Рубрика: Хоппуйа: иис
Ааспыт ыйга балтыбар таҥас бэлэх ылаары Дьокуускайы биир гына кэрийдим. Маҕаһыыннар атыынан-тутуунан толорулар эрээри, арай биир да таҥаска хараҕым хатаммата. Хата, дьолбор, «инстаграм» социальнай ситимҥэ кыһалҕабын сэрэйбиттии ураты моһуоннаах, олус кэрэ таҥастары тигэр кыыһы буллум. Сөбүлүү көрбүт былаачыйабын Намтан Дьокуускайга бэрт түргэнник ыытан улаханнык абыраабыта.
Кини Анастасия Давыдова диэн, Нам улууһун Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо, эдэркээн ийэ.
– Мин түөрт оҕо ийэтэбин. Ийэм Раиса Эверстова, эбэм Клавдия Лебедева иистэнньэҥ буоланнар, кинилэр талааннара миэхэ бэриллэн оҕо эрдэхпиттэн уруһуйдуубун, иистэнэбин. Бастаан дьиэбэр олорон кыралаан үлэх ыларым. Сөбүлүүр эйгэбин буллум, бу «миэнэ» эбит диэн толкуйдаан, ааспыт сыл сэтинньи ыйыгар Намҥа дьоҕус маҕаһыын тэриммитим.
Тикпит таҥастарбын Интэриниэт ситимин нөҥүө араас куораттарга ыытабын. Таҥастары дьиҥнээх, туох да эбилигэ суох 100% хлопоктан, лүөнтэн, муслинтан тигэбин.
Тарбаҕар талааннаах ыччаппыт сөбүлүүр дьарыктарынан идэтийэн үлэлии-хамныы сылдьалларыттан киһи үөрэр. Анастасия сурунаал ааҕааччыларыгар 4-5 саастаах оҕоҕо сөп буолар былаачыйа ньэмиэтин үллэстэр. Бу ньэмиэти туһанан кырачааннаргытын сир симэҕин курдук сиэдэрэйдик, дьэрэкээнник таҥыннарыҥ.