Рубрика: Айар кут

17/03/2023 г.

Саха дьоно былыр-былыргыттан тимиринэн, маһынан уһанан, тыйыс тымныылаах дойдуга бэриммэт дьоһун тутуулары дьэндэтэн, ыарахан үлэни кыайар мындыр оҥоһуктары толкуйдаан, күн бүгүнүгэр диэри биһиги күннээҕи олохпутун чэпчэтэллэр. Ону утумнаан, дьоҕурдаах уус дьон баарыттан, ордук эдэрдэр ылсан үлэлии-хамныы сылдьалларыттан киһи үөрэр.

Уус Алдан улууһун Бэйдиҥэтиттэн сылдьар, 29 саастаах, күн аайы тимири кытта тустар Дмитрий Андросовы билиһиннэриэхпин баҕарабын. Кини «Тимир Кут» диэн дьоҕус тэрилтэ арынан, доҕотторун кытта арааһы барытын оҥороллор. Үлэлэрин сиһилии социальнай ситимҥэ @Timir_kut диэн аатынан булан көрүөххүтүн сөп. Дима олус сэмэй уол буолан биэрдэ, онон дьоҕус кэпсэтиибитин салгыы ааҕыҥ

Дима, туох үөрэхтээххиний уонна хаһааҥҥыттан тимиринэн уһанар буолбуккунуй?

— ХИФУ бүтэрэн “машиностроение” идэтин ылбытым. Сөптөөх үлэ булбаккабын хас да сыл баахтаҕа үлэлии сылдьыбытым. Аҕам Дмитрий Семенович Андросов Уус Алдаҥҥа биллэр уус. Инньэ гынан, оҕо эрдэхпиттэн сыстаҕаспын диэхпин сөп. Ол курдук, тимиринэн, маһынан уһаныы араас албастарыгар, сыбааркалыырга эҥин аҕабыттан үөрэннэҕим дии. Кэлин ЯГТИ-га сыбааркаҕа үһүс эрэсэрээккэ үөрэммитим. Бастаан аҕабын уонна күтүөппүн кытта үлэлээн саҕалаабытым. Устудьуоннуу сылдьан каникул кэмигэр, баахтаттан уоппускабар кэллэхпинэ куруук дьоммор илии-атах буолан көмөлөһөрүм. Оннук улам үөрүйэхтэнэн, туспа баран үлэлээбитим сыл да буола илик

Дьон ордук тугу үлэһэрий? Оһуорун-мандарын бэйэҕит толкуйдуугут дуо? Матырыйаалгытын хантан ылаҕыт?

— Кыһыҥҥы кэмҥэ ордук “лофт” истииллээх миэбэли, оттон сайынын таһырдьа турар ыскамыайкалары эҥин үлэһэллэр. Оһуорун дьон бэйэтэ Интэриниэккэ эҥин көрөн үтүгүннэрэн оҥотторооччулар. Сорохтор бэйэҕит толкуйдаан оҥоруҥ диэн көҥүл биэрэллэр. Кырааскатын эмиэ үлэһээччи баҕатынан талабыт. Үлэх киирдэ да “Строй-опт” диэн маҕаһыынтан кыра-кыралаан матырыйаалбытын ылабыт.

Үлэҕи хас күнүнэн оҥорон бүтэрэҕит? Дьиэҕэ диэри илдьэн биэрэҕит дуо? Гарантия эҥин көрүллэр дуо ?

— Холобур, кыра сурунаал остуола 2-4 күн, оттон боруота эҥин курдук улахан үлэх ортотунан биир нэдиэлэ оҥоһуллар. Дьокуускай куорат иһинэн босхо илдьэн биэрэбит, биир ый гарантиялаахпыт. Эргэ миэбэли да өрөмүөннүүбүт, туох үлэх киирэрин ыла сатыыбыт.

Хас буолан үлэлиигит? Инникитин туох былааннааххытый?

— Доҕотторбунаан Василий Никитин, Петр Черноградскай буолан үлэлиибит. Тимири ыллатар, маһы хаамтарар уус уолаттар. Онон бэркэ тапсан үлэлии-хамныы сылдьабыт. Инникитин өссө да кэҥиир, сайдар былааннаахпыт.

 

Венера ОХЛОПКОВА