыр этэ, аҕам “Кыһыл сыһыы” диэн холкуоска биригэдьиирдээбитэ. Бииргэ төрөөбүт уон биир эбиппит, онтон мин өйдүүрбүнэн сэттиэ хаалбыппыт. Билигин иккиэбит, 83 саастаах Екатерина Михайловна диэн эдьиийдээхпин. Үс оҕолоохпун, уонча сиэннээхпин, алта хос сиэннээхпин. Оҕолорум үһүөн ыаллар.

Уолум Федот бааһынай хаһаайыстыбалаах. Кыыһым Анна нэһилиэккэ асчытынан биллэр. Туорду, ас арааһын астыыр. Кыра кыыһым Екатерина Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕар кийиит буолан олохсуйан олорор. 13-14 сааспыттан сайын аайы 14-15 ынаҕы ыан кэлбитим. Үөрэх бүттэ эрэ, сайыҥҥы сынньалаҥмытыгар кыргыттар буолан ыанньыксыттыы барар этибит. Сопхуос ынахтарын ыырбыт. Үлэһит оччолортон суоҕа. Харчылаһан, оскуолаҕа кэтэр таҥаспытын атыылаһаары үлэлиирбит. Уһун күнү быһа: утуйа-утуйа, тура-ту-ра ынах ыырбыт. Кыра буоллахпыт дии. Үстэ ыыр этибит. Сарсыарда үскэ туран ыыгын, онтон киирэн утуйаҕын, ол кэннэ эбиэккэ уһугуннаран аһаталлар. Аһаан баран күнүскү ыамҥа тахсаҕыҥ, эмиэ киирэн утуйаҕыҥ. Аны, киэһээҥҥи ыам кэлбит буолар. Онтон, дьэ, дьэгдьийэн истэххинэ, бүттүүн утуйуу буолар. Онон, эн эрэ сылдьыан дуо, дьону кытта тэҥҥэ утуйарбытыгар тиийэрбит. Сарсыарда эмиэ үстэн ыаһын.

Оҕордук күһүн оскуолаҕа киириэхпитигэр диэри үлэлиирбит. Таҥнар баҕаттан. Ахсыс кылаас кэннэ үөрэммэтэҕим. Эрдэ, уон тоҕус сааспар  эргэ тахсыбытым, оҕоломмутум. 1968 сылтан уонча сыл оҕо саадыгар үлэлээбитим, ньээҥкэнэн. 1984 сылтан бу күҥҥэ диэри ыанньыксыттыыбын. Уончалаахпыттан ыллыыбын. Тойугу дьон ыллыырыттан истэн, 1969-70 сыллартан саҕалаан, Устин Нохсоороп тылларыгар “Кыайыы күнэ” диэн хоһоонун туойбутум. Бу тойугунан улууска уонна нэһилиэкпэр лауреат уонна дипломан буолуталаабытым. Кэлин олохтоох ааптар Михаил Иванович Иванов Былатыан Ойуунускай 100 сааһын туолуутугар анаан суруйбут тойугун туойбутум. Урууларга, үбүлүөйдэргэ эҕэрдэлээн ыллааччыбын. “Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардан Туйаарыма Куо тойугун, Михаил Соров “Уолан Нөрүйэ”, Бүөтүр Оҕотоойоп “Эһэ харааттаах Элэс Боотур” олоҥхолоругар хас да оруолу туойбутум.

Былыр эһэм, Испирдиэн диэн оҕонньор, ыллыыра үһү. Күүстээх куоластаах, кылыһахтаах ырыаһыт эбит этэ. Балай оҕонньору батыһыннара сылдьан, ыаллары кэрийэн, ыллыыллара диэн кырдьаҕастар кэпсииллэрэ. Аҕам эмиэ мээнэ сылдьан ыллаан кылыһытара. Онон ырыаһыттар аҕам өттүнэн бааллар. Билигин оҕолорум ыллыыллар. Кыыһым Анна “Таатта күөрэгэйэ”, уолум Федот “Ырыа Бэргэн” ааты ыла сылдьыбыттара. Сиэттэрим эмиэ ыллыыллар. Оҕолорум-урууларым култуураҕа чугастар.

Эмиэ кураан дьыл кэллэ

— Бастаан сопхуоска, онтон ыһыллыы кэннэ тэриллибит “Силис” кэпэрэтиипкэ үлэлээбитим. Билигин уолум бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, киниэхэ көмөлөһөн ынах ыы сылдьабын. Билиҥҥи туругунан түөрт уонча төбөлөөхпүт. Уон биир ынахтаахпыт. Бары эдэрдэр. Биһиги “Силис”кэпэрэтииби кытта “Кырдал” бааһынай хаһаайыстыба ыаллаһан биир сайылыкка олоробут. Сүөһүлэрбит мантан төрүттээх буоланнар, төрөөбүт сирдэригэр кэлэ тураллар. Ыанньыксыт күнэ диэн уруккуттан буолааччы, онно күрэхтэһии тэрийэбит. Биэнсийэбитинэн от атыылаһабыт. Ол оннугар эт сиэн эрдэхпит диэн уоскутунабыт. Сайылыкпытыгар ыам ыйын маҥнайгы күннэригэр көһөн кэлэн баран, хаар түһүөр, мэччирэҥ бүтүөр диэри олоробут. Оҕолор, сиэттэр сайын аайы сайылыы кэлэллэр. Сүөгэй, суорат, быыппах, үөрэ ботуччу оҥоробун. Үрүҥ аһы бары аһыыбыт. Судургу сахалыы аһы сөбүлээн астыыбын.

