24/12/2023 г.

Эһиги аһыыр иһиттэргитин өйдөөн-дьүүллээн көрөҕүт дуо? Миэхэ  «хаас» ала бэлиэлээх икки иһит баар. Бу чехтэр аан дойдуга биллэр  «Bernadotte» диэн фарфор собуота 1888 сылтан үлэлиир. Туойун мэһийэр элбэх кистэлэҥ ньымалардаах, онтун арыйбат. «Хаас» (гусь) бэлиэлэрэ төһө да аан дойдуга тарҕаннар уратылаах: 1 сэлии муоһа уонна туус маҕан өҥнөөх, 2 моһуона, ойуута бөлтөркөй, кырыылара халыҥ буолар, ол иһин бөҕө.  Бу «хаастаах» иһиттэри  Пасха уонна Ороһуоспа бырааһынньыгар бэйэ-бэйэлэригэр бэлэхтэһэллэр. Биһиэхэ үксүн Белорусь Добруш собуотугар, Россия, Кытай керамика собуоттарыгар оҥоһуллубут иһиттэр атыыланаллар. Холобур, бу хартыыһа иһитэ “Lefard” диэн Кытай таас собуотугар оҥоһуллубут. Онон уу кутар «Рококо» купсуун “Cmielow» диэн Россия ала бэлиэтэ. Хаас —  баай-тот, үчүгэй олох бэлиэтэ эбит.