Рубрика: Хоппуйа: иис
Светлана Семенова – инженер-технолог идэлээх, тириинэн сахалыы боһуоннаах хаппардары тигэр.
– Урут тирии имитэн унтуу тигэр этим. Онтон биэнсийэҕэ тахсан бараммын “көҥүл худуоһунньук” буоларага санаммытым. Ол курдук, Санкт-Петербург куоракка тириинэн эҥин арааһы тигэргэ үөрэтэр оскуола баарын билэммин, онно аналлаах иистэнэр массыынанан хаппар тигэргэ үөрэммитим. Оттон илиинэн тигиигэ уонна тириигэ араас оһуору баттатан түһэриигэ, Ленинградскай уобаласка олорор Виктория уонна Вячеслав Смирновтарга уһуйуллубутум. Дьэ, ол кэнниттэн арааһы барытын оҥорон саҕалаабытым да, соччо астыммат этим. Атыттартан олох уратыны оҥоруохпун баҕарарым. Ону таайбыт курдук биир үтүө күн дьүөгэбэр ыалдьыттыы олорон, туоһунан оҥоһуллубут хаппахтаах тууйас турарын көрөммүн дьүөгэбиттэн: “хата, маннык курдук боһуоннаах хаппар оҥордохпуна тутуоҥ этэ дуо?” диэн ыйыппыппар, киһим: “тутан бөҕө буоллаҕа дии” диэбитэ. Онтон кынаттанаммын хас эмэ ыйы быһа үлэлээммин, тууйаска майгынныыр араас быһыылаах-таһаалаах хаппардары оҥорон таһаарбытым. Бастаан оһуора суох оҥорор этим, онтон баттатан түһэрии, уотунан быһа сиэтии ньымаларын баһылааммын, туоска майгыннатан оҥоро сатыыр буолбутум. Муҥутуур үчүгэй оҥоһуулаах, хаачыстыбалаах буолуохтарын баҕарабын эрээри, бакаа, оннукка тиийэ иликпин дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, сарсыарда түһэрбит оһуорум эбиэт кэннэ оҥорбуппунааҕар быдан атын буолан тахсар. Эбэтэр сыыһа суоттанаммын саҥаттаан оҥорорго күһэллээччибин. Ол да буоллар, үөрүйэхтэнэммин иннин ылан эрэбин.
Оттон туттар матырыйаалым туһунан кэпсиир буоллахха, кырааската суох (кожа растительного дубления) тириинэн үлэлиибин. Инньэ гынан, ханнык баҕар өҥүнэн кырааскалыахпын уонна бу эрэ тириигэ араас ойууну-бичиги баттатан түһэриэхпин сөп.
Дэтээллэрэ быһыллыбытын кэннэ оһуор түһэрэрбэр булгуччу сиигирдэбин. Оччоҕо тирии батары саайбыт сирбинэн суолун ылар уонна куурдаҕына ону тутан хаалар.
Сырыы-аайы саҥаттан-саҥаны оҥоруохпун, айыахпын баҕарабын. Билиҥҥи туругунан мин эрэ маннык быһыылаах, истииллээх хаппарады оҥоробун быһыылаах. Хас биирдии үлэбин бүтэрэн баран, олорон эрэ тутан-хабан көрөбүн уонна “ама, бу мин оҥордум дуо?” диэммин испэр сэмээр астынабын, дуоһуйабын.
Венера Охлопкова