Рубрика: Кэрэ сэбэрэ
Маргарита Максимова — идэтинэн психолог, сүрүн үлэтэ парикмахер-визажист. Москва куоракка тэриллэн үлэлиир “ME” диэн кэрэ сэбэрэ устуудьуйа хаһаайката.90-с сылларга аатыра сылдьыбыт “MAXIMA” бөлөх солискаларыттан биирдэстэрэ. Бэйэни көрүнүү, сэбэрэҕэ аныгы кэм ирдэбиллэрин, биллиилээх дьон майгыларын уонна бэйэҕэ таптал туһунан кэпсэтиини ааҕаргытыгар ыҥырабын.
Маргарита, бастаан хайдах кэрэ сэбэрэ эйгэтигэр киирбитин туһунан кэпсээ эрэ.
– Макияж, прическа киһини олус тупсарарын оҕо эрдэхпиттэн эдьиийдэрбин көрөн билэр этим. Косметиканы тутта үөрүйэхпит сыанаҕа тахсарбытыгар олус көмөлөһөрө. Бастаан дьүөгэлэрим, аймахтарым баттахтарын оҥорор этим. Кэнники устудьуоннуу сылдьан бииргэ үөрэнэр кыргыттарбар макияж оҥорор буолбутум. Университеты бүтэрэн бараммын идэбинэн үлэлии барбатаҕым, бэйэм идэм— психолог. Олохпор уопут наада диэн буолбута. Улахан, элбэх коллективтаах тэрилтэҕэ киирбитим. Бу кэмҥэ сирэйдэрин-харахтарын, баттахтарын оҥотторооччулар элбээн испиттэрэ. 2016 сыл бүтүүтэ эдьиийим Варя: “Салон арыйан эрэбин, онно миигин кытта үлэлиэҥ дуо?” — диэн этии киллэрбитин быһа гыммакка сөбүлэспитим. Итинтэн саҕалаан билиҥҥи эйгэбин үчүгэйдик үөрэтэн, дьаныардаахтык ылсаммын, үлэлээн барбытым.
Москваҕа билигин ханна үлэлиигин, биллиилээх «сулустары» кытта алтыһарын туһунан истэбит. Кимнээҕи билэҕин?
– Былырыын сэтинньи ыйга Москва куоракка “ME” диэн бэйэм устуудьуйабын арыйбытым. Ол иннинэ Тимати кыттыһыктаах “13 Beauty by Black Star”диэн салоҥҥа үлэлээбитим. Эдэр сулустартан биллиилээх модель, 2012 сыллаахха Россияҕа иккис вице-мисс буолбут Алена Шишковалыын, Клава Кокалыын, Амчи — Артём Амчиславскай диэн ырыаһыттары кытта ыкса үлэлээбитим. Ону таһынан Ирина Нельсоны, Митя Фомины, Ирина Салтыкова кыыһын Алиса Салтыкованы, Сати Казанованы, Лена Катинаны (“Тату”), Карина Коксу (“Сливки”), Марк Тишманы, онтон да атын биллэр-көстөр ырыаһыттары, блогердары кытта үлэлэспитим. Леонид Якубовиһы Дьокуускайга буолбут лотереяны ыыта тахсарыгар бэлэмнээбитим. Муз-ТВ кэнсиэригэр үлэлээбитим…
Хайдахтарый Арассыыйа «сулустара»?
– Эмиэ да судургу курдуктар, эмиэ да олус атын дьон. Бары бэйэ-бэйэлэриттэн туох эрэ уратылаахтар уонна олус үлэһиттэр, инникигэ тардыһыылара күүстээх. Көрөөччүлэригэр, дьоҥҥо олус элбэх энергияларын биэрэллэр. Ол иһин бэйэлэрин тас көстүүлэригэр улахан болҕомто уураллар. Сорох ардыгар, баҕарбыттарын курдук табыллыбатаҕына үлэлэлэһэр хамаандаларыгар холуоннук сыһыаннаһыахтарын сөп. Сорохтор олус судургулар, эйэҕэстэр уонна истиҥнэр. Сүрүннээн үгүстэрэ көрсүө-сэмэй майгылаахтар.
