Рубрика: Ийэ муннуга
Ас бэриһиннэрии. Оҕону ымсыы буолбат гына эрдэттэн үөрэтэллэр. Оннук үөрэтии баччыы-бачча буол диэн ааттанар. Оҕоҕо ас биэрэн баран ытыс тоһуйан ас көрдүүллэр. Оҕо аһын биэрдэҕинэ кыратык эмти тутан ылан баран аһы оҕоҕо төннөрөллөр. Ол эмти туппуттарын үөһэ ууна-ууна: “Баччыы-бачча буол” диэн алгыыллар. Ити кэнниттэн астарын бэрт минньигэстик сиэн кэбиһэллэр.
Көмүскүү үөрэтимэ. Оҕо бэрт кыратыттан үҥсэ үөрэнэр. Кини үҥсэрин мэлдьи болҕойон, аһынан иһэр буоллахха, кыраны да ийэтигэр, аҕатыгар этэр идэлэнэр. Итини мэлдьи биһириир сатаммат. Кырдьаҕастар: “Хайа, оҕоҥ улаатан туспа киһи буолуо дии, хайаан куруук көмүскүү сылдьаары гынаҕын” – дииллэр.
Үөрдэ үөрэт. Оҕо минньигэс аһы аһаатаҕына, үчүгэй таҥаһы таҥыннаҕына, күүлэйдии бардаҕына үөрэр идэлээх. Кыра оҕо үөрдэҕинэ өрүтэ ыстаҥалыыр, улааппыт оҕо үҥкүүлүүр, ытыһын таһынар. Оҕо үөрэрин биһириир, тэҥҥэ үөрэр наада, кини оччоҕо үөрүнньэҥ, амарах киһи буола улаатар.
Киһиэхэ силлэтимэ. Оҕо балачча кыратыттан силлиир кыахтаах. Кыыһырдаҕына, сөбүлээбэтэҕинэ силлиирин билэр. Оҕоҕо бу идэ иҥмэтин туһугар силлиирин бобо үөрэтэллэр. Оҕо силлээтэҕинэ уоһун эрийээри гыналлар.
Көрдөтө үөрэт. Оҕо барыта көрдөөһүннээх оонньууну олус сөбүлүүр. Маннык оонньуу киниэхэ толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар. Ол иһин ол-бу кыра малы “сүтэрэн” була үөрэтэллэр.
“Ыал Бии Билиитэ” кинигэттэн ылылынна