Рубрика: Сир уоҕа

10/02/2024 г.

Тыынар уорган тымныйыытыгар, үрдүк температуураны түһэрэргэ чэй оҥостон иһиллэр. Хааны тохтоторго, хааны ыраастыырга, диабекка, ис үөһүрдэҕинэ эмиэ туһаныллар. Ону таһынан сүрэх, тымыр ыарыытыгар, инфарктаабыт, инсууллаабыт дьоҥҥо, хаан үрдүк баттааһыныгар туһата улахан. Биэ эмиийин сүмэтинэн куртах баастаах, быардара, бүөрдэрэ, хабахтара ыалдьар дьон эмтэнэллэр. Аһыыр баҕаны көбүтэргэ, куртах, оһоҕос үлэтин тупсарарга, сэбирдэҕин эбэтэр аһын көөнньөһүгүн иһиллэр.

Өр кэмҥэ арыгы испит дьоҥҥо арыгыттан босхолонууларыгар туһалааҕа биллэр.

Малина үүнээйилэрэ сибиэһэй, тоҥоруллубут курдук туһаналлар эбэтэр варялары, тимири, мармелады, соколу бэлэмнииргэ туһаналлар. Малина арыгылара, наливкалара, ностойкалара, ликердэрэ үрдүк хаачыстыбалаах буолуохтаахтар.

Норуот медицинэтигэр тымныйыыга, гриппкэ туһаланаллар.

Сэбирдэхтэрэ чэйи солбуйар кыахтаахтар. Сэбирдэхтэрин хомуйаллар, ол кэннэ оһоххо хатараллар.

  • К. Токумова, П. Токумов, Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ. Дь., Бичик. 2008.