Дөлүһүөн кураанах, күн көрөр сиригэр, тыа саҕатыгар, сэндэҥэ сирдэргэ, талах ыырга эҥин үүнэр. Түргэнник тэнийэр. Дөлүһүөнү сиппитин кэннэ, арыый кытаанах эрдэҕинэ хомуйан хатараллар. Хойукку күһүн сымнаатаҕына үргээн барыанньа, утах сиробун астыыллар. Дөлүһүөн битэмиин хаата. С, В, Р, К, А, Е битэмииннэринэн баай. Сэбирдэҕэ, отоно, уга, силиһэ барыта туһалаах. Ордук битэмиин тиийбэт буоллаҕына, үөс туоллаҕына, быар ыарыйдаҕына туһалыыр. Куртах аһыыта аҕыйаатаҕына, сис үөһэ ситэригэр, куртах бааһырдаҕына тутталлар. Дөлүһүөн уҥуох тоһуннаҕына, доруобуйа мөлтөөтөҕүнэ, аһаҕас бааһы оһорорго олус көмөлөһөр. Бэл, отоно аҕылыыр (астма) ыарыытын эмтиир эмкэ киирсэр. Өссө да муҥура суох элбэх туһалаах. Ол, эрээри олус үлүһүйэр сэрэхтээх, хойууну хатарар уонна саахары таһаарыан сөп.

Далбар Хотун сурунаал