Дьикти сүтүк

— Бу олорон биир дьикти түгэн буолбутун санаан кэллим. 1985-1986 сыллардаахха кыһын тохсунньу саҕана күҥҥэ сүүрбэ лиитэрэ үүтү биэрэр Холку диэн ааттаах ынахтаах этибит. Бу ынаҕы Хотуоһап Баһылай диэн киһи көһөн барарыгар хаалларан барбыта. Холку мин көрүүбэр-истиибэр киирбитэ. Олус да үтүө майгылаах, сымнаҕас ынах этэ. Биир күн  муус устар ыйга, күнүс тоҕус ынаҕы, ол быыһыгар Холкуну эмиэ, таһырдьа чэччилэтэ таһаардыбыт. Оччолорго хотоммут Элэмэс диэн сиргэ турара. Туох да куһаҕан буолар сибикитэ суоҕа. Күн тыгара, халлаан күп-күөх этэ. Сүөһүлэрбит тахсан бараннар, аҕыйах кэм буолаат, көрөн турдахпытына тохсуон утуу-субуу охтон түһээт, таттаран барбыттара. Хайдах да сатаан быыһаабатахпыт. Олус түргэнник туох да төрүөтэ суох оннук өлбүттэрэ.

Нэһиилэ баттаһан, сүүрэ сылдьан хабарҕаларын быспыттара. Дьулаан хартыына онно баара. Туохтан өлбүттэрин билээри экспертизаҕа ыыта сылдьыбыппыт, биир да дьиэги булбатахтара. Эттэрин анаалыһа үчүгэй этэ. Сүлүһүннээх оту сиэбиттэр диэххин, саас ханнык от кэлиэй, анаалыстара буоллар үчүгэй. Дьэ, дьикти. Арай, былыр элбэх сүөһүлээх баай олоро сылдьыбыт, кэмиттэн-кэмигэр кэлэн итинник толук илдьэ барар этэ диэн кэпсээбиттэрэ, кырдьаҕастар. Дьэ, итинник. Киһи өйүгэр баппат. Христина Михайловналыын кэпсэтэн баран, аҕабыттан оннук быһылаан буолбутун өйдүүрүн туһунан ыйыппыппар, билбэппин диэбитэ. Арай, ол хотон 1978 сыл күһүнүгэр түүн, сопхуос 300-чэкэ сүөһүтүн кытта  уокка былдьаммытын туһунан кэпсээбитэ. Биир да сүөһү быыһамматах.

Онон, дьикти остуоруйалаах, чахчы мистикалаах сир буолуон да сөп курдук. Олоххо эҥин буолан эрдэҕэ…Бүгүҥҥү дьоруойбутугар СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах бэтэрээнигэр, СӨ норуодунай художественнай айымньытын сайдыытыгар кылаатын, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар, Таатта улууһун сайдыытыгар кылааттарын иһин бэлиэлэр  хаһаайкаларыгар Христина Михайловна Лукинаҕа чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, ырыа аргыстаах олоҕо үгүс үөрүүнү, сырдык үтүө күннэри бэлэхтии турарыгар баҕарабын.

СҮӨҺҮНҮ КӨРҮҮГЭ СҮБЭЛЭР

  • Эмиийдэрэ хайа барбыт буоллаҕына, сөлүдүөлү хаһаайыстыбаннай мыыланы кытта холбуу тутан сотобут. Хаһаайыстыбаннай мыыла куруутун кыра ууга сытар буолан сымныыр. Ону уонна сөлүдүөлү тарбаххар биһэн баран ыам кэнниттэн эмиийдэрин сотон биэрэҕин. Оччоҕуна бааһа түргэнник оһор.
  • Хас ыам кэнниттэн эмиийдэрин балык буспут арыытынан сото сырыттахха, эмиийэ бааһырбат.
  • Ыам иннинэ бэриҥнэрин хаһаайыстыбаннай мыыланан сууйабыт. Ынах эмиийэ ыраас буоллаҕына, бааһырбат.
  • Сүөһү куртаҕа ыарыйдаҕына, ханныта үлэлээбэт буолан хааллаҕына, биир бытыылка үрүҥ арыгы иһэрдэбит.
  • Ууга түспүт сүөһүгэ эмиэ соччо үрүҥ арыгыны иһэрдэбит.
  • Ньирэйдэр истэрэ ыарыйдаҕына кыһыл арыгы иһэрдэбит. Саҥа төрөөбүт ньирэйгэ ньуосканан күҥҥэ биирдэ. Ааспат буоллаҕына, күҥҥэ иккитэ-үстэ иһэрдиэххэ сөп.
  • Сүөһү эмиэ киһи курдук эҥин майгылаах буолар. Бэрээдэктээх да,  үргүүк майгылаахтар эмиэ  бааллар. Хайдах иччилээх да, сүөһү эмиэ оннук буолар. Сымнаҕас дьон сүөһүтэ сымнаҕас, хаһыытыы-ыһыыты сылдьар ыал сүөһүтэ, биллэн турар, соччото суох буолар.
  • Күрүөһүт сүөһү диэн суох — куһаҕан күрүө баар. Сүөһү куһаҕан оҥоһуулаах күрүөттэн күрүөһүт буолар. Кыратык алдьатта эрэ, киирэ үөрэнэн хаалар.