Рубрика: Айар кут
Тохсунньу 12 күнүгэр «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтин сүбэтин кытта көрсүһүү буолан ааста. Мунньаҕы бас эрэдээктэр Гаврил Андросов иилээн-саҕалаан ыытта.
«Ааспыт сылга дьоҕус коллектив холугар улахан үлэ оҥоһулунна. Бу бырайыактары «норуот бырайыактара» диэн сүрэхтиэххэ сөп. Барыта сурунаал үлэһиттэрин тус көҕүлээһиннэринэн ыытылынна уонна бииргэ үлэлэһэр доҕотторбут көмөлөрүнэн ситиһилиннэ», – диэн бэлиэтиир Гаврил Гаврильевич.
Былырыыҥҥы улахан бырайыактарынан сахалыы тыллаах кырдьаҕас сурунаал бас эрэдээктэрэ Тааттаҕа, Хаҥаласка, Аммаҕа, Намҥа, Горнайга буолбут норуот суруйааччыта Баһылай Харысхал «Ааспыт кэм аартыктарынан» документальнай романынан ааҕааччы конференциятын тиһиктэрин уонна Дьокуускайга, Чурапчыга, Тааттаҕа, Аммаҕа, Уус Алдаҥҥа ыытыллыбыт «Чолбон өй күрэһэ» оонньууну аатталаата. Ол курдук, бу тэрээһиннэргэ хас эмэ сүүһүнэн оҕо, ыччат, орто уонна аҕам саастаах дьону хаппыттар. Аммаҕа, Уус Алдаҥҥа сурунаал күннэрэ буолуталаабыттар, Тааттаҕа П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан «Үргэл сулус куорсуннара» өрөспүүбүлүкэтээҕи айар дьон фестивалын тэрийсибиттэр, үһүс төгүлүн В.Н. Протодьяконов кэриэһигэр уус-уран литература кириитикэтигэр сабыылаах күрэһэ ыытыллыбыт. Итиэннэ, бас эрэдээктэр Саха сирин бары улуустарынан тайаан сытар «Сахабэчээт» тэрилтэ үлэһиттэригэр аналлаах «Тирэх тылдьыт» оҥоһуллуутугар эрэдээксийэ төһүү күүс буолбутун киэн тутта аҕынна.
Ону сэргэ бу сылга эрэдээксийэ иннигэр туох сыал-сорук турарын билиһиннэрдэ. Холобура, Россияҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларыгар аналлаах «Оҕоҕун кытта аах» бырайыак чэрчитинэн саха классик суруйааччыларын оҕоҕо аналлаах айымньылара сурунаалга бэчээттэнэллэрин сэргэ, ол айымньылар аудиоверсиялара подкаст быһыытынан тахсыахтара.
Эппиэттиир сэкирэтээр Туйаара Павлова сурунаал ис хоһоонун, үлэтин-хамнаһын сырдатар уонна уус-уран литератураны тарҕатар үлэ ВК, Телеграмм уонна Ватсап социальнай ситимнэр уонна cholbon.online электроннай архыып-сайт нөҥүө хайдах барарын билиһиннэрдэ. Былырыын подкаст быһыытынан сурунаалга тахсыбыт айымньылар, ыстатыйалар аудио көрүҥнэрэ оҥоһуллар буолбуттарын кэпсээтэ. Ол курдук, Суорун Омоллоон, Семен Никифоров, Николай Лугинов, Егор Картузов-Чоруун, Римма Корякина-Хотууна, Наталья Рязанская суруйуулара уһуллубуттар.
Эрэдээксийэ сүбэтин сылын ахсын дьүүллэһэр сүрүн боппуруоһунан Алампа Софронов аатынан «Бастакы эрэдээктэр бириэмийэтин» лауреаттарын быһаарыы буолбута бэһис сылыгар барда. Бу сурунаал үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын-кыайыытын тэҥҥэ үллэстэр уопсастыбаннай уорган тоҕус чилиэниттэн сэттэтэ бастыҥнары быһаарар куоластааһыҥҥа кытынна (ол иһигэр икки киһи кэтэхтэн).
2023 сыл түмүгүнэн Алампа Софронов аатынан «Бастакы эрэдээктэр бириэмийэтин» лауреаттара:
ПОЭЗИЯҔА «Үргэр үрүҥ хоһооммор ахтылҕаҥҥын тохпуккун…» хоһоон бөлөҕүн иһин «Алта» кинигэ кыһатын салайааччы, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ ЗИНАИДА АРХИПОВА (Дьокуускай);
ПРОЗАҔА «Дьолго дьулуһар буоллахха» роман бастакы кинигэтин иһин Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ СЕМЕН МАИСОВ (Бүлүү);
УУС-УРАН КИРИИТИКЭҔЭ «Куйаар кыыһа. Зинаида Архипова поэзиятыгар бэлиэтээһиннэр», «Далан “Тулаайах оҕо”, “Тыгын Дархан” романнарын уус-уран далааһына» ыстатыйаларын иһин Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын институтун наукаҕа аҕа үлэһитэ, филология наукатын кандидата САРГЫЛААНА НОЕВА (Дьокуускай) уонна «Далан – саха сээркээн сэһэнньитэ», «Кыларыйар кылаан кырдьыктаах», «Будьурхай үөт ахтылҕана» ыстатыйаларын иһин «Мандар Уус» саха омук олоҕун-дьаһаҕын кэлим музейын үлэһитэ ОЛЬГА МАКАРОВА (Таатта);
БАСТЫҤ ПАРТНЕР анал ааты Баһылай Харысхал «Ааспыт кэм аартыктарынан» документальнай романынан ааҕааччы конференциятын тиһигин тэрийсибитин иһин Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы АФАНАСИЙ ВЛАДИМИРОВ.
Эрэдээксийэ сүбэтин чилиэнэ, субу соторутааҕыта Хаҥалас улууһун ытык киһитин аатын сүкпүт прозаик Анна Варламова-Айысхаана: «Сурунаал 100 сылын көрсө элбэх ахтыы хомуллар, матырыйаалы түмэр үлэ эһиги иннигитигэр турар», – диэн 2026 сыллаахха «Чолбон» сурунаал төрүттэммитэ биир үйэлээх кирбии кэмэ кэлэрин санатан туран, бу дьоһун үлэҕэ көмөлөһөргө бэлэмин биллэрдэ.
Онуоха, бас эрэдээктэр Гаврил Андросов бэтэрээн үлэһитин бачыымыгар махтанан туран эрэдээксийэ 100 сыллаах үбүлүөйүн торумнуу сылдьарын эттэ уонна сурунаал иһинэн бэлэмниир хамыыһыйаны тэрийэн үлэни быйылгыттан саҕалыырын биллэрдэ.
«Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