Билиҥҥи олоххун ситиһии дии саныыгын дуо?
– Билиҥҥи үлэбин ситиһии дии санаабаппын. Баҕар үс сыл анараа өттүгэр оннук диэхпин сөп эбитэ буолуо. Бу— саҕалааһын эрэ. Өскөтүн мин кэлэр кэнэҕэски көлүөнэ сайдыытыгар, бэйэм дойдубар туһалаах кылааппын киллэрдэхпинэ, хайаатар да харчынан буолбатах, ол — ситиһии буолуоҕа. Барыта иннибэр.
Кэрэ буолуу индустрията кэнники сылларга, биһиэхэ Саха сиригэр да, олус сайынна. Туох уларыйыылар, саҥаны киллэриилэр баалларый?
– Кэрэҕэ тардыһыы тохтообот, сайдан иһэр. Билигин айылҕаттан бэриллибит кэрэни көрдөрүү муодаҕа киирдэ. Макияж биллибэт гына оҥоһуллуохтаах, киһи тус бэйэтин уратытын бэлиэтиирин эрэ курдук. Билиҥҥи кэмҥэ тус бэйэтин уратытын көрдөрөр киһи уобараһа муодаҕа киирдэ. Кыбыстыбакка, хайдах бааргынан сылдьыы, бэйэҥ билэргинэн таҥныы, сөбүлүүр идэҕинэн дьарыктаныы олус биһирэнэр буолла.
Кэрэ диэн эн хайдах киһини этиэҥ этэй?
– Үс кутун барытын сайыннарбыт киһи дьоллоох буолар. Оттон дьоллоох киһи бэйэтигэр дьону тардар ураты күүстэнэр. Хас биирдии дьахтар ураты кэрэ, өскөтүн кини онно итэҕэйэр уонна бэйэтин тупсарыыга үлэлэһэр буоллаҕына. Киһи таптыыр дьыалатынан дьарыктанар, сөбүлүүр үлэтигэр үлэлиир кэмигэр кини дьоллоох, ол иһин кыраһыабай буолар. Хас биирдии дьоллоох киһи кыраһыабай.
Сорох дьон этэллэр: “Дьахтар баттаҕа, тииһэ уонна сирэйин туруга үчүгэй буолуохтаах, ол аата кини кыраһыабай”, — диэн. Эн туох дии саныыгын?
– Оруннаах этии. Бу — киһи доруобуйатын туругун көрдөрөр. Мин киһини дьиэни кытта холуубун. Дьиэни куруутун көрө-истэ, сууйа-сото, өрөмүөннүү сырыттахха өр саҥатынан турар, үйэтэ уһуур. Бу курдук киһи бэйэтин этин-сиинин эмиэ көрө-истэ, бүөбэйдии сылдьыахтаах. Эппит-сииммит биһиги дууһабыт дьиэтэ, уйата буолар.
Маргарита, ааҕааччыларбытыгар эбии тугу этиэҥ, сүбэлиэҥ этэй?
– Маннык өйдөбүл баар: иннибитигэр биһиги олохпут салҕыыта баар диэн. Ол аата хас биирдии киһи олоххо оҥоро кэлбит соруга — өбүгэтин үгэһин инники көлүөнэҕэ тупсаран, чиҥэтэн, ситэрэн-хоторон тиэрдии, удьуор утумун салҕааһын. Оччоҕо инникилэригэр эрэли хаалларыахтаахпыт. Уйгулаах олоҕу. Хайаатар да үбү-харчыны, баайы-дуолу буолбатах. Дьиэ кэргэн сыаннастарын, үөрүйэхтэрбитин, олоххо көрүүлэрбитин… Билиҥҥи кэмҥэ мин маннык көрүүлэрдээхпин.
Маргаритаҕа истиҥ кэпсээниҥ иһин махтанабыт уонна бу кэпсэтиини sakhapechat.ru сайтыгар толору ааҕаргытыгар ыҥырабын.
Юлия ПЕСТРЯКОВА