Рубрика: Сандалы

04/01/2024 г.

Арааһа элбэх: хаппыт үрүмэ, чаччыкы, көбүөр, бөһүүккэ, хатта, түппэх… Мин эбэм хатта үрүмэтин астыыра. Икки улахан чугуун хобордооххо эрдэ оргутан бэлэмнээбит үүтүн кутан, мөлтөх уокка уурар. Үүт сылыйан барыыта араҕас үрүмэнэн бүрүллэр. Оччоҕо кытыы тардан сойутар уонна сэрэнэн үрүмэтин хастыыр. Чап-чараас үрүмэни ытык маһыгар ыйаан хатарар. Оннук балаччаны мунньан баран биир биир остуолга тэлгээн хойдон эрэр ууллубут ынах арыытынан биһэр. Ол үрдүгэр иккиһи, үсүһү ууран хаттыгастаан иһэр. Сөп буолла диэтэҕинэ, ол, балачча халыҥаабыт үрүмэтин суулуур (рулет курдук) уонна оҥкучахха уган сойутар. Онтон киллэрэн бысталыыр уонна остуолга уурар. Ол минньигэстэн минньигэс хатта үрүмэ остуол мааны аһа буолар. Арыылаах үрүмэни элбэҕи сиэбэккин, куртаҕын ыалдьыан сөп. Минньигэстик аһааҥ!