Рубрика: Сандалы
Билиҥҥи үйэҕэ эгэлгэ минньигэс аһылыгы хамаҕатык атыылыыр буоллулар. «Бэлэм» минньигэс ас киһи доруобуйатыгар туһаны оҥоруохтааҕар буортулаах, ыарахан сыаналаах буолуон сөп. Дьиэ кэргэҥҥин минньигэс, иҥэмтэлээх аһынан күндүлүөххүн баҕарар буоллаххына, фрукта арааһыттан барыанньата оҥор. «Сандалы» рубрика ыалдьыта эргиччи талааннаах эдэркээн ийэ Маша Таркаева. Кини: «Тымныы кыһын кэнниттэн киһи этэ–хаана битэмииннээх аска наадыйар, ол иһин фруктаттан барыанньа астыыбын»,- диэн кэпсээнин саҕалаата.
– Идэбинэн дизайнер-графикпын. Билигин кырачаан оҕолорбун көрөн олоробун. «Олоробун» диэн тыл мин балаһыанньабар соччо сөп түбэспэтэ буолуо. Сибэкки кэриэтэ нарын-намчы кыргыттарбын иитэбин, иистэнэбин, скрапбукинынан, декупаһынан, аһы-үөлү хаартыскаҕа түһэриинэн, графическай дизайнынан дьарыктанабын. Күн иллэҥ сылдьарбын сөбүлээбэппин. Мин санаабар, аныгы ийэ барыны бары сатыахтаах. Ону таһынан, астыырбын туохтааҕар да ордоробун. Кэргэммин, кырачааннарбын минньигэс, тотоойу аһылыгынан эрэ буолбакка, иҥэмтэлээх аһылыгынан хааччыйабын.
Сахалар тымныы сиргэ олорор буоламмыт күһүөрү отон арааһын барыанньалаан, оҕуруот аһын, тэллэйи тууһаан кыһыҥҥыга иҥэмтэлээх ас арааһын бэлэмниибит. Саас киһи этэ-сиинэ иҥэмтэлээх аска наадыйара күүһүрэр. Хаһааммыт соҕотуопка сааска тиийбэккэ бүтэр түгэнигэр, фруктаттан барыанньа арааһын оҥоруохха сөп. Судургу, ол эрээри иҥэмтэлээх барыанньа ырысыабын сурунаал ааҕааччыларын кытта үллэстэбин, туһаныаххыт диэн эрэнэбин.
Апельсиннаах конфи
Конфи диэн французтуу тыл. Туруору тылбаастаатахха «бэлэмнээ» диэн. Орто үйэҕэ саахары кытта буспут фруктаны конфи диэн ааттыыллара. Мантан конфитюр, кэмпиэт диэн тыллар тахсыбыттара.
4 апельсин;
2 л уу;
1,5 кг саахар.
Бөдөҥ апельсиннары кичэйэн сууй. Хахтаах өлүүлэргэ быс. Сиэмэтин ичигэстээ, маарылаҕа суулаа. Апельсин өлүүскэлэригэр тымныы ууну кут, сууламмыт сиэмэни уур уонна 40 мүнүүтэ орто уокка буһар. Нөҥүө күнүгэр апельсиннаах ууну ыйааһыннаа уонна оччо саахары кут (апельсин буһар иһитин эрдэ кураанахтыы ыйааһыннаа уонна иһит ыйааһынын ылан кэбис). Сууламмыт сиэмэни хостоо уонна 40 мүнүүтэ хат буһар. Сироп бу бириэмэҕэ хойдуохтаах, хойдубатаҕына өссө кыратык тэптэрэ түс. Ол эрээри, сироп хойдубутун итиитигэр быһаарар уустук, ол иһин апельсин хаҕын көрөбүн. Өскөтүн хах дьэҥкир буоллаҕына, сироп бэлэм.
Банааннаах барыанньа
Бу олус судургу, түргэн уонна олус минньигэс ырысыап. Саамай сүрүнэ – илдьи буһарыма.
3 банан;
300 гр саахар;
100 мл уу;
Ч.нь. төбөтүгэр лимон кислотата.
Уу оргуйбутун кэннэ саахары кутан ууллар. Сиропка кырбастаммыт бананы кут уонна бытаан уокка буһар. Буһара туран лимон уутун, биитэр лимон кислотатын кут, оччоҕуна барыанньа олус минньигэс буолуо суоҕа. Банан илдьирийэ илигинэ уоттан ыл. Бэлэм барыанньаны иһиттэргэ кут.
Дьаабылыкалаах барыанньа
Бу ырысыабы үгүскүт билэрэ буолуо. Сүрүн ырысыаптан атына диэн дьаабылыканы теркаҕа ньыһыйбакка кырбастаан буһарабын, оччоҕуна минньигэс эрэ буолбакка, көстүүтэ кытары тупсаҕай буолар.
1 кг дьаабылыка;
300 гр саахар.
Дьаабылыканы уһун синньигэс гына кырбаа, үрдүгэр саахары кут, отон уутун таһаарыар диэри сытыар. Ол кэннэ мөлтөх уокка оргуйбутун кэннэ булкуйа-булкуйа 10-15 мүнүүтэ буһар. Барыанньа бэлэм.
Грушалаах джем
Бу джем барыанньатааҕар хойуу, желетааҕар убаҕас буолар. Сымнаҕас суортаах грушаны туһанар ордук, оччоҕуна груша ууланар уонна үчүгэй сыттаах буолар.
1 кг груша;
300 гр саахар;
150 мл уу;
1 ч.нь. лимон кислотата.
Сууйуллубут грушаны хаҕыттан ыраастаа, сиэмэтин ылҕаа, кырбастаа. Хаҕын уонна сиэмэтин холбоо, тымныы ууну кут, оргут. Оргуйбутун кэннэ 10 мүнүүтэ буһар. Сиидэлээн баран 100 г ууну грушаҕа кут. Грушаны мөлтөх уокка 25-35 мүнүүтэ буһар. Саахары кут, хойдуор диэри өссө 30 мүнүүтэ буһар. Лимон кислотатын кут, уоттан ыл. Ыраас бааҥкаларга кутан баран эргитэ тут, сойуор диэри суулаа.
Анна ПАВЛОВА-ТАРАБУКИНА