Рубрика: Кэрэ сэбэрэ
Сахалыы ойууну-мандары, өбүгэбит ииһин үгэһин өрө тутан дьоҥҥо-сэргэҕэ анаан иистэнэр «Оһуордаах Таатта» диэн Марианна Степанова иилиир-салайар айар мастарыскыайын билиһиннэрэбит. Марианна Вячеславовна ураты буочардаах, саҥалыы суоллаах-иистээх дьоҕус кэллэктииптээх эрээри, дьоһун соруктаах айар-тутар үлэтин туһунан үллэстэр.
— «Оһуордаах Таатта» айар мастарыскыай 2015 сылга үлэтин саҕалаабыта. Маҥнайгы үлэбит —түү киллэһиктээх моойго кэтэр киэргэл этэ. Боруобаҕа биэс устууканы оҥорбуппут. Оччолорго «Инстаграмҥа» сирэйбит суоҕа, ол иһин ырыаһыт Дария Лаврова биһиги үлэлэрбитин олус үчүгэйдик рекламалаан, дьон-сэргэ билэн үлэхтэр хамаҕатык киирэн барбыттара. Маҥнай «Дьиэ кэргэн айар кыһата» диэн ааттаабыппыт.
Тоҕо диэтэххэ, манна ийэм Дунья Николаевна Андросова, бииргэ төрөөбүт эдьиийим Таатта оройуоннааҕы балыыһатыгар акушерканан үлэлиир Татьяна Васильевна Товарова, кийииппит Алектина Товарова, сиэн кыыспыт Машенька, оҕом Айта буоламмыт таһаарыылаахтык саҕалаабыппыт. Сыыйа-баайа дьүөгэлэрим Вера Павлова кыыһынаан Лиялыын, кийиитинээн Наташа Козловалыын, онтон биир дьүөгэм Аксинья Павлова кыыһынаан Женечкалыын иистэнэн киирэн барбыппыт. Араас моһуоннаах, ойуулаах-дьарҕаалаах моойго кэтэр түүлээх кольелар оҥоһуллубуттара.
Итинник үлэлии сылдьан кыралаан хаппардары тигэн саҕалаабыппыт. Сүрүн үлэлэрбит оҕуруонан оһуорданан, киэргэтиллэн оҥоһуллар буоланнар мастарыскыайбытын «Оһуордаах Таатта» диэн ааттаабыппыт. Хас биирдии оҥоһукпут оһуора-мандара бүүс-бүтүннүү иистэнньэҥ төрүт үгэскэ олоҕуран туран бэйэтэ айбыт-туппут ойуута-бичигэ, буо-чара буолар.
«Ойуу тыла — Айыы тыла» диэн Борис Федорович Неустроев – Мандар Уус этэр санаатыгар сөп түбэһиннэрэн үлэлиибит, айабыт, иистэнэбит. Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин, иистэнэр ньымаларын эппитигэр-хааммытыгар иҥэрэн, өйбүтүгэр-санаабытыгар илдьэ сылдьан туһанабыт. Сахалыы таҥастары, халадаайдары төрүт үгэскэ олоҕуран бэйэбит ураты буочарбытын киллэрэн, аныгылыы моһуоннаан айабыт.
Юлия ПЕСТРЯКОВА